Бордоҥ орто оскуолатын Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов аатынан ааттыахха

Ыччаты үлэҕэ, париотическай тыыҥҥа иитии дойдубутугар судаарыстыбаннай политика боппуруостарынан буоллулар. Ол эрээри ити хамсааhыннар аныгы сайдыылаах уопсастыба бэлэмҥэ үөрэммит кэмэлдьилээх өрүттэригэр, ыччат хара үлэттэн тэйиитигэр, дьон-сэргэ дойдуларыттан тэйэн бэйэлэрин оннун булбакка сылдьыыларыгар, түмсүүлээх ыччаты үөрэтэр үлэ холобурдара аччаабыт көстүүтүгэр кэлэн иҥниэхтэрэ.
Онно холоотоххо, биhиги көлүөнэбит сөптөөх үлэ оскуолатын ааспыта дии саныыбын. Оҕону үлэҕэ сыһыарыы, такайыы, үөрэтии Сунтаар оройуонун Бордоҥ орто оскуолатыгар,  ордук чуолаан ССРС кэмигэр сайдан, биир күдьүс модун «сүүрээн» буолан барбыта. Бу кэскиллээх үгэс, Бордоҥ(Сардаҥа) бөһүөлэгэр Марбаттан көһө илигинэ саҕаламмыта. Оччотооҕу, Жданов аатынан холкуос, кэнники Сунтаар, онтон Бордон сопхуос оскуола үөрэнээччилэрин сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна күһүҥҥү практикаларын табыгастаахтык дьүөрэлээн тэрийэрэ. Ол курдук, оҕолору сайын Улгумда,  Бүгүйэх, Чыкыр, Бэттиэмэ, Тэҥкэ ходуhаларыгар от үлэтигэр, Дулҕа Бэрэҕэ, Анабыга, Кумакыга-ньирэй көрөөһүнүгэр, ынах ыаһыныгар, бостууктааһыҥҥа, Киирэп бааһынатыгар хортуоппуй уонна хаппыыста үүннэриитигэр үлэлэтэллэрэ, ону таhынан улахан кылаас озолоро Сунтаар Дорбойугар хортуоска хостууллара.
Күһүн, оҕолор Бордон совхоз кыстык хотоннорун бэлэмнээһиҥҥэ, өрөмүөҥҥэ сылдьаллара.
1967 сыллаахха Марбаттан бөһүөлэк Бүлүү өрүс кытылыгар Сардаҥаҕа букатыннаахтык көһөн «Сунтаар» сопхуос буолбута.
Үс отделениелаах улахан хаһаайыстыба дириэктэринэн Семен Афанасьевич Семенов үлэлээн барбыта. Кинини 1974 сыллаахха Николай Дмитриевич Осипов солбуйбута.
Мин 1971-1981 сылларга Бордоҥ оскуолатыгар үөрэммитим. Бу сопхуос үлэтэ биллэ далааһыннаммыт кэмэ этэ. Оскуола оҕолорун үлэнэн иитии муҥутуур сайдыбыт кэмэ диэтэхпинэ сыыһыам суоҕа. 1975 сылга Бордоҥ сэлиэнньэтигэр 1.500 киһи олорор этэ, оттон орто оскуолатыгар — 480 тиийэ оҕо үөрэнэр буолбута. Бу — сүрдээх модун күүс.
Евсеев.В.Н, Андреев.Н.И, Герасимов.Б.Е дириэктэрдиир кэмнэригэр оттооһуҥҥа оҕону маассабайдык кытыннарыы тэнийбитэ.
Ол курдук 1976 сыллаахха Бордоҥ орто оскуолатын Н.Г.Алексеев, мин аҕам, салайар звенота Киров, Хампа, Кыталыктаах, Хойгуо, Элгээн сыһыыларыгар 250 туонна бастыҥ хааччыстыбалаах дойду сир отун бэлэмнээбиттэрэ. Аппаалга сенаж уурбуттара.
1979 сыллаахха Н.С.Павлов салайар Бордоҥ спортсмен оҕолорун звенота бөртөлүөтүнэн Бордоҥтон ыраах өрүс уҥуор Хатат үрэҕэр оттуу тахсыбыта. Дулҕа, сэтиэнэх уонна талах баһыйбыт оттоммотоҕо ырааппыт үрэх сүрүн сыһыытын оҕолор килэччи оттообуттара. 300 туонна оту оттоон, бэл оройуон улахан дьонун звеноларын кыайбыттара.  Үлэлэрин өрөгөйө -1979 сыл атырдьах ыйыгар Күүлэй тэрийэн Сунтаар оройуонугар аатырбыттара. 8-с кылааһы бүтэрбит Алкивиад Алексеев 1 га 20 суотай оту охсон оройуон чөмпүйүөнэ буолбута.
Иккис миэстэни, 7-с кылааһы бүтэрбит Гаврил Михайлов, 80 суотайдаах сири килэччи охсон ылбыта. Бу туһунан, 1979 сыллаахха, Сунтаардааҕы «Ильич уоттара» хаһыат бастакы балаһатыгар суруйбута.
