Докучаевскай куоракка Сунтаардар көмөлөрө

Л.А.Попов аатынан киин бибилэтиэкэ Н.М. Рыкунов аатынан Нам улууһун бибилэтиэкэтин ыҥырыытын өйөөн «Кинигэтэ бэлэхтээ» аахсыйаҕа кыттыһан, балаҕан ыйын 5 күнүгэр — Үтүө санааланыы күнүгэр анаан, Сунтаар улууһун дьонугар ыҥырыы биллэрбитэ. Аахсыйа чэрчитинэн хомуллубут кинигэлэр Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэ Докучаевскай куоратыгар баар оҕо бибилэтиэкэтигэр бэлэх буолан бардылар. Сунтаарбыт улууһун бары нэһилиэктэриттэн оҕоҕо аналлаах, классик суруйааччылар уо.д.а. кинигэлэрин аҕалан  аахсыйаҕа элбэх дьон кыттыста. Барыта 100-тэн тахса оҕо кинигэтэ хомуллан Дьокуускай куоракка волонтерскай кииҥҥэ бэрилиннэ.  «Кинигэтэ бэлэхтээ» аахсыйаҕа көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоҥҥо барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Л.А.Попов аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата