Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын аатыттан күндү үөрэнээччилэри, учууталлары, оскуола бары үлэһиттэрин, төрөппүттэри балаҕан ыйын 1 күнүнэн — Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Бу биир саамай сырдык, үтүө, көлүөнэни барытын түмэр, саҥа саҕахтары үөскэтэр бырааһынньык буолар.
Билии киэҥ аартыгар үктэнэр маҥнайгы кылааска киирэр кырачаан оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр ураты долгутуулах түгэн. Үөрэх күн аайы эһиэхэ саҥа билиини, үөрүйэхтэри аҕаллын. Кыһамньыгытын ууран, билиигэ талаһыаххыт диэн эрэнэбит. Выпускниктарбытыгар идэлэрин талалларыгар уонна салгыы олоххо суолу-ииһи тобуларга быһаарар сыл саҕаланар. Күндү үөрэнээччилэрбит, билии аартыгынан хардыылаан, саҥа үрдэллэргэ дабайаҥҥыт үтүө үлэһит, дьоһуннаах гражданин, патриот буола улаатыҥ. Төрөппүттэргэ муударай буолууну, тулууру баҕарабыт, оҕолоргут бу аныгы үйэҕэ бэйэлэрин талааннарын, ураты дьоҕурдарын арыйан үөрдэ турдуннар.
Ытыктабыллаах учууталлар! Эһиги талбыт идэҕитигэр бэриниигит уонна кыһамньыгыт – оҕолорбут ситиһиилэригэр олук буолар. Ыччаппыт улуус инникитин уһансар кыахтаах буола сайдарын түстүүргэ сатабылгытын ууран айымньылаахтык үлэлииргитигэр истиҥ махтал тылларын тиэрдэбит!
Бу үөрэх дьыла эһиэхэ хас биирдиигитигэр ситиһиилэри, үөрүүлээх түгэннэри тосхойдун. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, бэйэҕитигэр эрэллээх буолууну баҕарабыт. Билии күнүнэн!
Альберт ИВАНОВ,
Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта