«Дьиэ кэргэни уопсай дьарык сомоҕолуур»

Дойду бэрэсидьиэнэ 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн турар. Ааспыт нэдиэлэҕэ бу сылы арыйар, ону тэҥэ улууспутугар биллэриллибит Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын көрсөр дьоро тэрээһиҥҥэ тоҕооһуннаран, Саха сирин ахсыс төгүлүн тахсыбыт “Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэннэрэ” кинигэтигэр киирбит Сунтаар улууһун үс ытык-мааны ыалын чиэстээтилэр. Бу үйэ аҥаарыттан ордук кэм иллээхтик-эйэлээхтик бииргэлэһэн, үйэлээх саастарыгар үлэни өрө тутан, оҕо-уруу тэнитэн, үгүстэргэ холобур буолар олохтоох дьоһун-мааны ыаллары биһиги киэн тутта ааттыыбыт: Сунтаартан Дария Дмитриевна, Никифор Михайлович Ксенофонтовтар, Бордоҥтон Галина Егоровна, Афанасий Гаврильевич Петровтар уонна Элгээйиттэн Тамара Николаевна, Николай Макарович Семеновтар.
Бүгүҥҥү маанылаах ыалдьыттарбыт өр сылларга эйэ дэмнээхтик олорор Элгээйи нэһилиэгин ытык-мааны ыала — Семеновтар дьиэ кэргэн.

– Тамара Николаевна, Николай Макарович, бастаан хайдах билсиһэн ыал буолбуккут туһунан кэпсиэххит дуо?

Н.М.: Дьокуускайга үөрэххэ туттарса баран иһэн көрсөн билсибиппит. Тамара Николаевна онно бэлэмнэнии кууруһугар үөрэнэ сылдьыбыт этэ. Ол куурустан хас да кыыс буолан үөрэххэ туттарса бараары сылдьаллара. Ханна баралларын эҥин ыйыталаһан Ленинградка баралларын билбитим. Миигин, үчүгэйдик туттарсыбытым иһин, обкомолга Москваҕа «политехническайга бар» диэн сүбэлээбиттэрэ. Ону уларытаммын, Ленинградка барабын диэбитим. Эрдэттэн физика учуутала буолан, Элгээйи оскуолатыгар физика предметин үөрэтиини тупсарыахпын, уларытыахпын саныыр этим. Герцен аатынан пединститукка киирэн, онно Тамарабынаан ыкса билсэн, бастакы куурустан доҕордоспуппут. Саха оҕолоро түмсэн олус үчүгэйдик бииргэ сылдьарбыт, бэркэ устудьуоннаабыппыт. Онтон Тамара Николаевналыын ыал буолан, студенческай сыбаайбаны тэрийбиппит. Юрий Платонов ол кэмҥэ консерваторияҕа киирэн үөрэнэ сылдьар этэ. Уруубутун ыллаан-туойан киэргэппитэ. Үөрэхпитин бүтэрэн баран сүбэлэһэн, Элгээйигэ кэлбиппит.

Т.Н.: Мин бэйэм Уус Маайа Эдьээниттэн төрүттээхпин. Дьонум суох буоланнар, 7-с кылаастан Намҥа үөрэммитим. Оскуола кэннэ Эдьээҥҥэ баар аймахтарбын кытта билсэ таарыйа онно баран үс сыл ыанньыксыттаабытым. Үөрэххэ маҥнай туттарсабар бэлэмэ суох буолан кыайан киирбэтэҕим. Онтон бэлэмнэнии кууруһугар сылдьыбытым. Эдьиийим сүбэтинэн Герцен аатынан пединститукка хотугу норуоттарга интэринээттээх факультет баарыгар үөрэнэ киирбитим. Сайынын антах үлэлиир этим. Устудьуоннар буолан ол үлэлиир ыйбытыгар чугастааҕы куораттарга сылдьарбыт, элбэх сири кэрийбиппит. Николай Макаровичтыын ити эппитин курдук үөрэххэ бараары сылдьан билсибиппит. Антах үөрэнэ тиийэн баран доҕордоспуппут, 4-с кууруска ыал буолбуппут. Герцеҥҥэ үөрэнэ сылдьан 1-кы куурустан бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта бырагыраамалаах буолар этибит. Ый аайы музейга, театрга хайаан да биирдиитэ сылдьабыт диэн. Кэлин Николай Макаровичтыын эмиэ бу бырагырааманы тутуһар этибит. Кыһынын өрөбүл аайы катокка сылдьарбыт.
— Үөрэххитин бүтэрэн баран тута Элгээйигэ кэллигит…
Н.М.: Өйүм-санаам Элгээйигэ кэлэн физика учууталлаабыт киһи диэн этэ. Кэлэн үс-түөрт сыл иһигэр олус үчүгэй физика кэбиниэтин тэриммитим. Кылааһым оҕолорун кытта олус бэркэ үлэлээбиппит. Куоҥкуруска кыттан өрөспүүблүлүкэҕэ иккис миэстэни ылан турабыт. Михаил Андреевич Алексеев диэн биллэр учуутал бастаабыта. Ити кэмҥэ кабинетнай систиэмэ өссө киирэ илик этэ. Райком иккис сэкирэтээрдэрин сэминээрэ буолбутугар физикабыт кэбиниэтин анаан-минээн тахсан көрбүттэрэ. Сайын оҕолорго лааҕыр тэрийбитим. Муоһааны диэн сиргэ 20-чэ кылааһым оҕотун илдьэ 300-тэн тахса туонна оту илиинэн оттообуппут. Биокомплекс диэни тэрийэ сылдьыбыппыт. Уопсайа үс араас лааҕырга үлэлээбитим: ынах сүөһүнү көрүүгэ, үүнээйини олордууга, оттооһуҥҥа. Ол оҕолорум кэлин үлэҕэ үөрэппитиҥ диэн ис сүрэхтэн махтаналлара үөрдэр. Үлэнэн кэһэппитиҥ диэччи суох (күлэр). Кэлин Элгээйигэ агрооскуоланы тэрийэн олус үчүгэйдик үлэлэтэ сылдьыбыппыт. Билиҥҥээҥҥэ диэри агрооскуола үлэлии турбута буоллар, олус сайдыбыт буолуо этэ.

