1917 с. Сунтаар улууһун уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтин Кутанаҕа буолбут мунньаҕын кыттыылаахтарын ортотугар бэрт сэргэх сирэйдээх, өрөйбүт-чөрөйбүт көрүҥнээх эдэркээн киһи көстөр. Бу оччолорго баара-суоҕа 21 саастаах Элгээйи ыччата Ефим Васильевич Иванов. Саҥа былааһы уруйдаан көрсүбүт үгүс, оччотооҕу көхтөөх эдэр дьон быһыытынан кини олоҕо ахсым ат сиэлэринии элбэх тахсыылаах-түһүүлээх этэ.
Ефим Васильевич сиэннэригэр Национальнай архыыптан куоппуйаламмыт докумуоннар ыраах сытар Сунтаар улууһуттан өрөспүүбүлүкэ судьуйатын, борокуруорун курдук улахан эппиэтинэстээх дуоһунастарга тиийэ үлэлээбит эһэлэрин, хос эһэлэрин баай ис хоһоонноох олоҕун кэпсииллэр. Ону таһынан Ефим быраата Ксенофонт Васильевич Иванов төрдүн-ууһун суруйан хаалларбыта ону толорон биэрэр.
Ефим Васильевич Иванов 1896 с. тохсунньу 5 күнүгэр Элгээйигэ сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэр этэ: Елена, Александра, Кузьма, Дмитрий, Ипатий, Никита, Ксенофонт. Аҕата Балхах Баһылай (Иванов Василий Алексеевич) оччотооҕу дьон сиэринэн дьиэ кэргэнин сүөһү иитэн аһатан-сиэтэн олорбут.
Дьэкиим 1905 с. Элгээйигэ Сунтаардааҕы икки кылаастаах училищеҕа үөрэнэ киирэр, 1910 с. бүтэрэр. Ити сыл кинини кытта оскуоланы Михалев Тихон Спиридонович, Тимофеев Иван Иванович, Тимофеев Савва Иванович бүтэрбиттэр эбит. Оскуоланы бүтэрэн баран 1915-1917 сс. нэһилиэгэр суруксуттаабыт.
Олунньутааҕы революция кэнниттэн улуус уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтин, земскэй управа, совдеп, ревком чилиэннэринэн талыллан үлэлиир. Сэбиэскэй былаас быстах кэмҥэ сууллан, Колчак былааһа олохтонор. Онтон күрэнэн аҕатынаан Амыкаан диэн үрэх баһыгар түһэллэр.
Ефим Иванов 1921-1922 сс. Бүлүүгэ губчека сэкирэтээринэн үлэлиир, бэйэтэ суруйарынан сэбиэскэй былааһы олохтоһор, ВЧК сотруднигын быһыытынан повстанецтары утары охсуһуу күөнүгэр сылдьар. Бүлүү куоратын үрүҥнэртэн көмүскээһиҥҥэ фугастары уонна тааһынан тамныыр тэриллэри бэлэмнэспитин архыып докумуоннара кэпсииллэр.
Повстанчество кэмигэр 1922 с. аҕатын өлөрөллөр. Аҕата суох хаалбыт 7 оҕолоох аҥардас ийэтигэр көмө буолан, 1923-1925 сс. ийэтинээн бииргэ олорор.
1925 с. сайыныгар «Сулус» диэн ааттаах кооператив тэрийэн бирикээсчигинэн уонна бэрэссэдээтэлинэн 1929 с. атырдьах ыйыгар диэри үлэлиир. Эргинэр табаардарын Мухтуйаттан «Холбос» нөҥүө аҕалан дьадаҥы дьоҥҥо атыылыыллара. Эмиэ ити кэмҥэ (1925-1928) Сунтаар улууһун исполкомун чилиэнинэн талыллан үлэ үөһүгэр түһэр.
1929 с. сир үллэһигин кэмигэр боломуочунай быһыытынан күүстээх үлэни ыытар. Ол кэннэ Дьокуускайга ыҥырыллан, балаҕан ыйын 16 күнүгэр Саха АССР Главсуута Дьокуускай уокуругун I учаастагын судьуйатынан аныыр.
1930 с. сайыныгар Дьокуускай куорат судьуйатынан көһөрөллөр, ону кытта тэҥҥэ Саха АССР Главсуута саппаас судьуйанан аныыр. 1932 с. муус устарга Главсуут чилиэнинэн ананар. Главсуут судьуйата Емельянов сорудаҕынан Бүлүү, Мэгэдьэк, Сунтаар оройуоннарын сууттарыгар көмөлөһөр-үөрэтэр сыаллаах үлэлээбитин мандаата кэрэһэлиир.
Дьокуускайга 1932 с. бэс ыйын 7 күнүгэр Вонштейн, Агеев, Пшенников рекомендация биэрэннэр партия чилиэнигэр кандидатынан киирэр.
1932 с. алтынньытыгар Булуҥ оройуонун борокуруорунан ананар. Ол иннигэр, 1930 с. түөрт ый устата командировкаҕа бирикээстэнэн Булуҥ уонна Верхоянскай сууттарыгар эмиэ көмөлөһөр-үөрэтэр сыаллаах үлэлээбитин Главсуут бэрэссэдээтэлэ Кочнев илии баттааһыннаах докумуоннар туоһулууллар.
1934 с. балаҕан ыйыгар Саха АССР борокуруорун көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. 1935 с. сэтинньитигэр быстах кэмҥэ куорат борокуруорунан үлэлиир. 1936 с. тохсунньутуттан Орджоникидзевскай оройуоҥҥа борокуруордуур. 1937 с. от ыйыттан Саха АССР Борокуратууратыгар отдел салайааччытынан, онтон балаҕан ыйын 9 күнүттэн Саха АССР борокуруорун эбээһинэһин толорор. 1938 с. НКВД байыаннай борокуруорун эбээһинэһин сүрүн үлэтин кытта тэҥҥэ толорбуттаах.
Үчүгэй үлэтин иһин грамотанан, Махтал суругунан, оччотооҕу кэм сиэринэн В.И.Ленин алта томнаах хомуурунньугунан наҕараадаламмыт. 1938 с. суруйбут автобиографиятыгар кэргэннээҕэ, икки оҕолооҕо бэлиэтэммит.
Үҥсүүлээх-хаҥсыылаах дьалхааннаах кэм үрдүк солоҕо сылдьар Ефим Васильевиһы таарыйбакка ааспатаҕа. Өрөспүүбүлүкэ судьуйата, борокуруора буола сылдьыбыт киһи бэйэтэ буруйданааччы буолар. Быраата Ксенофонт Васильевич Иванов суруйбутунан “Дьэкиим аҕата Василий Иванов күтүөтүнээн Тоҥ Уйбаанныын үрүҥнэр баандаларыгар сылдьыбыттара, кыһыллары өлөртөөбүттэрэ, халаабыт баайдарын-малларын кыайан үллэстибэккэ бэйэ-бэйэлэрин өлөрсүбүттэрэ. Инньэ гынан, үрүҥ бандьыыт уола, баартыйаттан кырдьыгы кистээн, баартыйаҕа киирбит уонна өссө өрөспүүбүлүкэ борокуруора буолбут» диэн НКВД начальнига Дорофеевка үҥсүү түһэрбиттэр. Дьэкиим бу кэмҥэ Москваҕа буолан биэрбит. Ол да үрдүнэн кинини суута-сокуона суох кэтэҕиттэн “норуот өстөөҕүнэн” биллэрбиттэр, үлэтиттэн уураппыттар, баартыйаттан таһаарбыттар».
Аата-суола алдьаммыт, баартыйаттан уонна үлэтиттэн үүрүллүбүт Ефим Васильевич Ивановка күчүмэҕэй күннэр-дьыллар тирээн кэлбиттэрэ. 1940 с. тохсунньутуттан 1941 с. олунньутугар диэри Лена речной пароходствотын салалтатыгар иниспиэктэринэн, 1943 с. Гостипография пригороднай хаһаайыстыбатыгар дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыттаах.
Сотору соҕус оҥорон бооччойбут дьыалалара үрэллибитэ, буруйдааһын барыта устуллубут курдуга…Ол да үрдүнэн олоҕо оннун булбатаҕа, ол иһин Е.В. Иванов кырдьыгын таһаарынар, аатын-суолун чөлүгэр түһэрэр баҕа санаата уҕараабатаҕа.
Күүстээх туруорсуу түмүгэр 1944 с. борокуратуура старшай силиэдэбэтэлинэн бастакы кылаастаах юрист буолан, үлэлии сылдьыбыта докумуоннарыттан көстөр. 1948 с. кулун тутар 4 күнүттэн 1951 с. диэри тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Сельхозснаб управляющайын солбуйааччынан үлэлээбит. 1953 с. сэтинньи 26 күнүгэр сүрэҕинэн ыалдьан Дьокуускайга өлбүт.
Бастакы кэргэнэ баай Тимофеевтар кыыстара, мантан Мотя диэн кыыс төрөөн, бастаан ийэтин аймахтарыгар, кэлин аҕатын ийэтигэр иитиллэн, киһи-хара буолан ыччат тэниппитэ. Иккис кэргэнэ – Бүлүүттэн төрүттээх Елена, оҕолоноору 1923 с. өлбүт, ийэтин аатын ылбыт кыыһа Елена кыра сааһыгар өлөөхтөөбүт. 1926 с. Күндэйэттэн төрүттээх Парасковьялыын холбоһоллор, Кима, Альбина, Роза диэн оҕолоруттан эмиэ тэнийбит ыччаттардаах. 1943 с. Парасковья ыалдьан өлбүтүн кэннэ Габышева Мария Степановнаны кэргэн ылар.
Ыраахтааҕы былааһа эстэн, саҥа былаас олохтонор оргуйа турар олоҕор оройунан түспүт Орох аҕатын ууһун биир чулуу ыччата Балхах Баһылай уола Ефим Васильевич Иванов… Дьалхааннаах кэм дьалкыардарын этинэн-хаанынан билэн ат уорҕатыгар иккиһин кыайан ыттыбатах Элгээйи ыччата…
Альбина ИВАНОВА