Дойдубут араас эрэгийиэннэригэр хас да таһымнаах быыбардар ыытылыннылар

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Арассыыйаҕа биир кэлим куоластааһын күнүгэр, дойдубут араас эрэгийиэннэригэр хас да таһымнаах быыбардар ыытылыннылар.

Саха сиригэр СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Халыма-Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокуругар норуодунай дьокутааты таллылар. Итини таһынан бу күн өрөспүүбүлүкэбит үгүс улуустарыгар муниципальнай таһымнаах 78 быыбар ыытылынна. Аллайыаха, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ улуустарын (оройуоннарын) уонна Дьокуускай куорат “Жатай” уокуругун баһылыктарын быыбардаатылар.

Оттон биһиги улууспутугар Сунтаар, Күндэйэ, Түбэй нэһилиэктэрин быыбара ыытылынна. Быыбар кэмигэр туох да кэһии тахсыбата диэн быыбардыыр учаастактар иһитиннэрдилэр.

Биирдиилээн нэһилиэктэринэн ылан көрөр буоллахха, Күндэйэҕэ Иван Васильевич Константинов үгүс баһыйар куолаһы ылла. Ол курдук, киниэхэ 306 киһи куоластаата. Оттон 39 киһи Владислав Максимов туһатыгар куолас биэрбиттэр. Нэһилиэк быыбардыыр учаастагар 576 быыбардааччы испииһэгэ баарыттан 60 бырыһыана кыттыбыт.
Түбэйгэ 138 быбардааччыттан 92 кыттыбыт. Бу нэһилиэккэ Федор Чахов уонна Яна Афанасьева баһылыкка кандидатынан турбуттара. Яна Афанасьеваҕа түбэйдэр 90,2 бырыһыан куоластарын биэрбиттэр. Ол аата уопсай быыбардааччыттан 83 киһи киниэхэ эрэммит. Федор Чахов 8,70 бырыһыан куолаһы ылла.

Сунтаарга 6 быыбардыыр учаастакка барыта 72222 быыбардааччы испииһэктэммит. Мантан 2858 киһи эрэ быыбарга кыттыбыт. Бу олох намыһах көрдөрүү. Быыбардыыр сааһын сиппит хас биирдии киһи гражданскай иэһэ буоларын бары да билэбит. Сорохтор ким устудьуоннуу, ким мантан көһөн атын сиргэ барбыттар эмиэ бааллар диэхпитин эмиэ сөп. Ол эрээри 4000 тыһ. тахса киһи улуус кииниттэн барбыта буолуо диир кэрэгэй.

Быыбар түмүгүнэн Сунтаар баһылыгар туруммут кандидаттар төһө куолаһы ыллылар? Ол курдук, Эдуард Филиппов туһатыгар 2689 киһи куолас биэрбит, оттон Петр Петровка 148 киһи куоластаабыт. Онон Эдуард Егорович 94,09 бырыһыаны ылан Сунтаар нэһилиэгин баһылыгынан талылынна.

Инникитин да ханнык баҕарар таһымнаах быыбардар буолуохтара турдаҕа. Онон кытаатыҥ, кэлэр өттүгэр быыбардарга көхтөөх кыттыыны ылыахха.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше