Үөрэх дьыла саҕаланан уулуссаҕа босхо сылдьааччы хаһаайыннаах ыттарбыт, оҕолорго дылы, эмиэ оскуолаҕа, оҕо саадыгар наадалаах курдук суксуруһаллара олус элбээтэ.
Сарсыарда аайы оҕолору батыһан иһэн үөрдэһэн холбоһооччу ошейниктаах ыттар хара баһаамнар. Маннык хартыынаны бука бары көрө-истэ сылдьабыт. Ол гынан баран, тоҕо эрэ ытын баайар, дьаһайар киһи, хомойуох иһин, аҕыйах. Интэриниэт үйэтэ буолан, дьон-сэргэ социальнай ситимнэргэ эрэ санаатын кыайа-хото суруйар. Кыһалҕа баарын курдук син биир баар. Ыраата барбакка, бу соторутааҕыта ыаллыы Ньурба улууһугар кыра оҕону ыт хайдах кэбилээбитин туһунан дьулаан суруйууну аахпатах киһи аҕыйаҕа буолуо. Бу туһунан «Ньурба» хаһыат 05.09.2023 суруйуутуттан таһаарабыт:
«…Маалыкайга буолбут быһылаан хас биирдии киһини олус долгутта. Оҕолор оонньуу сырыттахтарына кыыс оҕоҕо ыт саба түһэн улахан эчэйиини таһаарбытын туһунан аймаммыт ийэ социальнай ситимҥэ суруйбута тарҕанна. Кыысчаан быйыл оскуолаҕа саҥа киирбит. Атын уулуссаҕа оҕолору кытары оонньуу сырыттаҕына ыт саба түһэн, хас даҕаны сиринэн ытыран, төбөтүн хайа тардан доруобуйатыгар улахан эчэйиини таһаарда. Хаһаайыттара биллэллэр, боруода игин ыт буолбатах. Эрдэ баайыыга сыппыт….” Бу түбэлтэҕэ туох миэрэ ылыллыбытын туһунан «Огни Нюрбы» Лена Петрова, 13.09.2023. маннык сырдатар:
— В Нюрбинском районе прокуратура обратилась в суд о взыскании 100 000 рублей в пользу малолетней девочки пострадавшей при нападении собаки.
Прокуратура Нюрбинского района, в том числе по сообщениям информационных ресурсов провела проверку по факту причинения вреда здоровью 8-летней девочке, в результате нападения на неё 03.09.2023 в с. Малыкай собаки.
В ходе проверки установлен собственник животного, в отношении которого возбуждено дело об административном правонарушении по ч.3 ст.8.52 КоАП РФ (нарушение требований законодательства в области обращения с животными, повлекшее причинение вреда здоровью).
В интересах девочки прокуратурой Нюрбинского района также направлено исковое заявление в суд о взыскании с владельца компенсации морального вреда, причиненного нападением собаки в размере 100 000 рублей.
Акты прокурорского реагирования находятся на рассмотрении и контроле.
Дьиҥэр, сатыы сылдьыан баҕалаах биһиги Сунтаарбыт олохтоохторо төһө эмэ элбэхтэр. «Уулуссаҕа ыт элбэх буолан сатыы кыайан сылдьыбаппыт» диир элбэх. Биһиги, «СУНТААР СОНУННАРА» улууспут хаһыата, социальнай ситимнэргэ — сайт, телеграм, о.д.а. эмиэ баар. Манна ааҕааччыларбыт, көрөөччүлэрбит санааларын эмиэ мэлдьи үллэстэллэр. Олортон билсиэҕиҥ:
Любовь Иванова:
– Кэлиҥҥи кэмҥэ олус элбээтилэр. Бу дьон эппиэтинэһэ суоҕуттан син биир тахсар. Биир бэйэм үлэбэр кэлэрбэр-барарбар олус диэн куттанабын. Олохтоох дьаһалтаҕа хаста даҕаны эрийэн эппитим. Ыт элбэҕин курдук син биир элбэх.
Дьулустаан Егоров:
– Ыттаах дьон, баһаалыста, баайталааҥ! Оскуолаҕа ыттар сырсан кэлэллэр оҕолору! Сорох оҕоҥ куттанар, туох эрэ куһаҕан дьыала тахсыан иннинэ баайталааҥ! Куттала да бэрт ! Билигин номнуо оҕоҕо эрэ буолбакка, улахан да дьону ытырыах курдуктар! «Ытырбат ээ» дииргитин олох өйдөөбөппүн! Ыт диэн кыыл, хаһан баҕарар кыыллыйыан сөп!
Лидия Егорова:
– Ыты баайан(!) турдахха, ханнык баҕарар ыт кыыллыйыан сөп. Ыты иитиигэ хонтуруол наада, ыты иитээччи эппиэтинэстээх буолуохтаах.
Ольга:
– Ыт – дьиэ кыыла, тоҕо уулуссаҕа босхо сыл-дьан дьоҥҥо куттал үөскэтиэхтээҕий? Ыт туһуттан куһаҕан дьыала бөҕө тахса турдаҕына тоҕо ыт боппуруоһун ким да наадыйбат, дьаһайбат? Сунтаар — улуус киинэ диэтэххэ дьэ сүрдээх, хас хардыы аайы ыт, бэрээдэк суох.
Алена Васильевна:
– Ыттар олус элбээбиттэр. Ыт киһи доҕоро эрээри, дьэ кутталлаах буолла. Мин оҕобор былырыын ыт саба түспүтэ. Хата, дьон көрөн көмөлөспүттэр этэ. Ол кэннэ соҕотох сылдьыбат. Дьон ытын сөпкө көрөн иитэрэ, тутара буоллар, итинник түбэлтэ тахсыа суоҕа этэ. Туох эрэ миэрэ ылыахха наада, хаһаайыннарга күүстээх хонтуруол наада, чиптээн баайан туруохтаахтар.
Илья Федоров:
– Кэлиҥҥи сылга биллэ элбээтэ. Бу 1-2 эрэ киһи быһаарар кыһалҕата буолбатах. Бас-көс дьоммутуттан саҕалаан ылсыахтарын наада. Миигин, оннооҕор бу бөҕө-таҕа улахан эттээх-сииннээх эр киһини, ыт үөрүнэн сылдьан сиргэ охторбута, ити Партизанскай уулуссаҕа! Оттон кыра оҕолору, дьахталлары, кырдьаҕастары хайдах гыныа этилэрий арай мин оннубар?! Киһи саныан да иэдээн дии. Дьиҥ олоххо хайдаҕый? Туох эрэ быһылаан эрэ күөдьүйдэҕинэ сүүрэллэр-көтөллөр. Мин сиэннэрбин олох сатыы ыыппаппын. Үлэм быыһыгар ол-бу куруһуоктарыгар таһарга көмө буола сатыыбын. Кутталлаах. Ханнык да Бурматов эҥин диэн ылыммаппын, бэйэбит улууспутугар, нэһилиэкпитигэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн дьаһайыахха наада! Хайдах гыныаххыный уонна?! Ол-бу «зеленайдар» дуу, туохтар дуу, олох «чыып» да диэмэҥ. Дьэллик сылдьар кутталы үөскэтэр кыылы дьаһайыллыахтаах!
Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын эппиэтинэһин толорооччу Федор Федоров:
Манна, Сунтаарга, бэйдиэ сылдьар ыттарга кыһыннары үлэлиир “Пункт временной передержки” тутуллан бүтэн, билиҥҥитэ уотун киллэрэ сылдьаллар. Бу ыйга үлэҕэ киириэхтээх. Оччотугар бэйдиэ сылдьар ыттары тутан саҕалыахтара. Манна олохтоох бэтэринээрийэ үлэлэһэр. Тутуллубут ыт стерилизацияны эбэтэр кастрацияны ааһыахтаах. Хаһаайыннаах ыт тутуллубут түгэнигэр, ыт пууҥҥа турар ороскуотун: аһылыгын, көрүүтүн-харайыытын хаһаайына толору төлүүр. Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторугар туһаайан ыттаргытын баайыҥ, көҥүл күүлэйгэ ыытымаҥ диэн өссө төгүл тоһоҕолоон этэбит. Бары да көрөбүт, уулуссаҕа биир үксүн моойторуктаах, ол эбэтэр хаһаайыннаах ыттар үөрдүһэн сылдьар буолаллар. Билигин үөрэх кэмэ саҕаланна. Ыттар оскуолаҕа оҕолору батыһан кэлэн баран устунан хаалан, киин уулуссаларга үөрдүһэн баран сылдьар буолаллар. Бу туһунан үөрэҕирии салалтатын кытта оскуолаларга өйдөтөр үлэни ыытарга үлэлэһэбит. Бу тиэмэҕэ сырдатар, өйдөтөр үлэни (ыттан сэрэхтээх буоларга, ыт баайыыга туруохтааҕын туһунан, о.д.а.) кылаас чаастарынан ыыталларын курдук. Маны таһынан нэһилиэк дьаһалтатын дьокутааттара, исписэлиистэрэ уонна бэтэринээрийэ департаменын үлэһиттэрэ ыалларынан кэрийэн обход оҥороллор. Ыты сыыһа тутар ыалларга өйдөтөр, сэрэтэр үлэни ыыталлар. Уонна, уопсайынан даҕаны, бука бары бэйэбит, оҕолорбут көмүскэллээх буолууларын өйдөөн, ыттаах ыаллар ыттарын баайары бэйэлэрэ да өйдүөх кэриҥнээхтэр. Баайыыга турар ыт үрэрин, улуйарын тулуйбакка ыытан кэбиһии – баар көстүү, бу хаһаайын өттүттэн эппиэтиһэ суох быһыы буолар.
Степан Михайлов, улуустааҕы бэтэринээринэй управление салайааччыта:
Улуус үрдүнэн чиптэммит 1801 ыт регистрациялаах. Ииримтийиини утары быһыыны ветпууннарга, учаастактарга, лечебницаларга оҥороллор. Мэлдьи быһыыны туруортара кэлэр эппиэтинэстээх хаһаайыттар аҕыйаҕа суохтар. Ыаллар үксэ оҕолоро ыт, куоска оҕотун кыра эрдэхтэринэ аһынан, иитиэх буолан манньыйан ыллараллар. Куоска буоллун, ыт буоллун улаатта даҕаны кимиэхэ даҕаны наадата суох буолан, онно-манна быраҕыллан, улаатан бу мэһэй-таһай, уопсастыбаҕа куттал буолар. Ол иһин стерилизация, кастрация кэмигэр оҥоһуллуохтаах. Билигин үлэбитигэр кэлэрбитигэр-барарбытыгар, оскуолаҕа, оҕо саадыгар уу халыйар чугас сиргэ таксиланар дьон элбэх. Манна хаһаайын өйдүөхтээх – бу иитэ ылбыт кыыла кини баайа буолар, онтукатыгар эппиэттиир. Биһиэхэ хайдаҕый? Ыт киһини ытырдаҕына – мин ытым буолбатах, онтон ол ытын түҥнэри көттөхтөрүнэ – «оо, сыаналаах ытым» диир. Иитэ ылбыт кыылбытыгар, тыыннаах харамайдарбытыгар эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһыы хомойуох иһин элбэх, оскуола оҕолоругар кылаас чаастарыгар дьиэбит кыылларын иитии ирдэбиллэрин кэпсиирбитигэр оҕолор аһара бэркэ диэн билэллэр, «аһаа оннук иитиллиэхтээх» диэн тэҥҥэ кэпсэтэллэр уонна «ол эрээри мин ийэм, аҕам оннук гымматтар, миигин ыты баайыахха диирбин истибэттэр» диир оҕо кылаас аайы кэриэтэ баар. Онон ыттаах ыаллар, бэйэмсэх буолумаҥ, бэйэҕит оҕолоргут, чугас дьоҥҥут, уулуссаҕа кэлэр-барар нэһилиэкпит олохтоохторун туһунан эмиэ толкуйдааҥ. «Сознательность» диэн хас биирдиибитигэр баар буоллаҕына эрэ, бу кыһалҕа быһаарыллыа. Оҕолор өйдүүллэр, төрөппүттэр эһиги эмиэ кинилэр этэллэрин истиҥ, болҕойуҥ.
Наталья Иванова, улуустааҕы бэтэринээринэй управление сыстыганнаах ыарыыны утарар уонна сэрэтэр отделын бэтэринээр-бырааһа:
Биһиэхэ кыылларын аҕаллылар да регистрациялыыбыт, эрдэ кэлэ сылдьыбыт буоллахтарына хос регистрациялыыбыт. Клиническэй көрүү-истии оҥоһуллар. Доруобай буоллаҕына маҥнай дегельминтизация оҥоһуллар. Бу дегельментизация диэн саас, күһүн ыытыллар. Онтон нэдиэлэ буолан баран ииримтийиини утары быһыыны туруорабыт. Хас саас аайы стерилизацияҕа уонна кастрацияҕа аахсыйа тэриллэр.
Күндү ааҕааччыларбыт! Эһиги ыты ииттэр буоллаххытына, ыккыт тиэргэн иһигэр турар дуо? Баҕар, эһиги ортоҕутугар ыты иитиигэ, көрүүгэ-истиигэ сатабыллаах, уопутун, санаатын сүбэ-соргу курдук үллэстиэн баҕалаах хаһаайыттар баар буоллаххытына, кыһалҕаны быһаарарга көмө буолуҥ. Санааҕытын, этиилэргитин биһиги эрэдээксийэбитигэр Сунтаар сэл., Октябрьскай уулусса 56 нүөмэригэр суруйан аҕалыҥ эбэтэр suntnews@mail.ru электроннай почтабытыгар ыытыҥ, күүтэбит.
Юлия АЛЕКСЕЕВА, Марфа ИВАНОВА