Бордоҥ үлэһит оҕолорун туһунан суруйаары, Хатат үрэҕэр, суруналыыс Галина Евсеева командировкаламмыта.  Бу кэмтэн ыла, 80-с сыллар ортолоругар диэри, Бордоҥ оҕолоро Хатат үрэҕэр күөх быйаҥы сомсууга тиһигин быспакка сылдьыбыттара.
1980 сыллаахха, Бордоҥ оскуолатыгар Антон Семенов салайааччылаах производственнай биригээдэ тэриллэн, манна, отучча оҕо хабыллыбыта.
Кинилэр сай устата Тэҥкэ биригээдэтигэр(Бордоҥтон биэс көс ыраах) оттоон 180 туонна оту оттообуттара. Эмиэ ити кэмҥэ, Бордоҥ оскуолатын биэс үөрэнээччитэ — С.Алексеев, А.Данилов, А.Дмитриев, Ю.Иванов, П.Алексеев улахан дьон Анабытааҕы уонна Букаайыктааҕы звеноларыгар кырдьаҕас отчут Г.Дмитриев звенотугар туруулаахтык үлэлээбиттэрэ. Ыччат биригээдэтэ 280 туонна бастыҥ хааччыстыбалаах оту күрүөлээн сопхуоска туттарбыта. Оҕолор үлэлэрин иһин үстүү мөһөөк солк. харчы, иккилии туонна кэбиһии от ылан дьонноругар дьоһуннаах көмөнү оҥорбуттара.
Оҕону күһүҥҥү практикаҕа үлэлэтии оччолорго үгэнэ этэ. Ол курдук 70-с, 80-с сылларга Бордоҥ оҕолоро Сунтаар аттыгар Дорбойго хортуоппуй, хаппыыста хостообуттара. 1985-1989 сылларга Бордоҥҥо бэйэтигэр «Кочан» оҕоруоччуттар биригээдэлэрэ хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, огурсуу, помидор үүннэрэн күһүҥҥү быйаҥы өлгөмнүк ылбыттара, эмиэ оройуоннарыгар холобур буолбуттара.
Ити эрэ буолбатах. Бордоҥ оҕолоро сопхуос саҥа улахан хотонун тутуспуттара билиҥҥэ диэри кэпсээҥҥэ сылдьар. Бу -1979 сылга этэ. Оттон Бордоҥ оҕолоро ыанньыксыттары хаста солбуйан үрүҥ илгэни төһө үрүлүппүттэрин кэм — кэрдии эрэ билэр. Ол курдук сопхуос киин уһаайбатын ферматыгар, Нээлбиктэ учаастагар оҕолор концертаах тиийэн өрөбүллэргэ  ыанньыксыттары солбуйаллара.
Үтүө үгэс салҕанан, сайылыктарга оскуола оҕолорун ыанньыксытынан үлэлэтии тэнийбитэ. Ол курдук, 80-с сылларга Бордоҥ оҕолорун комсомольскай биригээдэтэ Анабы сайылыгар үрүҥ илгэни үрүлүппүттэрэ. Эмиэ ситинник үтүө саҕалааһыннаах, Бордоҥ оҕолоро Бэс, Кумакы, Кур Оттоох, Дулҕа Бэрэ, Куоҕастаах сайылык фермаларыгар ыанньыксыттаабыттара.
Маннык, оҕону үлэҕэ сыһыаран улахан дьону кытары тэҥҥэ үлэлэтии үгэһин Бордоҥ сопхуос дириэктэрэ Петр Николаевич Степанов оскуола дириэктэрин кытта сүбэлэhэн үтүө үгэскэ кубулуппуттара үтүөнэн эрэ сабыдыаллаабыта.
Бордоҥ үгүс үлэһит дьонунан аатырар,
олор истэригэр — Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов.


Владимир Африканович бэйэтэ үгүс ыччаты ыанньыксыт идэтигэр уhуйбута, үлэлэппитэ.
Бордоҥ орто оскуолата үлэнэн иитии үтүө үгэстэрин билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьар, агро хайысхалаах улууска улахан оскуола буолар, оҕону үлэнэн иитии холобурун бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар. Инникитин, улууска маннык үтүө үгэс салгыы сайдарыгар, ессе тэтимирэн оҕо-аймаҕы үлэнэн иитии үчүгэй өрүттэрин, дэгиттэр туһатын түмэригэр уонна тарҕатарыгар Бордоҥ орто оскуолатын Үлэ Дьоруойа Владимир Африканович Михайлов аатынан ааттыахха диэн этиилээхпин .

Станислав АЛЕКСЕЕВ,

Бордоҥ оскуолатын 1981 с. выпускнига.

Читайте дальше