Дьаархан нэһилиэгэр «Көмүс күһүнү көрсүү» тэрээһин

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Дьаархан нэһилиэгэр  «Көмүс күһүнү көрсүү» тэрээһин олус көхтөөхтүк ааста. Тэрээһини  уһуйаан үлэһиттэрэ уонна ОДЬКХ үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тэрээһин тэрилтэлэр сэлэлии хаамыыларынан саҕаланна.
Бу күн нэһилиэккэ оҕо-аймах кэлэн сынньанар паарката арыллан олохтоохтор үөрүүлэрэ үксээтэ. «Мас олордуу» аахсыйаҕа хас биирдии тэрилтэ араас мастары аҕалан олортулар. Маннык хамсааһын нэһилэк тас көстүүтэ тупсарыгар ананар. Ону тэҥэ,  өр сылларга учууталынан үлэлээбит Пальмира Викторовна Семеноваҕа Дьаархан нэһилиэгин «Бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэрилиннэ.

Онтон салгыы «Көмүс күһүнү көрсүү» диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэс ыытылынна. Атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ.  Дьэ, бу күрэскэ хас биирдии тэрилтэ олуһун бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Ол курдук фотозона, авангарднай муода, борщ буһарыыта, кабачок түһүлгэтэ, үҥкүү, ырыа, бөдөҥ оҕуруот астара, көрдөөх спортивнай оонньуу күрэхтэрэ ыытылынна. Түмүктэр маннык буоллулар: үҥкүү, ырыа күрэҕэр:
Оскуола-1 үрдэл
Уһуйаан-2 үрдэл
Олохтоох дьаһалта уонна култуура үлэһиттэрэ кыттыспыт хамаандалара-3 үрдэл
Холбоһуктаах хамаанда-4 үрдэл

Атыыга-эргиэҥҥэ, фотозонаҕа:
Уһуйаан-1 үрдэл
Оскуола-2 үрдэл
Олохтоох дьаһалта, култуура -3 үрдэл
Холбоһуктаах хамаанда- 4 үрдэл

«Кабачок» түһүлгэтигэр:
Уһуйаан -1 үрдэл
Оскуола-2 үрдэл
Олохтоох дьаһалта,култуура-3 үрдэл
Холбоһуктаах хамаанда-4 үрдэл

«Бөдөҥ оҕуруот аһын» күрэһигэр:
Оскуола 1 үрдэл
Олохтоох дьаһалта, култуура-2 үрдэл
Уһуйаан-3 үрдэл
Холбоһуктаах хамаанда-4 үрдэл

«Авангарднай муодаҕа»:
Уһуйаан -1 үрдэл
Оскуола-2 үрдэл
Олохтоох дьаһалта, култуура-3 үрдэл
Холбоһуктаах хамаанда-4 үрдэл

«Көрдөөх оонньууларга»:
Уһуйаан -1 үрдэл
Олохтоох дьаһалта -2 үрдэл
Оскуола-3 үрдэл

Бу курдук, Дьаархан нэһилиэгэ элбэх үөрүүлээх-көтүүлээх биир күһүҥҥү күннэрин атаардылар. Түгэнинэн туһанан, кыттыбыт тэрилтэлэргэ махталбытын тиэрдэбит, куруутун бу курдук көхтөөх буолуохха.

Анна НИКОЛАЕВА

Читайте дальше