Бокуруоп күнүгэр кыһыл көмүс үбүлүөй

Оруобуна Бокуруоп — унньуктаах уһун кыһын саҕаланар күнүгэр, Саха сиригэр Ийэ, Россияҕа Аҕа куннэригэр түбэһиннэрэн Сунтаар нэһилиэгин улаханнык ытыктанар, киэн туттар ыаллара Михаил Спиридонович уонна Агафья Андреевна  Кириллиннэр ыал буолан олорбуттара 50 сыллаах үтүө үбүлүөйдээх күннэрин бэлиэтээтилэр.

Кириллиннэр дьиэ кэргэн 70-с сыллартан саҕалаан олохторун бүтүннүү оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр, култуура сайдыытыгар анаабыт бэрт сэргэх дьон. Михаил Спиридонович физкультура учууталыттан саҕалаан  байыаннай салайааччыга диэри сайыннаран улууска үгүс элбэх ыччаты үөрэтиигэ суола-ииһэ сүрдээх улахан, дириҥ суолталаах. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар улууска сөҕүрүйэ быһыытыйбыт туризмы хос сөргүтэргэ киллэрсибит кылаата билиҥҥээҥҥэ диэри туһалаан, оҕо, ыччат түмсэн күөн көрсүһэн, бииргэ алтыһан сылдьалларыгар олук уурсубута саарбаҕа суох. Бу сыралаах үлэтэ барыта үрдүктүк сыаналанан Михаил Спиридонович СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Военный руководитель-методист» сыбаанньалаах, үлэ бэтэрээнэ. Ол таһынан кыраһыабай куолаһынан эр дьон «Өрөгөй» ансаамбылларын киэргэтэр.

Агафья Андреевна үрдүк үөрэхтээх култуура үлэһитэ, үлэтин улуус културатын тэрилтэтигэр методиһынан саҕалаабыта. Билиҥҥээҥҥэ диэри «Көлүкэчээн» ансаамбыл актыыбынай кыттааччыта, үлэ бэтэрээнэ, элбэх наҕараада хаһаайката, сылаас илиилээх, истиҥ мичээрдээх дьиҥнээх саха Далбар Хотуна.

Кириллиннэр 3 оҕону төрөтөн, бука барыларын атахтарыгар туруортаан, билигин кинилэр бэйэлэрэ дьиэ кэргэннэнэн элбэх сиэни, хос сиэни бэлэхтээн төрөппүттэрин үөрдэллэр, санааларын манньыталлар. Күн бүгүнүгэр диэри улахан нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытта сылдьаллар, чөл олоҕу тутуһаллар, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолаллар.

Агафья Андреевна бу соторутааҕыта 75 саастаах үбүлүөйдээх күнэ этэ өссө. Аны бу олох соторутааҕыта Михаил Спиридонович бииргэ төрөөбүт быраата Кириллин Николай Спиридонович кэргэнинээн Татьяна Иннокентьевналыын эмиэ кыһыл көмүс үбүлүөйдэрин бэлиэтээбиттэрэ уонна Сунтаар улууһун Кыһыл көмүс кинигэтигэр бииргэ кэриэтэ киирбиттэрин көрөн сөҕүү-махтайыы буоллубут.

Күндү дьоммутун, ытык ыалбытын бу үбүлүөйдээх күннэринэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта Наталья Кокарева ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр, өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар, сылаас тылларын анаатылар.

 

 

Анна Григорьева, Сунтаар ГТАС салайааччыта

Читайте дальше