Улуу Кыайыы күнэ хас биирдии киһиэхэ дириҥ суолталаах. Бу күн биһиги сэрии толоонугар олохторун толук ууран кыргыспыт биир дойдулаахтарбытыгар, эһэлэрбитигэр, тыылга сыраларын ууран үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьоммутун саныыбыт, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит. Бу дойду дьонун олоҕор, дьылҕатыгар дьайбыт историяны хайдах баарынан ытык өйдөбүл оҥостон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэрэр, тириэрдэр барыбыт соруга.
Биһиги бүгүн биир дойдулаахпыт снайпер Егор Константинович Петров аатын үйэтитэр сыалтан кинигэ тахсарыгар үлэлэһэ сылдьар Полина Розенблюм Москваттан кэлэ сылдьарын көрсөн кэпсэттибит.
– Полина Дмитриевна, үтүө күнүнэн, бэйэҥ тускунан уонна кинигэни суруйуу, ис тутулун туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Үтүө күнүнэн, ытыктабыллаах “Сунтаар сонуннара” хаһыат ааҕааччылара. Бэйэм туспунан кылгастык этэн ааһар буоллахха, Кириэстээх нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үөһээ Бүлүүгэ 20-чэ сыл Роспотребнадзор тэрилтэтигэр санэпидсулууспаҕа, ол иннинэ Анаабырга, Красноярскайга үлэлээбитим. 2017 с. Москваҕа олоробун.
2022 с. алтынньыга миэхэ Антонина Кириллина сибээскэ тахсан, эһэтин снайпер Егор Петров аатын үйэтитэн, кини бойобуой сырыыларын үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах «Москваҕа олорор киһи архыыптарга үлэлэһэн, эһэм бойобуой суолун оҥорорго көмө буолуоҥ дуо?” диэн ыйыппыта. Кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран матырыйаал хомуйуутугар үлэлээн саҕалаабытым. Биир сыл интэриниэт ситимигэр Егор Константинович бойобуой суолун, араас суруйуулары көрдөөһүҥҥэ үлэлээтим. Матырыйаал элбээн, кинигэ буолсу диэн санааҕа кэлбиппит. Кинигэ үс сүрүн тутуллаах, снайпер кыттыбыт кыргыһыылара, бааһырыыларын чопчулааһын, наҕараадаларын туһунан уонна Егор Константинович сырыыларын ситимэ быстыбат гына бойобуой суолун, ханна сылдьыбыт, сэриилэспит сирин үөрэтэн оҥорооһун буолар.
Ол курдук, матырыйаал көрдүүргэ Санкт-Петербурга байыаннай медицинскэй архыыпка, көмүллүбүт сиригэр Псковскай уобаласка, снайпер үөрэҕин ааспыт сиригэр Улан Удэҕэ, Казахстаҥҥа кини туһунан суруйуу баара буолаарай диэн барыларыттан суругунан ыйыталастым. Сорох сиртэн эппиэттэр кэллилэр. Матырыйаал добуочча көһүннэ. Көмүллүбүт сириттэн эппиэт тута кэлбитэ, мемориалга киирбитин туһунан испииһэктэрин уонна хаартыскатын ыыппыттара. Невельскай оройуон түмэлигэр Егор Константинович чааһын туһунан туох матырыйаал баарын ыйытан суруйбуппар, «туох да суох» диэн сибээскэ тахсан эппиттэрэ. Ржевка Ржевскай мясорубкаҕа Зубцовка, Сталинградка тэҥнээх кыргыһыыга кыттыбыт. Санкт-Петербурга Кировскай куоракка прорыв буолбут сиригэр уруккута 9 оробуочай бөһүөлэк турбут эбит. Ол куоракка сылдьан Невскай Пятачогу, Синявинскай высотаҕа сэрии буолбут сирдэрин көрөн кэлбитим. Марьино бөһүөлэккэ улахан Ленинград блокадатыгар анаммыт түмэл баар. Онно сэрии бэтэрээннэрэ бэйэлэрэ уруһуйдаан оҥорбут улахан панорамнай диарама уруһуйдарын көрбүтүм. Бу соторутааҕыта Невскай Пятачокка буолбут кыргыһыыга кыттыбыт рядовой, уордьанынан наҕараадаламмыт дьоҥҥо анаан эпизодтары хомуйан фигурнай түмэл оҥорбуттарыгар сылдьыбыппыт. Кировскай куоракка 52-с оскуола-интэринээккэ 327-с дивизия прорывка Егор Петров сылдьыбыт дивизията шефтэһэр эбит. Онно подполковник, Егор Константиновиһы үөрэппит И.Гончаров снайпер туһунан матырыйаал баар диэбитигэр билсэн баран көрсүбүтүм.
