Эрчим үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн бу хайыр таас дьапталҕаларынан тулаламмыт, ортотугар күөҕүнэн суугунуур, тыал хайа диэкиттэн үрэриттэн тутулуктанан сытыйбыт сымыыт сытынан тунуйан ылар олорор, үлэлиир куоратын олус диэн сөбүлүүр. Сөбүлээминэ даҕаны, били этэргэ дылы, ынах кутуругун эрэ эрийэр ыраах тыа сириттэн үөрэх-билии тардыһа бу куоракка кэлбитэ. Араас сиртэн кэлэн үөрэтэр чиҥ билиилээх учуонайдарыттан үгүс, дириҥ билиини ылбыта, практикатын манна үрдүгэр, араас аныгы сэбилэниилээх АЛРОСА тэрилтэлэригэр, араас омук ортотугар ааһан киэҥ билиилээх, кыраттан иҥнэн-толлон турбат аныгы саха буолан тыыллан-хабыллан тахсыбыта.
Силигин ситэрэн араас омук үөрэнэр ыччатын ортотуттан омуктуу эрэ тыбыырбыт кыыс оҕо кылааннааҕын хоойго сытар хотун ойох оҥостон, оҕо-уруу бөҕө буолан бырылаан олорор. Өссө ыҥырыкка сылдьар бастыҥ үлэһит буолан тэрилтэтэ толору хааччыллыылаах киэҥ-куоҥ дьиэ биэрэн олох олохтоохтук олохсуйда.
Саха киһитин сиэринэн, эмиэ бэйэтин курдук олохтоох уолаттардыын артыаллаһан күһүн, саас кустуу-хаастыы бараллар. Сахалар бу «сезоннай ыарыыларын» билэр буоланнар улуу убайдар да туорайдаһа барбаттар, уоппускаларын, өрөбүллэрин мунньан бу кэмҥэ биэрэн, алҕаан ыыталлар. Кинилэр даҕаны, булт быйаҥыттан тииһинэр үөрүүтүн олохтоох омуктардыын бииргэ былаһан олорор буоланнар аһара билэллэр.
Быйыл эмиэ Эрчим кыһыны быһа ыра санаа ымыыта буолбут сирдэригэр биэс табаарыһынаан үөрүү балысхан кынатыгар уйдаран, булт-алт абылаҥар бүтэйдии буһан, баай барыылаах Байанайдарын түүлээх түһэҕэр үҥкүрүйээри, быйаҥнаах ытыһынан имэрийтэрээри аат ааттаан алҕаан, ааттаһан тиийбиттэрэ. Кус-хаас тохтоон ааһар, тиийиэхтээх сирдэрэ чиэски дойду этэ . Бастаан тимир көлөнөн көнө суолунан дьигиһитэ айаннаан сир ыла түһэллэрэ. Онтон ол сэптэрин от-мас быыһыгар анньан, дохсун сүүрүктээх эбэни сүүрүк хоту аллара усталлара. Онтон дьэ, биэрэккэ тиксэн тураҥнары, дулҕалаах маардары сыыйан , ууну-бадарааны оймоон тустаах сирдэригэр тиийэллэрэ.
Биир киэһэ уолаттар, омун-төлөн дьон, аһаан аймалаһан, сарсыҥҥы күннэрин былааннаан баран, көй бараан түүн үөмэн кэлиитэ түлүк ууларыгар утуйа сыппыттара. Ол утуйа сыттахтарына, Эрчим түүлүгэр балаакка диэлин аргыый арыйан кыыс киирэн кэлбитэ. Дьиэтиттэн, кэргэниттэн аҕыйах да хонукка тэйдэр эдэр эр киһи кыыһы көрөн сэргээн сэгэс гынан оронугар олоро биэрбитэ уонна кыыһы одууласпыта. Кыыһа тоҕо эрэ, кини ыһыахха эрэ көрөр кыргыттарын курдук, сахалыы мааны таҥастааҕа, суһуоҕун икки үөстээн өрүнэн намылытан иннигэр түһэрбитин уһун киистэлэрин туппахтыыра, тумса оһуордаах тирэҥсэлэрэ хойуу сииги кэспит курдук сиигирбит, ааһа баран ыыс араҕас өҥө илийэн хараарбыт курдуктар этэ, олус ыксаабыт көрүҥнээҕэ. Хап-хара, биир да кырааска-самааска сыстыбатах, үргүбүт тугут курдук хап-хара харахтарынан уолу ыҥырардыы одуулуура, уһун кыламаннарынан сапсынан тиэтэтэрдии туттара. Көтөөрү гыммыттыы куба маҥан илиилэрин сапсынан кэл диэбиттии ыҥырара. Уол оччону көрөн ойон турбута, кыысчаан чэпчэки баҕайытык дэгэс гынан таһырдьа ыстаммыта. Эдэр уол тутуу былдьаһан ойон туран эмиэ таһырдьа ыстаммыта. Балаакка таһыгар ким да суоҕа, арай кыысчаана ыраах дьэргэйэн көстөр буор хайа үрдүгэр туналыйан туран тиэтэтэрдии далбаатаабыта.
