Быйылгыттан “Ытык аҕа” бэлиэни 6 аҕаҕа туттарар буолуохтара

Ил Дархан Айсен Николаев бу сылтан “Ытык аҕа” диэн бэлиэни дьиэ кэргэн тутаах киһитигэр 6 аҕаҕа туттарар буоларын туһунан иһитиннэрдэ. Бэлиэни бу иннинэ сылга 3 эрэ аҕа тутар этэ. Уруккуттан даҕаны бу бэлиэни оҕо иитиитигэр, уопсастыбаннай олоххо кылааттарын иһин диэн бастыҥ аҕалар ылаллара. Мантан инньэ сыл аайы “Ытык аҕа” бэлиэни Саха өрөспүүбүлүкэтин аҕаларын күнүгэр уонна Арассыыйа аҕаларын күнүгэр туттарыахтара.

“Бу быһаарыы Дьиэ кэргэн сылыгар ылыныллыбыта олус улахан суолталаах. Биһиги дьиэ кэргэн үгэһин харыстыыр туһуттан былаас бары өттүттэн күүс-көмө буолабыт”, — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ, “Ытык аҕаҕа” 100 тыһ.солк. суумалаах бириэмийэ туттарыахтара.

“Сунтаар сонуннара” улуус хаһыата

Читайте дальше