Доҕордоһуу кирилиэс үктэлин курдук маннык тэҥ кэрдиистээх, чопчу оннук көрүҥнээх, итинник ис хоһоонноох буолуохтаах диэн булгуччулаах ыйыылары биэрэр табыллыбат. Доҕордоһуу хардарыта ытыктаһыыга, көмөлөсүһүүгэ олоҕурар. Уол уонна кыыс доҕордоһууларын сорох уопсай психологическай өттүлэригэр тохтуу түһүөҕүҥ.
Уол уонна кыыс саамай килбигийэр саастара – 10-13 саас. Ити уол-кыыс быһыытынан эт-хаан ситэр кэмин кытта сибээстээх. Уолаттар кыргыттартан ордук кыбыстымтыа буолаллар. Ону биллэримээри, кыргыттары баттахтарыттан тардыахтарын, ыыстыахтарын сөп. Оттон кыргыттар арыый сыстаҕастар уонна сымнаҕастык сыһыаннаахтар. Психологтар үөрэппиттэринэн, кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар уолаттардааҕар ордук истиҥник доҕордоһоллор, ордук «секреттэһэллэр» эбит. Ол гынан баран, кинилэр доҕордоһуулара түргэнник ыһыллыан, уларыйыан сөп.
Уол кыыстыын доҕордоһуута үксүн психологическай өрүттээх. Арыт «доҕордоһуу» диэн бэйэ-бэйэни сөбүлээһини, ааһа баран тапталларын «кырааскалаан» этэллэр эбит. Уол уонна кыыс доҕордоһуута, хайдаҕын да иһин, үтүө өрүттээх. Кыыс нарын, кэрэ буоларга кыһанар, быһатын үчүгэмсийэр, оттон уол сайаҕас, сып-сап курдук туттунуулаах, тас көстүүтэ тупсаҕай буоларыгар кыһаллар буолар.
Дьиҥнээх доҕордоһуу өссө таптал буолбатах, туох эрэ онно маарынныыр гынан баран, атын ис хоһоонноох, көннөрү истиҥник санаһыы, көмөлөсүһүү. Оннук доҕордоһуу сороҕор тапталга кубулуйар, сороҕор оҕо саас хаһан да умнуллубат кэрэ кэмин быһыытынан киһи өйүгэр-санаатыгар үйэ-саас тухары иҥэн хаалар.
Оҕолор доҕордоһоннор киһи киһиэхэ үөскүүр сыһыанын билэллэр, туора киһиэхэ сыһыаны өйдүү, үчүгэй уонна куһаҕан иэйиини араара үөрэнэллэр. Онон доҕордоһуу истиҥ, чугас иэйиини, ол иһигэр таптал курдук үрдүк уонна уустук иэйиини иитэр. Ону таһынан өй-санаа уонна этика өттүнэн иитиллии оскуолата буолар.
Биһиги, төрөппүттэр, оҕолорбутугар табаарыстаһыы уонна доҕордоһуу туһунан сөптөөх өйдөбүлү иҥэрэр, доҕордоһуулара дириҥ, баай ис хоһоонноох буоларыгар көмөлөһөр соруктаахпыт. Оҕолорбут доҕордоһуулара көдьүүстээҕин дуу, суоҕун дуу, доҕордуу сыһыанара хайдах хайысханан сайдарын билиэх тустаахпыт.