Түүҥҥү сөрүүн салгынтан дьигис гынан уол уһукта биэрбитэ. Сөҕүөн иһин туруусугунан эрэ таһырдьа чырбайан турара. Туох дьикти түүлэй, тоҕо таһырдьа таҕыстым, урут хайдах да түһээбитим иһин түлээгирбэт этим диэн дьиктиргии санаан эргийэн балааккатыгар киирбитэ. Ол төҥкөс гынарыгар арай борук-сорукка туох эрэ кылабачыс гыммытын харбаан ылбыта, кыыс таҥаһыгар баар киэргэл хоруоҥка курдук буолан уолу олус соһуппута. Ол да буоллар эдэр эдэрэ өтөн хоруоҥкатын ытыһыгар тута сытан бэрт кытаанахтык утуйан хаалбыта. Сарсыарда хоруоҥкатын уолугун сиэбигэр уктубута. Күлүү гыныахтара диэн уолаттарыгар тугу да кэпсээбэтэҕэ. Күнү быһа соҕурууттан үрэр тыалга олорсон хаас бөҕө киирбитэ, омуннаан эттэххэ, саалара итийиэр диэри ыппыттара. Үөһэттэн эмис хаас сууллан кэлэн «пөс» гынар тыаһа булчут уолаттар кулгаахтарыгар кэрэ муусука буолан иһиллэрэ. Киэһэ эмиэ бултуйбут дьон санаалара көтөҕүллэн, аһаан сөпкө сыппыттара
Эрчим эмиэ утуйан барыыта балаакка диэлин эрчимнээхтик арыйан ийэтин тэҥэ толуу мааны бэйэлээх Далбар Хотун уол сирэйин тонолуппакка одуулаан киирэн кэлбитэ. Уол эмиэ соһуйан олоро биэрбитэ. Хотун дьахтар эмиэ сахалыы таҥастааҕа, илиитигэр сиргэ тиийэ намылыйан түспүт дэйбиири тута сылдьара. Хотун дьахтар чахчы туохтан эрэ ыксаабыт, уйуһуйбут этэ. Эмиэ бэҕэһээҥҥи кыыс курдук уолу ханна эрэ ыҥырардыы дэйбииринэн сапсынан ыҥырбыта. Сарыы этэрбэһэ, ырбаахытын байбарата илийбит, субу тобугар диэри ууну тэпсэн кэлбит көрүҥнээх этэ. Уол эмиэ соруйууну ылынан батыһан тахсыбыта. Хотун дьахтар эмиэ хайа үрдүттэн «хайдах тугу да өйдөөбөт бүтэй киһигиний» диэбиттии хааһын түрдэһиннэрэн кыыһырбыттыы иэдэс биэрэн турара. Эмиэ түүҥҥү чэгиэн тыал охсубутугар уол уһуктан кэлбитэ. Тула чуҥкунуур уу-чуумпу сатыылаабыт этэ, арай тугу да билиммэт оботтоох кумаардар дыыгыныыллара. Эмиэ умса холоруктаан, кумаартан куотан, балааккатыгар дьылыс гынаары сиэл сүүмэхтэрэ сыталларын хомуйа тутан ылбыта. Уонна бу мээнэҕэ буолбатаҕын сэрэйэн эдэркээн сүрэҕэ мөҕүл-мөҕүл тэбэн ылбыта. Уол түүлүн ырыта санаан сыппахтыы түспүтэ, тула табаарыстара биир тэҥник тыынан утуйан сурдурҕата сыталларыгар көҕүйэн минньигэс уу кынатыгар уйдара көппүтэ.
Бу күн уол иэрэҥ-саараҥ сылдьыбыта. Элбэхтик сыыһан, илиитэ салҕалаан табаарыстара соһуйбуттара, бара сатаан күлүү-элэк гыммыттара. Эрчим санаатыттан түүллэрэ арахсыбат этилэр, ыраах барыарар хайаттан санаата, хараҕа арахпатаҕа.
Эдэр, саастарын үгэнигэр сылдьар эр дьон сырыылара киэҥинии аһыыллара эмиэ үгүөрү этэ. Эмис кус миинин ыргыччы буһаран уҥуохтарын көмүллээн, силиитин супту оборон тото аһаан, сэһэн-сэппэн буолан сыппыттара. Хаас күнүс эрэ киирэр,кус курдук түүннэри манаабакка, уолаттар түүн холкутук сынньанар этилэр.