Биир кэмҥэ учууталлыырым таһынан организатордыы сылдьыбытым. Аан бастакынан уоттаах-күөстээх аактабай сааланы оҥорбуппун өйдүүбүн. Оҕолор олус астыммыттара, оҕолор үөрэллэриттэн ордук бэйэм үөрэрим. Ити сылларга улууска элбэх куоҥкуруска бастаабыппыт.
– Биэнсийэҕэ тахсан баран дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын өрө тутан, анаан дьарыктанаҕыт. Хаһаайыстыбаҕыт туһунан сырдатыаххыт дуо?
Н.М.: Биэнсийэҕэ тахсаат да, оскуолаҕа миэстэбин үөрэппит оҕолорбор туран биэрбитим. Биэнсийэҕэ барарбар эрдэттэн бэлэмнэммитим. Үлэлээн бүттэхпинэ, ким да сэҥээрбэт киһитэ буоллахпына чуҥкуйууһубун диэн хаһаайыстыба тэриммитим. Оскуолаҕа «Дьиэ кэргэн экономиката» диэни улахан кылаастарага аҕыйах чааһы биэрбитим. Оҕолор олус сөбүлээбиттэрэ.
Билигин ынах сүөһүнү тутабыт, сайынын оҕуруот аһын олордобут. Тамара Николаевна урут ыанньыксыттаабыт буолан, сүөһүгэ олус сыстаҕас. Мин ордук үүнээйигэ чугас этим. Кэлин бэйэ-бэйэттэн үөрэнсэн барытыгар тэбис-тэҥҥэ, бииргэ сылдьар буолбуппут. Уһаайбабыт буолатыттан 150 куулга тиийэ хортуоппуйу ылан турабыт. Билигин түөрт тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын арааһыттан олордобут. Оҕолорбут олус көмөлөһөллөр. Олох оҕо эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран барытыгар сыстаҕастар. Билигин сиэннэр эмиэ көмө дьон. Тамара Николаевна түүлээҕи иистэнэр, туос иһити тигэр. Олохтоох бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн кыттыһан оҕуруот аһын олордууга сэминээр ыытааччыбыт. Хаһаайыстыбабытыттан ылар аспытын астаан атыыга таһаарабыт. Маны таһынан үүнээйини олордорго калифорния чиэрбэтэ уоҕурдубут биогумуһун атыылааһыны саҕалаабыппыт. Кэлин туттарга судургу гына арассаада буора диэни оҥорон атыылаабыппыт. Билигин маны уолум дьарык гынар.
Төрүттэрим өтөҕөр оттуубут, Тоттук (кэлин Макаар буолата дииллэр) диэн сиргэ дьиэлээхпит. Биир сайын манна аймахтарбын хомуйан, 90-ча киһини, өбүгэлэрин өтөҕүн көрдөрбүтүм, киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх диэн. Олус үчүгэй көрсүһүү буолбута.
Т.Н.: Урут биэнсийэҕэ таҕыстахпына туоһунан дьарыгырыам диэн баҕа санаалааҕым. Бириэмэ тиийбэт буолан олохтоохтук ылсыбатым диэххэ сөп. Хаһаайыстыбалаах ыал иллэҥ кэмэ аҕыйах буоллаҕа. Оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта барытыгар бииргэ сылдьарбыт олус үчүгэй.
– Эдэр ыалга тугу сүбэлиэ этигитий?
Н.М.: Урут ынаҕы уулатарбытыгар биир ойбоҥҥо 17 ыал буолан батыспакка буоларбыт. Билигин ити ойбоммутугар 3 эрэ ыал ынах уулатабыт. Ынахтаах ыал аҕыйаата. Сүөһүнү көрүү үлэлээх да буоллар, олус наадалаах ээ. Эдэр дьоҥҥо, төһө кыалларынан, бэйэ хаһаайыстыбата тэриниҥ диэм этэ. Аҥаардас ытыһы тоһуйа сылдьар, атыылаһан аһааһын сатамньыта суох буоллаҕа. Бэйэ хаһаайыстыбалаах киһи хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа.
– Ыал өр кэмҥэ бииргэ эйэлээхтик олоруутун кистэлэҥэ туохха сытар дии саныыгыт?
Н.М.: Үлэлээх, дьарыктаах буолуохха наада, оччотугар кыҥкыйдаһарга, иирсэргэ соло да суох буолар буоллаҕа. Урут доҕотторбор эҥин ити курдук оонньуу кэриэтэ сүбэлиир этим, туос иллэҥ кэргэн таах олоро сатаан, тылынан ыстаан сүгүн олордуо суоҕа, солото суох буоларын курдук дьарыкта булуҥ диэн (күлэр). Кэргэннии олоххо хаһан баҕарар биирдэ эмэ киҥир-хаҥыр саҥарсыы ханна барыай. Тус-туһунан дьон буоллахпыт. Ол эрээри бэйэ-бэйэни өйдөһөн сылдьарга дьулуһуллуохтаах.
Т.Н.: Олоххо араас буолар. Кыыһырыстахха да аһарыныллыахтаах, тапсыбатыҥ да туран баран хаалбакка. Хара ааныттан “идеальнайдык” тапсар дьон диэн суох да ини, үөрэнсэн, өйдөһөн-өйөһөн олоруллуохтаах дии саныыбын.
– Өскөтүн олоххун хат олороҕун диэтэллэр, тугу уларытыа этигиний?
Н.М.: Олохпун уларыппаппын, син биир тыам сиригэр олохсуйуом этэ. Биир сиргэ хаайтаран олорору отой сатаабаппын.
Т.Н.: Киһи сааһыран баран син биир толкуйдуур буолар эбит, ону ситиспэтим, маны ситистим диэн. Кыра туох эрэ бытархай уларыйыылар баар буолуохтара эбитэ буолуо. Ол эрээри Николай Макарович эппитин курдук, тыам сиригэр олохсуйуом эбитэ буолуо. Куораты аҕыйах да кэм буолаары тулуйуллубат (күлэр).
– Тамара Николаевна, Николай Макарович, сэргэх сэһэргэһиигитигэр махтал буоллун. Дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ олоҕу!

Марфа ИВАНОВА

Читайте дальше