Биир дойдулаахтарбыт кинигэлэрин сүрэхтээтилэр

Кулун тутар 5 күнүгэр Сунтаар улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар  сударыстыбаннай тутул боппуруостарыгар элбэх научнай үлэлэр ааптардара, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Игнатьевич Николаев «Противостояние», «Происхождение народа Саха и его геокультурного комплекса» диэн кинигэ уонна СӨ үтүөлээх юриһа, Сунтаар, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо,  Ил Дархан сүбэһитэ  Игорь Игнатьевич Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Бэлиэ түгэҥҥэ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев биир дойдулаахтарбытын, кинилэр сүдү кинигэлэрэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэтин эттэ. Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ библиограба Лидия Чирикова кинигэлэр ис хоһооннорун билиһиннэрдэ.

«Противостояние» кинигэҕэ Саха литературатын төрүттээччилэрин нэһилиэстибэтин иһин охсуһуу туһунан киэҥ ааҕааччы араҥатыгар ананан дьоҥҥо-сэргэҕэ чугас буоллун диэн судургутук суруллубутун бэлиэтээтилэр. Саха омук төрдүн-ууһун биллэрэр, сырдатар, үөрэтэр кинигэннэн «Происхождение народа Саха и его геокультурного комплекса» буоларын эттилэр.

Онтон «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэҕэ судьуйа үлэтин-хамнаһын, олоҕун устатын тухары алтыспыт доҕотторун, чугас дьоннорун туһунан ахтыылара, интервью киирбит. Сэргэх сэһэннээх, элбэҕи биллэрэр-көрдөрөр, умсугутуулаах кинигэ буоларын сэргии иһиттибит.

Сүрэхтээһин олус сэргэхтик барда, биир дойдулаахтарбыт мустан кинигэ ааптардарынан киэҥ тутталларын, үтүө баҕа санааларын эттилэр.

АЛЕНА ИВАНОВА

Читайте дальше