Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, биһиги улууспутугар нэһилиэктэринэн сылдьан мобильнай биригээдэ үлэлиир. Бу биригээдэ сылын аайы улуус үгүс нэһилиэгэр диспансеризацияны барыахтаах дьону, ону таһынан 18-тан үөһээ саастаахтарга профосмотр ыыталлар, анаалыс ылаллар. Ону сэргэ биригээдэ улуус киинигэр анал аахсыйа ыытан, микроройуоннарынан дьон доруобуйатын көрөрүн олохтоохтор сэргииллэр, маннык тэрээһиннэр туһалаахтарын бэлиэтииллэр.
Быйыл мобильнай биригээдэ уонтан тахса нэһилиэккэ сырытта. Ону сэргэ сайаапкаласпыт тэрилтэлэргэ баран эмиэ үлэлээтэ. Онон бу икки ыйга уопсайа 400-чэ киһи көрдөрдө, 1800-чэ анаалыс оҥоһулунна. Бүгүн, олунньу 26 күнүгэр, мобильнай биригээдэ Толоон нэһилиэгэр тахсан үлэлээтэ. Олохтоохтор доруобуйаны кэтээн көрөр маннык өҥө баарыттан астыналлар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат