Бүгүн — Россия Конституциятын күнэ

Бүгүн Россияҕа ураты суолталаах күн. Ол курдук, 1993 сыллаахха Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Россия Конституцията ылыллыбыта. Онон быйыл 30-с сылбытын бу бэлиэ, ураты суолталаах күнү өрө күүрүүлээхтик бэлиэтээтибит.

С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр Россия Конституциятын бэлиэтиир тэрээһин буолла. Манна биһиги улууспутуттан СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) дьокутааттарбыт Андрей Николаев, Афанасий Постников кыттыыны ыллылар уонна үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтарын истиҥник эҕэрдэлээтилэр, наҕараада туттардылар.

Улууспут баһылыга Анатолий Григорьев бырааһынньыгынан истиҥ эҕэрдэтин этэн туран, дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсибит үтүө дьоммутугар наҕараадалары туттартаата. «Бары бииргэ, биир ньыгыл буолан, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тула мустуоҕуҥ, дойдубут туһугар үлэни өрө тутуоҕуҥ», — диэн баһылыкпыт этиитин дохсун ытыс тыаһынан бигэргэттибит.

14 саастарын туолбут аҕыс үөрэнээччигэ Россия гражданиннара буолалларын туоһулуур сүрүн докумуоннарын – паспордарын улуус баһылыга үтүөнү, дойдуга бэриниилээх буолуҥ диэн баҕа санаатын этэн туран туттартаата. Оҕолор ураты бэлиэ күҥҥэ паспордарын ылан, бүгүҥҥү күн умнуллубаттыы өйдөрүгэр хаалбыт буолуохтаах.

Ону сэргэ Анатолий Григорьев Саха сирин экономическай сулууспата 100 сыллаах үбүлүөйүнэн улуус экономическай эйгэтин үлэһиттэригэр тустаах наҕараадалары туттартаата. Баһылыгы экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа  солбуйааччы Борис Васильев  улууспутугар экономическай сайдыыга үлэлэр тустарынан киэҥ дакылаат оҥордо.

Наҕараадалар, эҕэрдэлэр быыстарыгар улууспут талааннаахтара ырыа ыллаан дьиэрэттилэр, үҥкүүлээн тэйдилэр.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат