Чувашия уонна Саха сирин эдэр ааҕааччыларын көрсүһүүлэрэ

Сомоҕолоһуу күнүгэр анаан Кэмпэндээйи бибилэтиэкэтэ уонна Чувашия Чебоксары куоратын Хрисан Степанов аатынан 11-дээх оҕо бибилэтиэкэтэ эдэр ааҕааччыларыгар анаан «Оҕолор — оҕолорго: Чебоксары- Кэмпэндээйи» диэн ааттаан ситим нөҥүө телемост тэрийэн ыыттыбыт.

Мустубут оҕолорго Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэ тылларын бибилэтиэкэлэр салайааччылара Елена Тяпкильдеева уонна Татьяна Местникова эттилэр. «Сир уустара» оҕо киинин улахан саалатыгар олорон куйаар ситиминэн Чувашия туһунан элбэҕи билсибиппит. Оҕолор бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэрин, киин куораттара, Чебоксары, дойдуларын историятын уонна култууратын туһунан кэпсээтилэр, национальнай үҥкүүлэрин толордулар, төрөөбүт тылларынан хоһооннору аахтылар. Оттон биһиги оҕолорбут тапталлаах Сахабыт сирин айылҕатын, Өлүөнэ эбэбит, кини очуостарын, Ыһыах уонна, биллэн туран, төрөөбүт Кэмпэндээйилэрин, сиртэн хостонор баайын, туус, оскуола туһунан кэпсээтилэр. Муусука учуутала Гаврил Пахомов салалтатынан күпсүүрдэри, кырыымпаны, хомуһу туттан норуот матыыбын тыаһатан чуваштары сэҥээртилэр. Онтон 3-с кылаас үөрэнээччитэ Харысхан Семенов «Модун Эр Соҕотох» олоҥхоттон быһа тардыыны аахта, ол кэмҥэ Чувашия оҕолоро нуучча тылыгар тылбаастаммыт хартыыналарынан бу олоҥхону көрдүлэр.

Чуваштар биллиилээх суруйааччылара Константин Иванов 1908 сыллаахха суруйбут «Нариспии» поэматын 1990 с. саха норуодунай суруйааччыта Семен Руфов тылбаастаабыт кинигэтэ бэчээттэммитэ. Чебоксары бибилэтиэкэтиттэн кэллиэгэлэрбит биһиэхэ Семен Титович илии баттааһыннаах бэлэхтээбит кинигэтин куйаарынан ыыппыттара. Онон бу поэматтан быһа тардыылары оҕолор чуваштыы, сахалыы, нууччалыы аахтылар. Түмүккэ, 2-с кылаас үөрэнээччитэ Эрчимэн Герасимов биһиги биир дойдулаахпыт, саха бастакы суруйааччыларыттан биирдэстэрэ, А.А. Иванов-Күндэ «Төрөөбүт тыл» хоһоонун доргуччу аахта, онтон чуваштар оҕолоро «Йыхрав» (Ыҥырыы) диэн Чувашия норуодунай поэта Петр Хузангай хоһоонун аахтылар уонна биһигини төрөөбүт дойдуларыгар «ыалдьыттыы кэлиҥ» диэн ыҥырдылар. «Салгыы да сибээстэһэ туруохпут» диэн көрсүһүүбүтүн түмүктээтибит. Тĕл пуличен, көрсүөххэ диэри, Чувашия! Биһиги модун Арассыыйабыт олохтоох элбэх норуоттарынан күүстээх!

Татьяна МЕСТНИКОВА

Читайте дальше