Бүлүүйүскэйгэ анаммыт тэрээһин

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Кутана нэһилиэгин «Алгыс” култуура киинигэр олохтоох бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт «Сунтаар миигин ыҥырар-2023” VII ырыа-хоһоон түһүлгэтэ олус көхтөөхтүк буолан ааста. Онно улууспут үгүс нэһилиэктэриттэн, Ньурба улууһуттан айар талааннаахтар кэлэн, кыттыыны ыллылар. Дьоро түгэҥҥэ күндү ыалдьыттарынан Саха сирин суруйааччыларын, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэннэрэ Валериан Николаев, Афанасий Гуринов-Арчылан, суруналыыс, успуорт комментатора Александр Васильев-Көрдүгэн, композитор, мелодист Алексей Калининскай-Луҥха уо.д.а. буоллулар.
Эбиэккэ диэри Аалбар табаарыһа, доҕоро, кини талааныгар сүгүрүйээччи Николай Егоров-Аҕырытта Ньукулай хомуйуутунан, суруйуутунан иһирэх тыллаах ахтыылар, хоһооннор, ырыалар, суруктар түмүллэн киирбит «Кэҕэ кулгааҕа» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Ааптары бу бэлиэ күнүнэн Кутана нэһилиэгин баһылыга Николай Давыдов, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнига Саргылаана Омукова, Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ салайааччыта Изабелла Жиркова, «Ньургуһун» литературнай түмсүү салайааччыта Розалия Сидорова-Ымычаана, Аҕырытта Ньукулай уола Вениамин Егоров уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Альберт Семенович тыыннааҕар кини биир дьоҕус кинигэтэ 1968 сыллаахха тахсыбыт. Талааннаах поэт баара суоҕа 36 сааһыгар олохтон туораабыт. Өлбүтүн кэннэ кини туһунан барыта 8 кинигэ күн сирин көрбүт.
Ол кэннэ тэрээһин кыттыылаахтара Альберт Бүлүүйүскэй ырыаларын, хоһооннорун толордулар. 15 мүнүүтэҕэ «Кэҕэ кулгааҕа» диэн тиэмэҕэ хоһоон айдылар. Онно барыта 26 киһи кытынна, ол иһигэр 5 оскуола үөрэнээччилэрэ. Түмүгэр уһун киэҥ кэнсиэрт буолла.

Гаврил АНДРЕЕВ.

Читайте дальше