Бу күннэргэ бүтүн дойду үрдүнэн тиһэх чуораан диэн ааттанан оскуоланы бүтэрэээччилэргэ улахан долгутуулаах түгэн…
Онтон миэхэ ити түгэн буолбута быйыл лоп курдук биэс уон сылын туолар. Дьыл-хонук, ырааппыт даҕаны эбит. Хаһан эрэ, хаһан эрэ Аля Иванова диэн ааттанан оҕо буола сылдьыбыттаахпын…
«Булан ыллым мин өрдөөҕү хаартысканы – оҕо эрдэхпитинэ түспүппүт, көр эрэ, бу бары истиҥник даҕаны сырдык мичилинэн күлбүппүт…» — бу хаартыскаҕа А.П.Павлов аатынан Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын онус «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэн ситии-хотуу аттестатын ылар күммүтүгэр түспүппүт. Кылааспыт салайааччыта Федотова Елена Дмитриевна уонна оскуолабыт дириэктэрэ Зедгенидзев Семен Александрович.
Инники кэккэҕэ олус дуоспуруннаахтык туттан олороллор уолаттарбыт – Дмитриев Коля, Константинов Виталий, Фокин Ваня, Данилов Тима, Константинов Вова, Попов Ваня, Николаев Сергей. Кылбаа маҥан былааччыйа кэтэн, ааспыт үйэ сэттэ уонус сыллардааҕы сиэринэн ыга киэргэнэн мааны да мааны кыргыттар турабыт – Николаева Зоя, Архипова Лариса, Федорова Галя, Петрова Надя, Архипова Света, Саввинова Капа, Иванова Аля, Федорова Рита, Попова Люба, Тектясова Валя, Петрова Даша, Яковлева Марианна, Захарова Наташа, Федорова Наташа. Сорох оҕолорбут хаартыскаҕа суохтар, уопсайа онус «а» кылаас диэн ааттанан оскуолабытын 28 буолан бүтэрбиппит.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар кылааспыт салайааччылара сыл аайы кэриэтэ уларыйаллара. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петров Петр Сидорович, Москва пединститутун бүтэрбит эдэркээн нуучча кыыһа Светлова Наталья Борисовна, оттон оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар Федотова Елена Дмитриевна үлэлээбиттэрэ. Павлова Анна Петровна биһиэхэ кылаас салайааччыта буолуоҕун олус диэн баҕарарбыт, ону оскуола администрацията завуч гынан кэбиһэн баҕа санаабыт туолбакка хомойбуппутун өйдүүбүн. Оччотооҕу оҕо сиэринэн, учууталларбытын үгүстэрин олус сөбүлүүрбүт, сорохтортон толлорбут, куттанарбыт. Мин тус бэйэм математика, история уруоктарын олус сөбүлүүрүм. Егорова Татьяна Константиновнаттан үгүспүт толлор быһыылааҕа, кини ирдэбилин барытын толоро сатыырбыт. Петров Петр Сидоровиһы олус ытыктыырым, история уруоктарын олус сөбүлүүрүм. Селляхов Виссанион Васильевич үөрэтэр ньымаларын туһунан элбэх кэпсээн баар буолара. Холобур, уруокка илиигин уунан олорботоххуна, тутатына кылаас сурунаалыгар «иккини» эбэтэр «эдьинииссэни» туруоран кэбиһэрэ. Үрдүкү кылаастарга НВП уруоктарыгар, байыаннай хаамыы көрүү күрэхтэригэр сөбүлээн дьарыктанарбыт. Учууталбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Яковлев Иван Макарович этэ. Французскай тылы сөбүлээн үөрэппитим, оскуола уонна оройуон олимпиадаларыгар кыттан ситиһиилэнэрим. Онно учууталларым Потапова Зоя Николаевна, Сивцева Татьяна Афанасьевна үөрэтэллэрэ-такайаллара, сүрдээҕин кыһаллаллара, көмөлөһөллөрө.
Кылааспыт оҕолоро бэйэбитин сүрдээх түмсүүлээх курдук сананарбыт. Попов Ваня, Петрова Надя, Архипова (Корнилова) Лариса кылаас лидердэрэ этилэр, барыга бары көҕүлүүллэрэ, тэрийэллэрэ. Оскуоланы бүтэрэн да баран, кинилэри тула түмсэрбит.
Хас да сылы быһа паартаҕа бииргэ Степанова (Петрова) Дашалыын олус тапсан олорбуппут. Даша сүрдээх намыын, эйэҕэс майгылаах, күлэн кэбиһэр идэлээҕэ. Мэник оҕо санаабар, улаатан кыыс оҕолоннохпуна, Дашенька диэн ааттыам дии саныырым. Өр сылларга эн-мин дэһиспит дьүөгэм Петрова Надя Ванятынаан ыраас тапталларын туоһута этим. Оҕо сааһым өссө биир истиҥ дьүөгэтэ – Яковлева Марианна. Уруһуйдуурун олус сөбүлүүрэ, оччотооҕу кэмҥэ киһи бары сөбүлээн көрөр индийскэй киинэлэр геройдарын олус үчүгэйдик уруһуйдаан бэлэхтиирэ. Ол уруһуйдар хаартыскам альбомугар сылдьалларын көрдөхпүнэ, ыраах ааспыт оҕо сааһым салгына «ил» гынарга дылы.
