Бу күннэргэ биһиги улууспутугар араас култуура, успуорт тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка ыытылла аҕай тураллар. Олортон мин бүгүн бу соторутааҕыта Сунтаарга С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр биһиги, сунтаардар, тыл дьүөрэлэһиитинэн эрэ этэр буолбакка, чахчы бары өттүнэн күндү күтүөппүт, билигин дьиҥнээх өбүгэлэрин аатын ылынан, Саргын Баҕатаан Арыылаах Уола диэн ааттаммыт, уруккутунан Афанасий Никифоров «Байаан алыптаах ырыата» диэн бэртээхэй киэһэни бэлэхтээбитэ. Бырагыраама быһыытынан Бүлүү эҥээрин түөрт улууһа бары кэлиэхтээхтэриттэн  Ньурба, Үөһээ Бүлүү баянистара кэлбэтэхтэрэ эмиэ да «үчүгэйдээх», сөп курдук буолбута диэххэ айылаах буолла. Бары кэлбиттэрэ буоллар, уораҕайбытыгар хонуохпутун да сөп курдук уһун, киэҥ бырагыраама эбит.

Биллэн турар, билигин баян тыаһын урукку 50, 60, 70,  сыллааҕы аҕамсыйбыт көлүөнэ дьон ордук биһириирэ, ахтара-суохтуура биллэр. Бу да киэһэ оннук буолла. Көрөөччү үксэ сааһырбыт дьон.

Онон улууспутугар биллэриллибит Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылыгар саамай дьүөрэлии, тоҕоостоох тэрээһин буолла. Кинилэр бары даҕаны умнубут, ахтыбыт баяннарын тыаһын чахчы суохтаабыттарын хас биирдии толорооччуга дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээн үөртүлэр. Чахчы даҕаны баян алыптаах тыаһын дорҕооно үгүс көрөөччүнү үөртэ, долгутта, астыннарда. Мин бу кылгас бэлиэтээһиммэр хайдах даҕаны хас биирдии толорооччуну туспа бэлиэтиир кыаҕым суох. Эмиэ үксэ сааһырбыт толорооччулар дьэ чахчы дууһа кутун тутардыы, уйан куттаах көрөөччүнү уйадытардыы ыллаатылар ээ. Дэлэҕэ, сорох-сорохтор уйадыйан, кэлбит харахтарын уутун кистии-саба соттуохтара дуо…

Бу киэһээҥҥи кэнсиэргэ бүлүүлэр күннээтилэр диэххэ сөп. Ол курдук, дьонугар-сэргэтигэр «Бүлүү күөрэгэйинэн» ааттаммыт Матрена Сивцева, кэргэннии, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дуэттар Елена, Иван Туласыновтар, өр сылларга салгын хараабылыгар үлэлээбит лүөччүк Виктор Платонов, Егор Евдокимов, ырыаһыт Людмила Леонтьева, ыраах Кэбээйи сириттэн биир дойдулааҕын Саргын Баҕатаан тэрээһинигэр соҕотоҕун ааттаан-суоллаан кэлбит Иван Чагда, о.д.а. көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыахтарын ыллылар. Биллэн турар, бэйэбит дьоммут эмиэ үгүс үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээтилэр бөҕө буоллаҕа. Биир-биир ааттаталыы сатаабаппын, дьонум-сэргэм өйдүөхтэрэ дии саныыбын.  Улуустааҕы оҕо ускуустубатын баяҥҥа уһуйааччыта Ирина Ноговицына икки үөрэнээччи уолун бу үрдүк сценаҕа сүрэхтээбитэ кэрэхсэбиллээх диэххэ наада.

Түмүгэр, бу Саргын Баҕатаан саҥа бырайыагынан бастакы тэрээһинэ табылынна диэххэ сөп. Ол биир туоһутунан, үксэ даҕаны аҕам саастаах көрөөччүлэр сирэйдиин-харахтыын сырдаан, санаалара, дууһалара чэпчээн, умнулла быһыытыйбыт баяннарын доҕуһуолунан араас ырыаны астына истэн үөрэн-көтөн тарҕаспыттара да туоһулуур. Сонун, интэриэһинэй кэнсиэри мэлдьи да буоларын курдук Людмила Пустолякова үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта.

Дьэ, аны билигин Кэбээйи улууһун 1 Лүүчүн уонна Сунтаар улууһун Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун, СӨ култууратын туйгунун, Саха сирин сайдан өҥ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнин Баҕатаан Саргын Арыылаах Уолун уһун-синньигэс кэпсээниттэн билсэ түһүөххэ.

– Икки күннээх кэнсиэртэн сылыктаатахха, дьон-сэргэ астынна. Баян инникилээх эбит диэн эрэл кыымын сахта. Саҥа үйэ балысхан сайдыытыгар үтүрүллэн, 90-с сыллартан баямммыт барахсан үтүрүллүүгэ барбыта баар чахчы этэ. Дьэ онтон ыла баян тыаһыгар доҕуһуоллатан ыллыыр, дьон-сэргэ кутун туппут хаарыан умнуллубат куоластаахтар кулууптарга кэлбэт, кэрэ куоластара иһиллибэт буолбута.

 Кэлин өйдөнөн, киэҥ Арассыыйа Эбэ, Сахабыт сирин да мусукааннара тыыннаах муусуканы тилиннэриэххэ диэн саҥалара иһиллэр, туруорсар буолан барбыттара.

 Мин 2003 с. Сунтаарга бастаан баянистар  түмсүүлэрин тэрийэрбэр Сунтаар улууһугар 33 баяниһы түмпүтүм. Билигин Бүлүү бөлөх түөрт улууһун да үрдүнэн оччо баяниһы хомуйан түмэр биллибэт. Ол иһин дьэ бу Бүлүү бөлөх улуустарын баянистарын түмэн, баяммыт барахсан ырыата симэлийэн сүтүөн иннигэр иккис тыынын киллэрэн, Хотун Бүлүү үрдүнэн тыыннаах муусука хос сөргүтүллэн, бар дьоммутугар сэргэхсийиини, өрө көтөҕүллүүнү бэлэхтээтин диэн үтүө баҕа санааттан бу түмсүүнү тэрийдим.

Сыалым-соругум диэн Бүлүү бөлөх улуустарын култуураларын салайааччыларын кытта бииргэ үлэлэһэн, улуустарга олорор баянистар олохторун-дьаһахтарын, ырыаларын-тойуктарын ТВ устан үйэтитии, бар дьоҥҥо тириэрдии уонна пропагандалааһын. Инники былааннар элбэхтэр. Холобур, түмсүү чилиэннэригэр «Бүтэй Бүлүү баяниһа» анал бэлиэни олохтооһун. Сыл аайы баянынан ырыа күрэстэрин тэрийэн ыытыы, о.д.а элбэҕи ыралана саныыбыт.

Баҕатаан Саргын Арыылаах Уолун бары баҕа санаалара туолан, Бүлүү Эбэ үрдүнэн баян барахсан эҥээркэй ырыата эҥсиллэ турдун диибит.

Борис НИКОЛАЕВ

Читайте дальше