«Биһиги, Афанасьевтар дьиэ кэргэн, Куокуну нэһилиэгэр олоробут. Биһигини төрөппүттэрбит истиҥ тапталларыгар, сылаас сыһыаннарыгар бүөбэйдээн иитэллэр. Ийэбитин Екатерина Семеновнаны, аҕабытын Лука Юрьевиһы олус таптыыбыт, кинилэри мэлдьи үөрдэ сылдьыахпытын баҕарабыт. Кинилэргэ биһиги дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөбүт. Бары бииргэ айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Араас тэрээһиннэргэ дьиэ кэргэнинээн кыттааччыбыт. Холобур, бу соторутааҕыта дьиэ кэргэнинээн дуобакка күрэхтэһии буолбутугар биһиги ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Биһиги ситиһиилэрбититтэн кинилэр олус дьоллоноллор, үөрэллэр» диэн суруйар 7-с кылаас үөрэнээччитэ ️Анжелина Афанасьева.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат