Давид Зорин кыайыылаах үрдүк аатын ылла

Кулун тутар 25-30 күннэригэр Арассыыйа наукатын академията төрүттэммитэ 300 сылыгар анааллаах Москва куоракка Бауман аатынан МГТУ-га норуоттар икки ардыларынааҕы «Инникигэ хардыы» ыччат пуорума буолан ааста.
Пуорум Арассыыйа наукатын уонна технологиятын эйгэтигэр уонунан сылларга ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн биир улаханнарынан биллэр. Бу үрдүк таһымнаах тэрээһини өйүүр тэрилтэлэринэн буолаллар: дойду бэрэсидьиэнин граннарын пуондата, Арассыыйа наукатын министиэристибэтэ, Арассыыйа наукатын уонна үөрэҕириитин академията, квалификациялары сайыннарыы национальнай агентствота, үрдүк технологиялаах хампаанньалар, инновационнай сайдыы институттара, о.д.а. Тэрээһинҥҥэ барыта 12 дойду, 58 регион кытыннылар. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Инникигэ хардыы» пуорум Москва, Европа, Азия, Африка, Океания дойдуларыттан 1500-тэн тахса талааннаах эдэр дьону түмтэ. Пуорум инженерия, естественнэй, социальнай-гуманитарнай уонна чопчу наукалар хайысхаларынан барда.
«Бу «Инникигэ хардыы» курдук дойдубут үрдүк үөрэхтэрин кыһатыгар киирэргэ чэпчэтиилэри биэрэр пуорум тэрээһиннэригэр кыттар үөрэнээччилэри үрдүктүк сыаналыыбыт», – диэн Н.Э. Бауман аатынан МГТУ ректора Михаил Гордин бэлиэтээн эттэ.
Үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ Сунтаарбыт улууһуттан политехническай лиссиэй-интэринээт 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Давид Зорин бу күрэскэ өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан кыттар үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Давид научнай-чинчийэр тиэмэтэ: «Изучение экологического состояния озера Тумусукан села Сунтар Сунтарского района методом биоиндикации», научнай салайааччыта – Диана Прокопьева. Түмүккэ Давид кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Ону тэҥэ, профессиональнай номинацияҕа бастыҥ үлэ аатын ылан дипломунан научнай мэтээлинэн наҕараадаланна уонна үрдүк көрдөрүүтүн иһин Аччыгый академия наукатын чилиэнэ буолла.
Күрэскэ кыайыылаах буолуу тиэмэтинэн сөп түбэһэр үрдүк үөрэххэ киирэригэр кыаҕы уонна БКЭ-ҕэ эбии 10 баалы ааҕыыга быраап биэрэр.
Улахан куоҥкуруска үрдүк кыайыытынан Давиды истиҥник эҕэрдэлиибит, инникитин даҕаны чинчийэр эйгэҕэ саҥа арыйыылары, ситиһиини баҕарабыт.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше