Олунньу 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү бөлөх улуустарын быыбардары тэрийэр Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга уонна быыбар хамыыһыйатын чилиэннэригэр сэминээр буолла.
Бу сэминээргэ Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров 2024 сыл кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллар РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар бэлэмнэнии уратыларын кэпсээн сэминээри арыйда. Салгыы сүрүн хайысхаларынан тустаах үлэһиттэр, киин быыбардыыр хамыыһыйа методическай-тэрийэр отдел салайааччыта Аида Григорьева, информационнай киин салайааччыта Михаил Неймохов кыттыыны ыллылар. Сунтаартан биир күннээх сэминээргэ 17 киһи баран буолаары турар Бэрэсидьиэн быыбарын тэрээһинигэр анал үөрэхтэри ыллылар.
Санатан этэр буоллахха, «Мобильный избиратель» диэн ньыманан туһанан, ханна пропискалааххыттан тутулуга суох, ханнык баҕарар сиргэ тиийэн, куоластыыр кыахтааххын.
Оччотугар сайабылыанньаны күн ахсын, кулун тутар 11 күнүгэр 14 чааска диэри, территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) тиийэн, эбэтэр «Госуслуги» портал нөҥүө, оттон кулун тутар 7 күнүттэн бэйэҕит быыбардыыр учаастактааҕы хамыыһыйаҕытыгар кэлэн суруйуоххутун сөп.
Онон, улахан суолталаах быыбарга куоластыыр быраапкытын мүччү тутумаҥ.
Марфа СЕМЕНОВА