“Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу” – Сунтаар улууһугар

Кулун тутар 4 күнүттэн саҕалаан «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» дьиэ кэргэни ааҕыыга угуйар соруктаах ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс 1-кы түһүмэҕэ улуустарынан ыытылла турар. Бу иккис төгүлүн ыытыллар оонньуу быйыл  Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар ананар. Оонньууга дьиэ кэргэн үс көлүөнэтэ кыттар.

Биһиги улууспутугар «Чолбон» сурунаал «Чолбон — өй күрэһэ»  улахан оонньуута бүгүн С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Сунтаардааҕы норуот айымньытын киинигэр буолла.

Кыттааччы дьиэ кэргэн хамаандаларын Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, суруйааччы биир дойдулаахпыт Ангелина Шадринова-Суоһааны эҕэрдэлээн тыл эттилэр, кыттааччыларга ситиһиилэри баҕардылар. Оонньууну «Чолбон» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уонна бу оонньуу ааптара, сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Туйаара Павлова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Манна уопсайа 7 дьиэ кэргэн кытынна. Ол курдук, Элгээйиттэн Екатерина Филиппова, Алена Филиппова уонна 7-с кылаас үөрэнээччитэ Дима Коркин, Күндэйэттэн Любовь Львова, Людмила Львова уонна 10-с кылаас үөрэнээччитэ Нарияна Алексеева, Кэмпэндээйиттэн Александра Герасимова, Лира Герасимова уонна 5-с кылаас үөрэнээччитэ Мичийэ Герасимова, Уһун Күөлтэн Фекла Григорьева, Елена Ноговицына, 8-с кылаас үөрэнээччитэ Юлия Егорова, Кутанаттан Наталия Егорова, Максим Максимов уонна 10-с кылаас үөрэнээччитэ Максимов Вова уонна Сунтаартан Зинаида Птицына, Мария Никифорова уонна 1-кы №-дээх оскуола 9-с  кылааһын үөрэнээччитэ Алина Никифорова, иккис дьиэ кэргэн Ирина Сивцева, Юлия Филиппова, политехническай лиссиэй 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрика Филиппова.

Бэрт сэргэх, тургутуктартан турар оонньуу 4 түһүмэҕинэн барда: саха литературатын төрүттээччилэр, бастакы норуодунай суруйааччылар, сэрии саҕанааҕы уонна кэннинээҕи литература уонна билиҥҥи кэм суруйааччылара. Ыйытык аайы хоруй 15 сөкүүндэ иһигэр бэриллэрэ ирдэннэ, инньэ гынан күрэс сып-сап чопчутук барда. Түһүмэх аайы түмүк тахсан,  сөптөөх эппиэттэри арыйан, көрөөччү да, кыттааччы да билиилэрин тута тургутунан көрөллөрүгэр бэртээхэй тоҕоос көһүннэ.

Тыҥааһыннаах, түһүмэхтэринэн эриэ-дэхси көрдөрүүлээх, очукуонан илин-кэлин түсүһүүлээх улахан оонньуу түмүгүнэн уопсайа 28 баалы ылан, Уһун Күөлтэн сылдьар Григорьевтар дьиэ кэргэн хамаандата бастаата. Муус устар 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка ыытыллар оонньууга Сунтаар улууһун аатыттан кыттар чиэскэ тигистэ.

II миэстэни 25 бааллаах Сунтаар нэһилиэгин Филипповтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар.

24 баалы ылбыт Кутанаттан сылдьар Максимовтар дьиэ кэргэн III миэстэҕэ таҕыстылар.

“Чолбон өй күрэһэ” улахан оонньууга кыттыбыт дьиэ кэргэттэр бука бары туоһу сурук туттулар, кыайыылаахтар бэлиэ суругунан наҕараадаланнылар, кинигэ бэлэҕи туттулар.

Марфа ИВАНОВА

Читайте дальше