Федорова Галя кылаас саамай чулуу математигынан биллэрин таһынан, саамай «начитаннай» кыыспыт этэ. Кинини үтүктэн, ордук 9-10 кылаастарга уруок кэмигэр кинигэ ааҕыытынан үлүһүйэ сылдьыбыппыт. Ардыгар тутуллан, учууталлартан мөҕүллэр түгэн аҕыйаҕа суоҕа. Ордук «Роман-газетаны» сөбүлээн ааҕар этибит.
Кылааспыт саамай «успехтаах» кыраһыабай кыргыттарынан Архипова Лариса, Федорова Наташа буолаллара. Үрдүкү кылаас уолаттара кытта кинилэргэ саппыыска суруйалларын биһиги улахан сонун, кыайыы курдук истэрбит.
Оскуола чулуу спортсмена Иванов Валентин, саамай уһун, көнө уҥуохтаах Николаев Сергей, саамай уруһуйдьут Фокин Ваня, саамай көрдөөх-нардаах Дмитриев Коля, саамай кылгас олохтоммут Данилов Тимочка…
Эдэр ыччат элбэхтик тоҕуоруһар, билсэр сирдэринэн оччотооҕу Сунтаарга «Партизан» кулууба, РДК буолаллара. Киэһээҥи сеанстарга, таансыларга, бобуулаах буолан эбитэ дуу, сылдьыах баҕа олус күүстээх буолара.
Оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар алта кыыс буоламмыт олус чугаһаспыппыт: Архипова Лариса, Архипова Света, Петрова Надя, Степанова Даша, Федорова Галя уонна мин. Эксээмэннэрбитигэр бары бииргэ бэлэмнэнэрбит, ордук пааркаҕа элбэхтик сылдьарбыт. Тоҕо эрэ биир кэмҥэ хаартынан бары олус үлүһүйэ сылдьыбыппыт.
Оскуолабыт дириэктэригэр Зедгенидзев Семен Александровичка, үөрэппит учууталларбытыгар Карпенкова Раиса Михайловнаҕа (нуучча тыла), Саввинов Николай Егоровичка (саха тыла уонна литературата), Мекумянов Юрий Васильевичка (алгебра уонна геометрия), Павлова Анна Петровнаҕа (химия), Федотова Елена Дмитриевнаҕа (химия), Маркова Анфиса Иннокентьевнаҕа (биология), Лидочен Николай Васильевичка (география), Петров Петр Сидоровичка (история), Мурукучаев Петр Павловичка (обществознание), Кириллин Николай Васильевичка (физика), Мохов Олег Николаевичка (физкультура), Потапова Зоя Николаевнаҕа (француз тыла), Сивцева Татьяна Афанасьевнаҕа (француз тыла), Яковлев Иван Макаровичка (НВП) мэлдьи махталбыт улахан буолара.
Мин бэйэм идэбинэн учууталбын. Учуутал буоларбар саамай холобур оҥостубут киһибинэн Анна Петровна Павлованы ааҕабын. 1981 с. Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын бүтэрэн, историк, история уонна обществознание учууталын идэтин ылбытым. Өр сылларга таптыыр идэбинэн Сунтаар Аллыҥатыгар, Амма Бөтүҥүгэр, төрөөбүт Элгээйибэр, Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитим. «Старший учитель», «Отличник образования Республики Саха (Якутия)», «Учитель учителей», «Почетный работник общего среднего образования Российской Федерации», «За вклад в образование Сунтарского улуса» диэн анал бэлиэлэрдээхпин, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэбин. Ол гынан баран, саамай үрдүк наҕарааданан миэхэ үөрэппит оҕолорум махтанар тыллара, «бу мин учууталым» диэн киэн тутта ааттыыллара, үөрэ-көтө көрсөллөрө буолар.
2000 сылтан улуус үөрэҕин управлениетын информационной-методическай киинин сэбиэдиссэйинэн үлэлээн, улуус учууталларын профессиональнай таһымнарын үрдэтиигэ күүспүн-күдэхпин, сырабын-сылбабын уурбутум. 2012 сылтан управление иһинэн үлэлиир үөрэх историятын үөрэтэр түмэли тэрийсэн, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин историятын үйэтитэр сыаллаах үлэлии сылдьабын. Дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыт «Кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ» диэн кинигэни хомуйан таһаартарбытым.
Бүтэһик чуораан чугдааран оскуоланы бүтэрбиппит хайыы-үйэ 50 сыл буолбут эбит. Хомойуох иһин, бүгүн биһиги бары баар буолбатахпыт… Олох очурдара-чочурдара хас биирдиибитин таарыйан аастылар, араас дьылҕалаах, олохтоох дьон буоллубут. Ол гынан баран ханнык да түгэҥҥэ бииргэ үөрэммит оҕолорбун олус истиҥник саныыбын, үөрэ-көтө көрсөбүн.
Альбина ИВАНОВА