«Дьиэ кэргэн өрөбүлэ» көхтөөхтүк ааста

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ «Аныгы төрөппүккэ сирдьит» диэн муниципальнай бырайыак чэрчитинэн улуус уһуйааннарыгар «Дьиэ кэргэн өрөбүлэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. 2022 сылга саҥа үлэҕэ киирбит бырайыак сүрүн сыалынан оҕо, төрөппүт, иитээччи биир сомоҕо буолан түмсэн, кырачааннар бары өттүнэн сайдар эйгэлэрин тэрийэн ыытыы буолар. Сылын аайы ыытыллар «Дьиэ кэргэн өрѳбүлэ» тэрээһин бу сырыыга Хабылык күнүгэр сѳп түбэспитинэн үгүс уһуйаан остуол оонньууларыгар анаата. Бу күн оҕолор, төрөппүттэр, уһуйаан үлэһиттэрин икки ардыларыгар Хабылыкка күрэс ыытылынна. Барыта холбоон бу күн улуус үрдүнэн 160 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла.
«Дьиэ кэргэн өрөбүлэ» олус көрдөөхтүк, көхтөөхтүк, бары өттүттэн туһалаахтык, сэргэхтик ааста. Инникитин да уһуйааннар ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кэлэн кытта, оҕолорбут өй-санаа, үөрэх-билии, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьон буола улааталларыгар олук уура тураргытыгар баҕарабыт!

 

Нина ПАВЛОВА,

үөрэҕирии салалтатын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһини сүрүннүүр отделын сэбиэдиссэйэ.

Читайте дальше