Билии күнэ — Кэмпэндээйигэ

Бүгүн сайыҥҥылыы сылаас, чаҕылыччы сырдык күҥҥэ олохтоох оскуолаҕа араас сибэкки дьөрбөтүн туппут кыра да улахан да оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр мустан Билии күнүн атаардылар. Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолаҕа 74 үөрэнээччи, уһуйааҥҥа 20 кырачаан билиилэрин хаҥатан үөрэниэхтэрэ, сайдыахтара. Үөрүүлээх линейкаҕа кылаастар бары парадтаан хааман киирдилэр. Бастакы кылааска үөрэнэ киирэр 3 үөрэнээччини учууталлара, эдэр үлэһит, Бүлүүтээҕи педагогическай колледжы бүтэрбит Анжелика Коротова сиэтэн киллэртээтэ. Оскуола салайааччыта Владимир Семенов уһуйаан, оскуола боруогун саҥа атыллыыр оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри эҕэрдэлээтэ, быйыл оскуолаҕа «Точка роста» икки кылаас-кабинет бу ый 10 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыта буоларын иһитиннэрдэ. Оскуолаҕа саҥа киирбит кырачааннарга дневниктэри бэлэхтээтэ.

Оттон дьаһалта баһылыга Александр Игнатьев Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылааттарын иһин анал бэлиэлэри нуучча тылын, литературатын учууталыгар Валентина Федороваҕа уонна олохтоох бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэригэр миэхэ — ТатьянаМестниковаҕа туттарда. Дьаһалта үтүө үгэһинэн быйыл саҥа киирбит кырачааннарга үөрэнээччи набордарын бэлэхтээтэ. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан Сунтаар улууһун дьаһалтатын социальнай отделыттан бэлэхтэри 5 үөрэнээччилээх элбэх оҕолоох Мария, Андрей Гуриновтар оҕолоро тутаннар үөрүүлэрэ үксээтэ. Онтон элбэх оҕолоох соҕотох аҕаҕа Валериан Лыткиҥҥа улуус дьаһалтатын экэнэмиичэскэй сайдыытын социальнай пуондатыттан 5 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээти туттарда. Маны таһынан олохтоох дьаһалта аатыттан Александр Романович волейбол, баскетбол, минифутболга туттуллар тэриллэри туттарда.

Бастакы чугдаарар чуорааны кырачаан Мия Иванова уонна 11-с кылаас үөрэнээччитэ Стас Саввинов тыаһаттылар. Үөрүүлээх линейкаҕа үөрэнээччилэр ырыа-хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн эҕэрдэлээтилэр. Кэлэр үөрэх сылыгар Владимир Иванович Иванов аатынан политехническэй орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара өссө эбии сайдан, саҥаттан саҥа кэрдиискэ дабайан иһиэхтэрэ.

Татьяна МЕСТНИКОВА, бибилэтиэкэр

Читайте дальше