Биир идэлээхтэрин кэриэстээтилэр

Сэтинньи 8 күнэ – Арассыыйа үрдүнэн сулууспаларын толоро сылдьан суох буолбут  Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин кэриэстиир күн.

Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр бу күҥҥэ аналлаах тэрээһин хаһыс да сылын ыытыллар.  Ол курдук, билигин биһиги ортобутугар суох биир дойдулаахтарбытын, Сунтаарбыт патриоттарын Аркадий Валерьевич Саввиновы, Михаил Владимирович Иванову уонна Игорь Николаевич Васильевы кэриэстээн, Ис дьыала отделын үлэһиттэрэ биир идэлээхтэригэр анаммыт бэлиэҕэ сырыттылар. Кинилэри кытары  уолаттар төрөппүттэрэ уонна дьиэ кэргэттэрэ, Тойбохой, Дьаархан оскуолатын үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторо уонна полиция уопсастыбаннай сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ анал бэлиэҕэ гирлянда уурдулар.

Альбина ПРОКОПЬЕВА

Читайте дальше