“Чаҕылхай суоллаах сэбиэт бэрэссэдээтэлэ” Степанов Михаил Васильевич

Куокуну нэһилиэгэр “Кустук” култуура киинигэр “Чаҕылхай суоллаах сэбиэт бэрэссэдээтэлэ” Сэбиэскэй партийнай үлэһит, сэрии, үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Степанов Михаил Васильевич төрөөбүтэ 100 сылын көрсө ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

Степанов Михаил Васильевич Куокунуга 1924 сыллаахха төрөөбүтэ, төрөппүттэрэ дьадаҥы дьон этилэр. Аҕыйах ынах сүөһүлээхтэрэ, кыра бурдугу ыһаллара уонна кыһыннары – сайыннары туулаан, туһахтаан аҕыс оҕону төрөтөн, улаатыннаран олох киэҥ суолугар таһаарбыттара. Аҕата Василий Степанович 105, ийэтэ Мария Прокопьевна 110 саастарыгар тиийэ олорбуттара.

1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта, 17 саастаах комсомолец  Михаил 1941 сыл күһүн тылланан армияҕа барбыта. Ол гынан баран ыараханнык ыалдьан дойдутугар төннүбүтэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии ыарахан сылларыгар элбэх бытархай колхозтары салайыыга, дьону кытта үлэни тэрийиигэ олохтоох сэбиэттэр, партийнай, комсомольнай тэрилтэлэр оруоллара улахан этэ. Армияттан төннөн кэлбит комсомолец Степановы партия райкома Чакыр нэһилиэгэр 1942 сыллаахха (билиҥҥитэ Күндэйэ) нэһилиэк сэбиэтин председателинэн таһаарар. Онтон ыла Михаил Васильевич бу түбүктээх, улахан эппиэттээх үлэҕэ пенсияҕа тахсыар дылы үлэлиир. 1944 сыллаахха кинини хаалыылаах үлэлээх Илимниир нэһилиэгэр ыыталлар. Сотору бу нэһилиэк оройуоҥҥа бастыҥ үлэлээх нэһилиэк буолар уонна партия райкомун, райсовет исполкомун  Кыһыл Знамяларынан наҕараадаланар. 1954 сыллаахха Куокуну,  Кириэстээх нэһилиэгин тэрийэллэр. Онно председателинэн Михаил  Васильевич талыллар. 1967 сыллаахха бу “бөдөҥсүтүү” сыыһатын өйдөөннөр уруккутун курдук икки нэһилиэккэ араараллар. Онтон ыла Михаил Васильевич Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир.

Михаил Васильевич 1952 сылтан ыла ССКП чилиэнэ, үлэлиирин тухары партийнай тэрилтэ секретарынан талыллан үлэлээбитэ. Партийнай үлэни олохтоох совет үлэтин кытта таба дьүөрэлээн дьону кытта үлэҕэ киэҥ үлэни ыыппыта. Элбэх быыбардарга оройуоннааҕы сэбиэт депутаатынан, партия райкомун чилиэнинэн талыллан оройуон экономиката, култуурата сайдыытыгар дьоһуннаах кылааты киллэрсибитэ.

Степанов Михаил Васильевич советскай – партийнай үлэҕэ олоҕун анаабыта. Нэһилиэк сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн 42 сыл, ол иһигэр Куокунуга 35 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.                                                   Кини үлэлиир кэмигэр Куокуну сэбиэтэ Сунтаар оройуонугар бастыҥ үлэлээҕинэн биллибитэ, ол курдук бүтүн Россиятааҕы куоталаһыыга (1977с.) бастаабыта уонна РСФСР – 2, оройуонтан – 5, онтон барыта 7 Кыһыл знамяны илдьэ олорбута.

Степанов Михаил Васильевич олорон ааспыт олоҕо, төрөөбүт нэһилиэгин, оройуонун сайдарыгар ыыппыт үлэтэ хаһан да умнуллуо суоҕа.

Ангелина Генерова

Читайте дальше