Билигин буола турар байыаннай дьайыы, анал эпэрээссийэ хаһан түмүктэнэрин бары да долгуйа, сэмээр испитигэр күннэтэ күүтэбит. Оттон «ол дойдуга» сылдьар дьонноох, туһугар сыһыаннаах киһи долгуйуутун, уолаттара, аҕалара сибээскэ тахсалларын туохтааҕар да күүтэрэ саарбахтаммат.
Биир дойдулаахтарбыт уоппускаҕа кэллэхтэринэ биһиэхэ, улуус дьаһалтатыгар нэдиэлэтээҕи планеркаҕа итии-истиҥ көрсүһүү тэрийэн, санаа атастаһыыта элбэхтэ тэриллэр. Биллэр биричиинэнэн СВО кыттыылаахтарын ханнык да официальнай СМИ-гэ төһө даҕаны дьоммутунан, кинилэр хорсун санааларынан киэн тутуннарбыт, сирэйдэрин, ханна сылдьалларын туһунан аһаҕастык сырдатарбыт сэрэхтээх, онон аат-суол толору ыйыллыбатын, хаартыскаҕа сирэйдэрэ кистэнэрин ааҕааччы өйдүүр буолуохтааххын.
Байыаннай дьайыы саҕаламмыт кэмиттэн анал үлэлэринэн, хантараагынан, мобилизациянан сулууспалыы сылдьар эр дьон уоппускаларыгар кэлэн күүс-уох, дьиэ кэргэн тапталыгар угуттана сылдьар күндү кэмнэригэр биир дойдулаахтарбыт санааларыттан ааҕааччыларга анаан сырдатабыт (ааттара уларытылынна).
Петр, 32 саастаах, төрүт Сунтаар олохтооҕо:
– Мин бэйэм оҕолордоох, кырдьаҕас төрөппүттэрдээх уонна идэбинэн программист киһи буолабын. Этэргэ дылы, байыаннай сэби-сэбиргэли компьютернай оонньууга эрэ тутан көрөрүм. Бэйэм баҕа санаабынан барбытым. Тоҕо диэтэр, олоҕу билэ илик, эдэркээн уолаттар мобилизацияҕа түбэспиттэр этэ. Бу билэр уолаттарым, мантан иккитэ билигин мэтээллээх, биир уол барахсан олоҕо онно быстыбыта.
Мин эр киһи буоларым быһыытынан бастатан туран, чугас дьоммун, төрөөбүт дойдубун санаабытым «Арай? Арай ити баҕайылар биһиги дойдубутугар кимэн киирдиннэр?! Бу иэдээни
Кэргэним, төрөппүттэрим барарбын өйөөбүттэрэ, төһө даҕаны маҥнай өйдөөбөккө, кыыһыран, утарсан ылбыттарын иһин. Билигин биһиги үлэлии сылдьар территориябыт арыый да чуумпу. Бу иннинэ Лисичанскайга уһуннук сыппыппыт. Сахалар мин сылдьар сирбэр суохтар.
Олорор дойдубутугар саба түһэ сатааччылартан биһиги көмүскээбэтэхпитинэ ким көмүскүөй? Биһиги эһэлэрбит эйэлээх олох иһин турууласпыттарын умнуо суохтаахпыт. Биһиги ыччаттарбыт эйэлээх олоххо олоруохтаахтар.
Семен, 28 саастаах, Сунтаар улууһун биир улахан нэһилиэгиттэн төрүттээх, куорат олохтооҕо:
– Бэйэм идэбинэн полиция эйгэтин үлэһитэбин. Үс оҕолоохпун. Сунтаартан аҕыйах сыллааҕыта көспүппүт. Хоту улууска үлэлээбитим. Онтон үлэбитинэн ити дойдуга 2015 с. командировкаҕа уонча буолан сылдьыбыппыт. Идэм эрэйэринэн толору сыл кэриэтэ онно үлэлиибит. Быйыл, холобур, дьиэ кэргэммин уопсайа 20-чэ хонук эрэ көрдүм. Бу байыаннай дьайыыга сылдьар эдэр уол да, саастаах да киһи өйө-санаата таһыччы уларыйар. Холобур, бүгүн тэҥҥэ алтыһа сылдьыбыт кэллиэгэлэргин киэһэ снаряд суох гынан кэбиһэр… ыарахан түгэн элбэх буоллаҕа… киһи өй-санаа өттүнэн ылынара уустук. Манна толкуйдууруҥ сытыырхайар, утуйан, дөйөн баран сылдьарыҥ табыллыбат.
Биллэн турар бастаан кэлбит дьоҥҥо психологически ыарахан буоллаҕа, бэҕэһээ эрэ офиска, кондиционер анныгар олорбут, баҕардаххына уу иһэр, баҕарбыт аскын ылан сии сылдьыбыт киһиэхэ, “из зоны комфорта” окуопаҕа, байыаннай тиэхиньикэ иһигэр тиритэ-хорута сылдьарыҥ тустаахха стресс буоллаҕа.
Биири этиэхпин баҕарабын, “биһиги сэриибит буолбатах” диэччи дьон баар дии, бу барыбыт кыһалҕабыт. Барыбыт. Билигин ити дьайыы интэриниэт нөҥүө күүскэ ыытылла турар. Эһиги, дойдугутугар олорор дьон билбэккит. Омуктар тэриллэригэр – компьютер, бу гаджеттарбыт барыта судургутук эттэххэ, «күлүүс тыллардаахтар», онон аа-дьуо тугунан дьарыктанаргын булаллар, соруйан дьону күөттээн сымыйа сурахтары күүскэ тарҕатааччылар бааллар, ити араас пабликтарга айдаан таһаара сатааччы, дьону хараарда сатааччы комментатордары игин өйдөөн көрөөрүҥ эрэ. Харчы туһугар таҥнарыахсыт да буолбуттар бааллар. Итини биһиги үгүс дьоммут өйдөөбөт, аҥаар кырыытыттан бассаап илдьиттэри ыыт да ыыт.
Саха дьоно-сэргэтэ уопсайынан сиэрдээх буолуоҕуҥ. Биһиги, бу байыаннай дьайыыга сылдьар дьон төһө кыалларынан сибээс баар буоллаҕына социальнай ситимнэргэ кыратык да буоллар киирэн ылар түгэннээхпит.
Онон дьонум-сэргэм, хобу-сиби, бэйэ-бэйэни түһэрэр бичийиилэри буолбакка, буолар буолбат «сулустары» ырытыахтааҕар бу эйэлээх олох туһугар туруулаһа сылдьар дьоҥҥутугар анаан үтүө, алгыс тыллардаах илдьиттэргитин элбэтиҥ.
Манна эдэркээн уолаттар санаалара тосту уларыйар, элбэхтэ иһиттим «олохпутун сыаналаабат, бэйэ-бэйэни харыстаабат эбиппит…» дэһэллэрин. Бу сылдьан киһи олох күндүтүн өйдүүр буоллаҕа… Бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, этэҥҥэ буолуҥ!
Илья, 38 саастаах, Сунтаартан төрүттээх, куорат олохтооҕо:
– Сыл буолан эрэбин, уоппускабар биллэн турар оҕолорбор, ойохпор ыксалынан кэллэҕим. Бэйэм идэм медицинаҕа сыһыаннаах, ол иһин бэйэбиттэн кыаллары, туһалаары бу сылдьабын. Үгүс дьон былыргы курдук автомат тута-тута сүүрэ сылдьан ытыалаһаллар курдук саныыллар. Билигин барыта суот-учуот көмөтүнэн снарядтары ыытыы, дроннары кытта үлэ – аныгы технология диэххэ дуу. Мин бу сахам дьонунан манна тиийэн сүрдээҕин киэн тутуннум. Уустук балаһыанньаттан тобуллаҕас толкуйдарын туһанан элбэх боппуруоһу быһааралларын илэ харахпынан көрбүтүм. Олохтоох дьон сорохторо утарылаһааччыларбыт буолар, хаста даҕаны кырдьаҕас дьон биһиги уолаттарбытыгар ас буһаран биэрбиттээхтэр, онтулара дьааттаах буолан, уолаттар сүһүрбүт түбэлтэлэрэ баар. Ол иһин ону-маны бэристэхтэринэ ылбаккыт диэн мэлдьи этэ сылдьабыт.
Уонна оттон дойдутуттан тэйэ сылдьар киһи төрөөбүт тылын, айылҕатын ордук күндүтүк ахтар-саныыр буоллаҕа, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн уратытык ылыналлар, сыаналыыллар.
Бачча түгэн көстүбүччэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ этиэм этэ, байыаннай дьайыыга биһиги бырааттарбыт, аҕаларбыт, убайдарбыт аҥардас кыттыыны ыла сылдьалларыттан киэн туттуохтаахпыт. Хаһан эбит да буоллар, социальнай ситимнэргэ киирэн ыллахха, итирэн-кутуран, бэйэ-бэйэни кырбаһан ол-бу «кримякт» баҕайы таһаарыылары көрдөххө киһи абарар! Уолаттар барахсаттар эйэлээх олох иһин туруулаһа сылдьаллар, оттон ким эрэ олох күндүтүн өйдөөбөккө, арыгыны кытта эйэлээх олоххо охсуһара, саастаах дьоммут бассаап ситимигэр кураанах куолута – маны барытын хам-түм да буоллар байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт көрөллөр-истэллэр эбээт! Нууччалыы «Будьте достойны своих мужей, парней, сынов!» диэхпин баҕарабын…
Ити курдук элбэхтэн, сүрүнүн, быһан-отон биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэһиннилэр. Этэҥҥэ эрэ сылдьыҥ!
Юлия-Айархаана Алексеева