Үүммүт 2024 сыл Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — Оҕо саас, оттон Сунтаарбыт улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сыллларынан биллэриллэн турар. Дьиэ кэргэн, оҕону иитии, көлүөнэлэр ситимнэһиилэрэ — киэҥ-куоҥ тиэмэ. Биһиги хаһыаппыт эрэдээксийэтигэр бу хайа да кэмҥэ тоҕоостоох тиэмэни таарыйар, «Дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт холобура, оҕо чэгиэн туруга, сынньалаҥ» диэн ааттаан бэрт сэргэх сэһэргэһии буолла.
Биэриибит ыалдьыттара:
Мария Игнатьева -Сунтаардааҕы киин балыаһа педиатра,
Фёдор Фёдоров -Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы,
Борис Уларов — улуустааҕы «Аҕа сүбэтэ» түмсүү салайааччыта.
Көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ!
«Сунтаар сонуннара» хаһыат