Көҥүл-босхо барбыт, көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар, дьэллик ыт эмиэ элбээтэ. Бу кыһалҕа төрүөтэ туохтан тахсарын, бары да билэн эрдэхпит. Биллэн турар, дьон дьалаҕай сыһыаныттан, ыты иитэ ылан баран сөптөөхтүк көрбөт, харайбат буолууларыттан тахсар. Уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттар оҕолорго уонна аҕам саастаах дьоҥҥо ордук кутталлаахтар.
Аҕыйах хонуктааҕыта, Чульмаҥҥа буолбут быһылаан дойду үрдүнэн тилийэ көттө, дьон-сэргэ курутуйа айманна. Дьэллик сылдьар ыттар кыһалҕалара улахан айдаан, быһылаан таҕыстаҕына эрэ быһаарыллар диир оруна суох. Дьиҥэр, тустаах уорганнар дьиэ кыылын сөптөөхтүк иитэр туһунан, нэһилиэнньэҕэ араас хабааннаах үлэлэри балай да ыыталлар ээ. Бүтэһик буруйдааҕы була сатаабакка, бастатан туран кыылы ииттэ ылар дьон эппиэтинэстээх буолара тоҕо кыаллыбатый?
Бүгүн «Партизан» НАТК-гэр Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата дьиэ кыылын иитии тула олохтоохтору кытары киэҥ кэпсэтии ыытта. Манна улуустааҕы бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэрэ, полиция, о.д.а. кыттыыны ыллылар.
«Дьиэ тиэргэнин иһигэр эрэ сылдьар ыт, хаһаайыннаах ытынан ааҕыллар, оттон уулуссаҕа сылдьар буолла да дьэллик буолар» -диэн нэһилиэк дьаһалтатын уурааҕар сурулла сылдьарын туһунан, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Семен Николаев бүгүҥҥү мунньаҕы саҕалаата. Мунньахха тэрилтэ тустаах үлэһиттэрэ иһитиннэрии оҥордулар, ону тэҥэ араас хабааннаах боппуруостарга хоруй биэрдилэр. Мунньахха кэлбит дьон бэйэлэрин санааларын аһаҕастык эттилэр, этиилэрин киллэрдилэр. Аҕабыыт Владимир: «ыт дьоҥҥо кутталы үөскэтэр түгэнигэр, провославнай итэҕэлинэн өлөрөр оруннаах. Бу түбэлтэҕэ дьон аньыыта-харата суох буолар» — диэн эппит тылын бары кэриэтэ сэҥээрэ иһиттилэр.
Бүгүҥҥү мунньах түмүгүн боротокуолга тиһэн, резолюцияҕа уларытыы киллэрэн, анонимнай үҥсүү киирдэ да бэйдиэ сылдьар ыттаах хаһаайыттары сэрэтиитэ суох ыстырааптыырга диэн буолла. Маннык дьаһаныыны кэлбит дьон бары өйөөтүлэр.
Елизавета ТИТОВА