Артыыс быһыытынан чахчы ананан кэлбит киһини маннык суруксут буолуо дии санаабатаҕым. Чэ тугу кэпсиир эбит, сураҕа үөлээннээхтэрин туһунан бэркэ ахтыбыт диэн баарын истэммин Александр Бурнашов кинигэтин атыыластым. Аҕалаат арыйан көрөөрү гынан эрэрим да, түүн ортотун ааһыар диэри умсугуйан туран аахтым.
Айымньы буолбатах. Били, этэллэрин курдук, мемуар эмиэ буолбатах. Ол эрээри үлэ үөһүгэр, чымаан күөнүгэр сылдьар киһи өйүн-санаатын, толкуйун, быдан эрдэттэн, эдэр эрдэҕиттэн олоҕу туспатык көрөрүттэн саҕалаан күн бүгүҥҥү кыһалҕаны кытта таарыйан туран ис санаатын тоҕу тэбиир дьикти сэһэн буолла. Били урут мин дьиктиргээн аахпыт биир ураты кинигэлээх этим. Ол Андрей Кончаловскай “Низкие истины. Возвышающий обман” диэн мемуар аҥаардаах кинигэтэ. Киһи да, режиссер да быһыытынан кинини үрдүктүк туппатарбын да, бу кинигэтин баҕас оччолорго сыаналаабытым. Ол онуоха маарыннаттым, итиэннэ дьиҥ чахчыны ааҕааччы иннигэр ууран биэрбитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын!
Биһиги Сахабыт сиригэр тапталлаах артыыстарбыт майгыларын, тус олохторун хантан билиэхпитий? Эдьиий Марыынаны кытта кэпсэппит курдук сананным, сүдү да Ырыаһыт кэлэн барбытын көр! Анегина Ильинаны Эдьиий Марыына сыаналыырын хаһан да уураппатаҕыттан уйадыйа сыстым. Ааптар, эмиэ кини тылынан, Нина Чигиреваны, Айылҕаттан бэриһиннэриитин курдары көрөн буоллаҕа, “Великая” диэбитин кинигэҕэ суруйан үйэтиппитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын! Раиса Захарова барахсан… норуодунай аатын ылан баран хараастыбытын көр. Абаккалаах ээ, көр, арыый эрдэ ити аат кэлбитэ буоллун, төһөлөөх ыллыам этэй диэбитигэр дылы… арааһы эргитэ саныырга бу ахтыы төрүөт уурда.
Быыһыгар, киһи санаатын тууйбат курдук, оҕо сааһын доҕотторун, тэҥ саастаахтарын хайдахтаах курдук сылаастык ахтарый? Кинигэбин кэбийбэтим эрэ, эргитэ сылдьан аахтым уонна өссө куомуннаах буоллум: мин эмиэ Бурнашов курдук Аскалон ырыаһыт эрдэтээҥҥитин ахтар эбиппин. Билигин наһаа “бэлиитикэлээх, бөтүрүйүөттүү” ырыалары астына истибэппин… иэйиитин ордорор эбиппин. Ити Аскалон “Ийэ” туһунан ырыалаах ээ, ийэлээх дьону барытын ытатар дьикти тыыннаах. Истэн олордоххо үүт-тирии этэр тыллара кими баҕарар кымньыылыыр: ийэлэрбит барахсаттары эрдэ биһиги туспутугар бэриниилэрин билбэт-көрбөт буолан истэхпит… Ол иэспитин санатар ырыа.
Итиэннэ бу Бурнашов эбэ ииппит-такайбыт оҕото буоларын хаһан да истибэтэҕим, аны ол сыдьаанынан Арбита аймаҕа эбит буолбат дуо? Ити аата баардаах сиргэ баар буолбут уол оҕото эбит! Мин барытын сиһилии кэпсээбэппин, ааҕыҥ, сыаналааҥ, бэйэҕит тускутугар сыһыаннаах туох эмэ булгу көстүө дии саныыбын! Кэтириинэ уонна Өлөксөй Дьөгүөрэптэр өрөспүүбүлүкэҕэ хайдах биллэр ырыаһыт буолбуттарын билиэххит, кымньыыта суох Аркадий Алексеев хас көлүөнэ ырыаһыты иитэн таһаарбыт кырдьыга эмиэ манна баар.
Барыта кырдьыктыы. Хайдах баарынан. Бэйэтэ норуодунай артыыс буолбут уол оҕото урут норуодунайдартан—эдьиийдэриттэн-убайдарыттан салла быһыытыйарын эмиэ бэрт сытыытык уонна сылаастык ахтыбыта киһини көнньүөрдэр. Эстрадаҕа киирбит суолун умнубат киһи аҕыйах. Оттон Бурнашов махталлаах уол эбит. Хайдах курдук чопчулаан Бүөтүр Бэстирикиэби ахтыбытый?
Онон баһыыбабын биэрэбин, махталбын тиэрдэбин! Ити үкчү бассаапка баппат буолан эрэр эҕэрдэлэргэ барытыгар кыттыһабын, кинилэри кытта тэҥҥэ хайгыыбын уонна чахчы саха норуотугар сүгүрүйүү туомун тута сылдьааччы кини эбит диибин: анаан музей тэрийэн, “Көмүс ааттар” диэн анабыл кэнсиэртэри-биэриилэри оҥорон, аны онтун барытын кинигэтинэн бигэргэтэн. Киһи диэн итинник буолуохтаах! Норуот артыыһа диэн—бу!
Анисим НЕУСТРОЕВ,
Дьокуускай.