Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэрдэр семинардарын түмүктэрэ

Балаҕан ыйын 10-16 күннэригэр Барнаул куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы «Краеведение: многогранность подходов, безграничность идей » диэн ааттаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ-сэминээр буолан ааста.

Бу улахан тэрээһиҥҥэ Белоруссияттан, Узбекистантан уонна Арассыыйа араас регионнарыттан 300-тэн тахса бибилэтиэкэ, архыып, мусуой үлэһиттэрэ, учуонайдар кыттыыны ыллылар.

Биһиги улууспутуттан Куокуну нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Жанна Генерова, Сунтаар киин бибилэтиэкэтиттэн Мария Томская буолан сэминээр үлэтигэр кыттынныбыт. Биэс күн устата бибилэтиэкэлэргэ кыраайы үөрэтиигэ, билиини тарҕатыыга, үйэтитиигэ хайдах үлэлэр, туох кыһалҕалар, ону хайдах туоратарга аналлаах араас дакылааттар, ырытыылар, кэпсэтиилэр буоллулар. Мария Ивановна «Методическое обеспечения краеведческой деятельности библиотек» диэн дакылаата стендэҕэ турда. Оттон мин бу сайын Кэмпэндээйигэ тэриллибит турмаршруттар, экскурсиялар тустарынан кэпсээтим. Бу маршруттарга сылдьыбыт дьон Кэмпэндээйи туһунан үгүһү биллибит диэн сэҥээрдилэр. Уопсайа икки ыйга араас регионнартан, улуустартан 400-тэн тахса киһи сылдьан Кэмпэндээйи, туус историятын, айылҕатын туһунан элбэҕи билэн сөҕөн-махтайан бардылар.

Сэминээргэ араас регион библиотекалара бэлэмнээн таһаарбыт кинигэлэрин быыстапката турда. Манна Сунтаар кииннэммит бибилэтиэкэлэрин систиэмэтин иһинэн тахсыбыт кинигэлэр эмиэ турдулар. Оттон бу кинигэлэр сэминээри тэрийбит Алтай бибилэтиэкэтигэр бэлэх хааллылар. Мария Ивановна Сунтаар улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин салайааччытын Изабелла Жиркова эҕэрдэ суругун кытары 2022 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ 100 сааһыгар анан тахсыбыт 3 туомнаах «История Якутии» диэн дьоһуннаах кинигэни бибилэтиэкэ салайааччытыгар Татьяна Егороваҕа үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарда.

Ыалдьыттары Алтаай киин бибилэтиэкэтин иһинэн, Барнаул куорат устун экскурсияҕа сырыттыннардылар. Биир күн 250 км ыраах сытар Колывань диэн сэлиэнньэҕэ өҥнөөх таастарынан араас оҥоһуктары, мозаикалары оҥорор баай устуоруйалаах собуокка, Змеегорск диэн хайа рудатын хостуур куоракка түмэл көрөн астынан кэллибит.

Сэминээр түмүк күнүгэр Арассыыйа национальнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ 1992 сылтан бүгүҥҥэ диэри библиографическай ыйынньыктар бэчээттэнэн тахсыыларын Арассыыйа үрдүнэн чинчийэн ырыппыттарын билиһиннэрдилэр. Манна элбэх көрдөрүүгэ барыларыттан бастакы күөҥҥэ Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтэ сылдьар диэн бэлиэтээбиттэригэр олус диэн киэн тутуннубут. Арассыыйа бибилэтиэкэлэрин ассоциациятын кыраайы үөрэтэр секция салайааччыта Надежда Балацкаяттан сэминээр үлэтин туһунан санаатын үллэһиннэ. Кини Саха сирин бибилэтиэкэлэрин үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата, саха норуотун култууратын үйэ-саас тухары кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларан үйэтитэтэллэр диэн бэлиэтээтэ. «Сунтаар бибилэтиэкэтэ бу хайысхаҕа эмиэ күүскэ үлэлиигит» диэтэ, билиҥҥи тыҥаан турар ситимҥэ баар Сунтаар туһунан суруллубуту архыыптыыр үлэни саҕалыырга ыйда. Надежда Михайловна кэллиэгэтин Маргарита Мартиросованы кытары бу олус наадалаах үлэ хайдах барыахтааҕын ымпыгын-чымпыгын суруйбут «Краеведческий веб-архив в структуре информационных ресурсов библиотеки: модель и возможности реализации» кинигэтин хаһы да ыллыбыт. «Питер куоракка Арассыыйа национальнай бибилэтиэкэтигэр, архыыптарга кэлэн үлэлээҥ, көмөлөһүөхпүт» диэн ыҥырда. Сунтаардар сахалыы сайбаччы таҥнан, киэргэл иилинэн кэллиэгэлэрбитин сөхтөрдүбүт, үгүс дьон хаартыскаҕа түһүстэ. Бэл, Надежда Михайловна «сэминээр ыыппакка эһигини көрө олордум ээ» диэн күллэ. Эһиилги сэминээр Мурманскай куоракка буолар, онно бибилэтиэкэлэргэ туох кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсабыт диэн торумнаан улахан тэрээһини түмүктээтибит.

Татьяна МЕСТНИКОВА, Кэмпэндээйи.

Алтай кыраайын научнай бибилэтиэкэтин хаартыскалара.

Читайте дальше