«Чебурашка» уһуйааҥҥа үлэһиттэр сынньалаҥ кэмнэригэр араас тэрээһин ыытыллар.
Кыайыы 80 сылыгар аналлаах «Кыайыы Кубога» диэн дартска хас да түһүмэхтээх күрэх буола турар. Олунньу ыйга лидер «араҕас маайкатын» Ирина Федорова кэппит буоллаҕына, кулун тутарга Маргарита Архипова кыайыылаах буолла.
Кыайыы күнүгэр диэри өссө да икки түһүмэх баар. Эрийсиилээх киирсиилэр күүтэллэр.
Мария ВАСИЛЬЕВА