«ОДьКХ» СӨ судаарыстыбаннай-унитарнай тэрилтэтин салалтата доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар оператордар, суоппардар, тырахтарыыстар, ууну ыраастыыр станция үлэһиттэрэ, учаастак маастардара уонна хочуолунай старшайдара, сыбааркаһыттар, силиэсэрдэр, электриктэр доруобуйаларыгар улахан болҕомтотун уурар. Сылын аайы ыытыллар быраастар көһө сылдьан көрүүлэрин тэрилтэ үлэни-хамнаһы хонтуруоллааһыҥҥа уонна үлэ харыстабылыгар управлениета тэрийэр.
Ол курдук, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин тэрилтэ биллэрбит тендерин кыайбыт медицинскэй клиникалар кэлэн көрөллөр.
Бу күннэргэ ОДьКХ ГУТ Сунтаардааҕы филиалыгар буортулаах уонна ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээччилэр доруобуйаларын туругун көрүү буолла. Ааспыт сылларга тендери кыайан Дьокуускай куораттан «Аврора», «МедЛайн» клиника быраастара кэлэннэр үлэһиттэр доруобуйаларын туругун көрбүттэрэ. Оттон быйыл «БлагоМед» клиника быраастара кэлэн үлэлээтилэр.
Тэрилтэ үлэ харыстабылыгар сүрүннүүр исписэлииһэ Артем Иванов иһитиннэрэринэн, «БлагоМед» клиника быраастара 3 күн үлэлээбиттэр. Быйыл медосмотру 270 киһи ааспыт. Бу медосмотр түмүгүнэн сылын аайы үлэһиттэр Арассыыйаҕа баар санаторийдарга баран, доруобуйаларын көннөрүнэн, чэбдигирэн, сынньанан кэлэллэр эбит.
Яина ВЛАСЬЕВА