Дойду философията — элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ

Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо Светлана Петрова:

— Биһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буоларбыт быһыытынан дойдубут лидера Владимир Путин «дойдубут философията — элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сытар» диэн этиитин сөбүлүү иһиттим. Тас дойдулар үүнэн эрэр көлүөнэбитигэр дьиэ кэргэн буолуу идеалын, ийэ, аҕа буолуу сыыһа өйдөбүлүн соҥуу сатыылларын үрдүнэн Арассыыйа дьоно дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин өрө тутуохтаахпытын өссө төгүл бэлиэтээн эттэ. Дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар  «Семья» диэн национальнай бырайыак төһүү күүс буолуоҕа.

Владимир Путин сайдыы тыа сириттэн саҕаланар диэн элбэхтик хатылаата. Ол аата бэрэсидьиэммит улахан куораттары тэҥэ тыа сирин умнубатын эттэ. Элбэх оскуола, уһуйаан өрөмүөннэниэ, тутуллуо диэбитэ олус тоҕоостоох. Оробуочай үлэ каадырдарын бэлэмниэххэ. Орто үөрэх кыһаларын базаларын тупсарыахха диэн этиитэ кэскиллээх буоллун. Дойдубут экологиятыгар болҕомто ууруохха диэтэ. Сайдыылаах дойдулар суолларынан биһиги эмиэ барыахтаахпыт. Биһиги дойдубутугар мас олордуута элбэх диэн эттэ. Ол аата дойдубутугар экология боппуруоһугар кыһаллар дьон элбэҕэ үөрдэр. Бэйэ дойдубут иһигэр туризм сайдыаҕа. Маныаха Байкалга бөҕө суох туризм тэриллиэ диэтэ. Владимир Путин этиитэ дойдубут туруктаах, кыахтаах, модун буолуутугар ананар.

Читайте дальше