Дьиктилээх Кэмпэндээйи

Кэрэ айылҕалаах Кэмпэндээйи нэһилиэгэ былыр-былыргыттан сиртэн хостонор баайынан сураҕырар, кэпсээҥҥэ кэпсэнэр. Хайа баҕарар нэһилиэк курдук бараммат баай устуоруйалаах. Ол чэрчитинэн 2024 с. муус устар ыйыттан биология учуутала И.П.Федорова  уонна дириэктир сүбэһитэ Н.Е.Кондратьева  салайааччылаах “Дьиктилээх Кэмпэндээйи” диэн бырайыак үлэлиир. Оҕолор бу бырайыакка Кэмпэндээйи сиртэн хостонор баайын чинчийэллэр, үөрэтэллэр, билиилэрин хаҥаталлар. Маны таһынан оскуолаҕа кэлэр ыалдьыттары сирдииллэр, төрөөбүт дойдуларын туһунан кэпсииллэр.

Ол курдук балаҕан ыйын 24 күнүгэр Кэмпэндээйи политехническэй орто оскуолатыгар Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолатыттан 8-с-9-с кылаас оҕолорун илдьэ  Н.Н.Пен уонна география учуутала М.Н.Крыжановская  кэлэн Кэмпэндээйи 9-с-11-с кылааһын оҕолорун кытта көрсүһэн бардылар. Оҕолор эмтээх Мохсоҕоллоох күөлтэн саҕалаан, Үөннээх хайаҕа диэри сатыы хаамтылар, чэбдик салгынынан дуоһуйа тыыннылар. Аара баран иһэн Туус собуотун таарыйан, 11-с кылаас үөрэнээччитэ Стас Саввинов кэпсээнин болҕойон иһиттилэр.

Үөннээх хайаҕа тиийэн урут үөскүү сылдьыбыт таастыйбыт үөннэри (белемниттэри) буллулар. Белемнииттэр 66 мөлүйүөн сыл аннараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт моллюскалар. Ыалдьыт оҕолор оскуолаларыгар тиийэн булбут белемниттэрин үөрэтиэхтэрэ, чинчийиэхтэрэ.
Ити курдук, Кэмпэндээйи дьикти кэрэ сирдэрэ дьон болҕомтотун тарда, ураты, кэрэ айылҕатынан абылыы туруо. Түгэнинэн туһанан, Сунтаар улууһун биир дьикти, араас кистэлэҥнэрдээх Кэмпэндээйи нэһилиэгэр атын оскуолаҕа оҕолорун дойдубут устуоруйатын билэ-көрө кэлэргитигэр ыҥырабыт.

медиа “Үнүгэсчээн” корреспонденнара Тася САВВИНОВА,

Эвелина СЫМЫТОВА, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ
Салайааччы: А.А. Ефимова