Оҕо дьон ортотугар сөпкө тутта-хапта, алтыһа сылдьара, бэйэтин дьайыытын сатаан салайынара, эппиэтинэһи сүгэрэ, сөпкө сыаналанар киһи буола улаатан тахсара дьиэ кэргэнтэн быһаччы тутулуктаах. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн дьон ортотугар сылдьыы 10 сүрүн үөрүйэҕин төрөппүттэр хас биирдии оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэрэн улаатыннарыахтаахтар.
Ылсыы-бэрсии
Сорох оҕо бэйэмсэх буолар. Бэрсэллэрин сөбүлээбэттэр, төрөппүттэрин бырааттарыгар, балтыларыгар күнүүлүүллэр. Кинилэр эрэ баалларын курдук саныыллар. Төрөппүттэр оҕону ылсарга-бэрсэргэ үөрэтиэх тустаахтар.
Истэ үөрэнии
Үгүс оҕо саҥарар киһини сатаан истибэт, быһа түһэр идэлээх. Бу куһаҕан иитии, киһини убаастаабат, бэйэни сатаан туттунуу сиэрин тутуспат буолуу көстүүтэ. Маннык буолуу сатамматын оҕоҕо кыратыттан өйдөппөтөххө, хомойуох иһин, бу үөрүйэҕин улаатан да баран тута сылдьар буолар.
Аһыныгас буолуу
Бу үөрүйэх инники этиллибит, кэпсэтэ турар киһигин истэ үөрэниини кытта ситимнээх. Киһини сатаан истэр эрэ киһи атын киһини өйдүөн, бэйэтин кини оннугар туруоран көрүөн, үтүө тылынан уоскутуон, өйүөн сөп.
Кыраныыссаны тутуһуу
Сорох оҕо бэйэтин эрэ баҕатын билинэр, төрөппүттэрин, атын дьону өйдүү барбат. Холобур, төрөппүттэрэ үлэ кэннэ сылайан кэлбиттэрин, эбэтэр ыалдьыбыт табаарыһа оонньуу кэлбэтэҕин өйдөөбөт, өһүргэнэр, ыарыылаахтык ылынар. Оҕоҕо атын дьон «суох» диирин өһүргэммэккэ сөпкө ылына үөрэнэрин быһааран өйдөтүллүөхтээх.
Эйэҕэс буолуу
Дьон ортотугар бэйэни туттунуу оҕо эрдэхтэн иҥэриллэр. Бу мантан тулалыыр дьон киһиэхэ сыһыана улахан тутулуктаах. Онон оҕону кыратыттан дорооболоһорго, махтанарга, ааны тутан, миэстэни туран биэрэргэ, сыыстаҕына бырастыы гыннарарга үөрэтиллиэхтээх.
Салайар ыйыылары (инструкцияны) тутуһуу
Ардыгар киһи доруобуйата, олоҕо салайар ыйыылары төһө өйдөөбүтүттэн тутулуктаах буолар. Холобур, төрөппүт оҕотугар уотунан оонньообот, итииттэн сэрэхтээх, тымныыга бэргэһэни устубат буоларга такайар. Оттон улааттаҕына салайааччы дьаһалын истиэҕэ, ыарыйдаҕына быраас анаабытынан эмтэниэҕэ турдаҕа.
Бииргэ сүбэлэһэн үлэлээһин
Оҕону кыратыттан хамаандаҕа бииргэ үлэлииргэ үөрэтэр сөптөөх. Сүбэлэһии, сөбүлэһии, компромиска барыы үөрүйэхтэрэ студенныы бардаҕына сессиятын, үлэҕэ киирэригэр собеседованиены ааһарыгар, үлэһит буоллаҕына карьератын үрдэтэригэр, тус олоҕун оҥосторугар олус туһалыахтара.
Тулуурдаах буолуу
Бу үөрүйэх, хомойуох иһин, сорох улахан дьоҥҥо эмиэ суох буолар. Күүтэри сөбүлээбэккэ барытын тута баар гына охсуохтарын баҕараллар, кыыһыраллар, бэйэлэрин туттумматтар. Оҕону тулуурдаах буоларга кыратыттан үөрэтэр ордук.
Үтүөнү баҕарыы
Кыыһыра, ордугургуу сылдьыахтааҕар дьоҥҥо эйэҕэс сыһыан, үтүөнү баҕарыы олоххо ситиһиилээх буоларга ордук туһалаах. Төрөппүттэр маны оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн быһааран өйдөтүөхтээхтэр, доҕотторун кытта эйэҕэс сыһыаҥҥа иитиэхтээхтэр.
Кыһалҕаны быһаарыы
Төрөппүттэр оҕолорун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа бэйэтин кыра кыһалҕаларын быһаарынарыгар, үөскээбит мэһэйдэри ааһарыгар сэмээр үөрэтиэхтээхтэр. Улахан киһи өйөбүлэ эмиэ наада буолара өйдөнүллэр. Эрээри оҕо үөскээбит кыһалҕатын өйдөөн, ону хайдах бэйэтэ быһаарынарын толкуйдуу үөрэнэрэ олус туһалаах.
Бэлэмнээтэ Татьяна ЯКОВЛЕВА,
Сунтаардааҕы В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуола
социальнай педагога.