Эрчим түүллэрин санаан утуйбакка эргичийбэхтээн баран, күнүскү сылаата таайан, утуйан түлүмүрдээн истэҕинэ бу сырыыга диэли олус эрчимнээхтик тэлэйэ баттаан муус маҥан баттахтаах, уоттааҕынан чолбоодуччу көрбүт, илиитигэр дүҥүр, былаайах тутуурдаах, уу чоккурас буола сытыйбыт, уута саккырыы сылдьар удаҕан эмээхсин биирдэ баар буола түспүтэ. Уолга соһуйар да бокуой биэрбэккэ кытаҕас курдук күүстээх илиилэринэн саба харбаан ылан , тыал-буурҕа ортотугар ытыйан хайа диэки көтүтэн куугунаппыта. Сырдык-хараҥа икки ардыгар түһэн өлөрүнэн мөхсөн, хаһыы-ыһыы буолбутугар уолаттара уһуктан, киһибит баттатар диэн аймалаһан уһугуннарбыттара. Банаардарын уматан табаарыстарын көрбүттэрэ — уоллара субу буору сүргэйэн тахсыбыт курдук буор-сыыс бөҕө буолан куттаабыта. Уол уолуйа куттаммыт этэ. Онтон уу иһэн, уоскуйан баран үс түүннээх түүллэрин дуу, илэ сырыыларын дуу кэпсээбитэ, булууларын көрдөрбүтэ. Бүгүн удаҕан эмээхсин киирэн турбут сиригэр уу килэйэн сытара. Уолаттар чуумпуран, боччумуран олорон истибиттэрэ. Туох эрэ иччилээх түүл, Эбэ иччитэ эдэр кыыс, Хотун дьахтар, удаҕан эмээхсин буолан тугу эрэ сэрэтэ сатыыр эбит диэн тойоннообуттара. Сарсыҥҥы күнү аһарбакка ол ыҥырар хайаларыгар барарга быһаарыммыттара.
Сарсыарда тураат, уолаттар сып-сап аһаат, ыһыктарын сүгэн ыраах көстөр хайаҕа аттаммыттара. Сэниэлээх уолаттар күүскэ хааман күн санньыйыыта хайа чымаан төбөтүгэр ыттыбыттара. Хайа үрдүттэн тулатынааҕы сир уот ытыска уурбут курдук көстөрө. Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллан, ону хааччыйар уу муората улаҕата көстүбэт киэҥник, муора муоранан ол таһымныы, дьалкыйа сытара. Үрдүк долгуннар өрүтэ биэрэ-биэрэлэр чуумпу, тыала да суохха өрө мэҥийэн бэйэ-бэйэлэригэр өрө хатаастыһан бааллыран, балкыырданан күллүр-халлыр баалларын тыаһа уордаах ньиргиэр буолан ыраахха диэри эҥсиллэн иһиллэрэ. Ол сүдү көстүүнү сөҕөн, ол чымаан күүскэ баһыйтаран чуумпуран көрөн турдахтарына, эмискэ, Эрчим иннин хоту ыйа-ыйа хаһыытыы түспүтэ. Бары ол хоту көрө түспүттэрэ — уу бааллыран кэлэ кэлэ охсуллар, ууну бэйэтин модун күөнүнэн хаайан турар харгыс (даамба) кытыытынан уу бөҕө кутуллан күрүлээн-харылаан эрэр эбит, күүгэннээх долгуннар маҥан куобахтары быраҕаттаабыт курдук эриллэн-буруллан көтө-көтө түһэллэр эбит. Уу төлө барбыт күүһэ эбилиннэҕинэ, бу мунньуллан турар үлүгэрдээх уу биирдэ халыс гынан үлүгэрдээх сир-дойду уу анныгар барар иэдээнэ уолаттар харахтарыгар биирдэ арыллыбыта. Хата, үрдүк сиргэ тахсан турар буоланнар, суотабай төлөппүөннэрэ хабан, хаартыскаҕа хатаан, суруйан, этэн араас туһааннаах тэрилтэлэргэ биллэрэ охсубуттара.
Уолаттар хайаларын таҥнары түһүөхтэригэр диэри кыахтаах тэрилтэ араас улахан сөмөлүөттэри көтүтэн, тутуу матырыйаалын таһан, анал идэлээх үлэһиттэри, тиэхиникэни аҕалан бу саҕаланан эрэр саахалы түргэнник туораппыттара.
Бу Эбэ иччитэ барахсан эдэр кыыс, Хотун дьахтар, удаҕан эмээхсин буолан араастаан дьүһүн кубулуйан кэлэн, бэйэтин хаан урууларыгар, айылҕаҕа чугас, сиэри-туому ытыктыыр, тутуһар саха уолаттарыгар түүллэригэр киирэн, илэ кэлэн аар айылҕатын, дьонун-сэргэтин арчылыы-араҥаччылыы сылдьара уолаттары улаханнык сөхтөрбүтэ. Айылҕа амырыын алдьатыылаах да, алгыстаах ачалаах да улуу күүһүгэр сүгүрүйүүнү, ытыктабылы өссө күүскэ күөдьүппүтэ.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма