Биир тэрилтэҕэ хас да норуот маастара үлэлиирэ ахсааннаах буолуо. Ол курдук, Сунтаардааҕы технологическай колледж ювелирнай сыаҕар 4 норуот маастара айымньылаахтык үлэлии сылдьарын истэн кэпсэтэргэ сананным.
Сыахха ювелир идэтин баһылыыр устудьуон оҕолору кэрэ көстүүлээх киэргэллэри, оҥоһуктары оҥорорго үөрэтэллэр. Сунтаар улууһун норуотун маастара Константин Тотонов урукку кэмҥэ көмүс ууһунан, алмааһы кырыылыыр собуокка, онтон билигин колледж ювелирнай сыаҕын салайааччытынан үлэлиир.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот маастарын күнүнэн ювелирнэй сыах үлэтин-хамнаһын билсэ Константин Тотоновтыын кэпсэттибит: «Колледж ювелирнай сыаҕар ювелир идэтигэр уһуйабыт. Ону таһынан, улууска сакааһынан араас киэргэллэри, сувенирдары, наҕараада бэлиэлэрин оҥоробут. Биһиги оҥорор ынан араас дойду таһымнаах күрэстэргэ, быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттабыт. Оҥоһуктарбыт ханна да хатыламмат, ураты истииллээхтэр. Хас биирдии оҥоһукпутугар Сунтаар бэлиэтин, уратытын киллэрэргэ кыһаллабыт. Оҥоһуктарбыт үксүн сахалыы тыыннаахтар. Хаһыс да сылын улуус түмэлин көҕүлээһинэн, толору ат киэргэлин оҥоруу күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Бу үйэлээх үлэбит араас көрүү-күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Биир оҥорбут симэхпит Москва куоракка барбыта. Бу улахан үлэҕэ устудьуоннарбыт, маастардарбыт, үлэһиттэрбит үлэлэспиттэрэ. Ювелирга үөрэнэр ыччаттарбытыгар саха оһуорун-мандарын билэллэрин, маастар хайдах мындырдаан оҥорорун иҥэрэн, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтэбит. Биһиги сыахпытыгар айылҕаттан талааннаах уустар — СӨ норуотун маастара Тамара Афанасьева, Сунтаар улууһун норуотун маастардара Дария Тотонова, Эдуард Меркурьев үлэлииллэр. Бэйэлэрин эйгэлэригэр Саха сиригэр киэҥник биллэр, ытыктанар дьон. Маастардарбыт талааннарын өйөөммүт, таһымнарын, билиилэрин үрдэтинэллэрин курдук араас быыстапкаларга, күрэстэргэ кытыннарабыт”, — диэн Константин Тойбохоевич киэн тутта кэпсиир.
Салгыы оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Москва куоракка научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ элбэх дьон сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыт трансформер быһыылаах үрүҥ көмүскэ — кыл, чөмчүүк таас кыбытыылаах илин кэбиһэрдэрин тутан-хабан көрөн дьоллоннум. Бу оҥоһук сыанатын эппэтилэр. Атыыламмат эрэ диэтилэр. Маастардар этэллэринэн, кэлиҥҥи кэмҥэ кэрэ куолартан “бохо” стиллээх, айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуктарга сакаас хамаҕатык киирэр буолла. Сунтаарга хостонор цеолиттан дьахтар киэргэлин оҥорбуттара эмиэ көрүөххэ астык! Бу курдук Сунтаар колледжын ювелирнай сыаҕа айымньылаахтык үлэлии олорор эбит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Норуот маастарын күнүнэн сыах айар талааннаах үлэһиттэригэр ситиһиини, табыллыыны баҕара хаалабын!
Мира АФАНАСЬЕВА