«Дивизия» диэн Егор Константинович туһунан кэпсээни Сергей Алексеев суруйбут. Кини 50-тан тахса тылга тылбаастаммыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, оҕо судаарыстыбаннай бэчээттиир кыһатыгар 20-тэн тахса сыл дириэктэринэн үлэлээбит. Бу кинигэни оскуола музей-бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ И.М.Соловьева ыыппыта. Оҕолорго олус туһалаах кинигэ диэн сыаналаатым. Ол курдук, Дьөгүөрү дивизия курдук сэриилэһэр диэннэр “Дивизия” диэн хос ааттыыллар эбит. Немецтэр этэллэр үһү: “Дальнай Востоктан булчуттары аҕалбыттар, онтулара тииҥи харахха табаллар”. Уопсайынан иэдээннээх дивизия кэлбит диэн куттаммыттар. Суруналыыстар истэн дивизияны сырдатаары тиийбиттэригэр биир Дьөгүөрү булан аҕалбыттар. Ити прорыв саҕана 327-с дивизия икки күн иһигэр 2000 киһини суох оҥорбут. Егор бэйэтэ 2-с ударнай аармыйа хамандыыра генерал-лейтенант В.З. Романовскайга тиийэ пулеметунан туһанарга көҥүллэппит. Онтон Дьөгүөр, бэйэтэ соҕотох пулеметунан икки күҥҥэ 150-200 өстөөҕү өлөрбүт. Кимэн киириигэ ол саҕана снайпер туһата суох дииллэр эбит. «Бинтиэпкэнэн биир буулдьанан биир фашиһы суох оҥороҕун, онтон пулеметунан 100 фашиһы өлөрөҕүн» диир эбит Дьөгүөр. Ону күлүү гынан «сэрии оччоҕо былыр бүтүө этэ» дэспиттэр. Онтулара 100 киһини иккис күнүгэр суох оҥорбут. Ити курдук биир дойдулаахпыт, снайпер Петров үгүс дьоруойдуу быһыыны оҥорбута бигэргэтэр дьон суох буолан үрдүк наҕараадаҕа тиксибэтэҕэ хомолтолоох.
Ленинград блокадатын көҥү көтүүгэ кыттыбыт 14-с салгын аармыйатын хамандыыра, генерал-лейтенант, ССРС дьоруойа И.П. Журавлев 2004 с. Бүлүүгэ «Город герой Ленинград» диэн кинигэни ыыппыт. Бу кинигэҕэ ааптар: «Вы должны гордится Егором Петровым, в дни блокады Ленинграда он уничтожил не одну сотню вражеских солдат» суруйбут. Кинигэни көрдүү сатаатыбыт да эппиэт кэлэ илик. Бу суруйууларбын бэс ыйыгар туттарабын. Ханнык чаастарга сылдьыбытынан, бииргэ сулууспалаабыт дьонун көрдүү сылдьабыт. Аны күһүн кинигэ сүрэхтэниитэ былааннанар. Манна кэлбит сыалым-соругум диэн Куокунуга үлэлиэм. Маны сэргэ, Москва, Питер поспредстволарын уонна Сунтаардааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэбит.
Биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх бырааһа, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо Полина Дмитриевнаҕа махтанабыт. Кинигэ кэмигэр бэчээттэнэн, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсарыгар баҕарабыт. Бу кинигэ снайпер сиэнэ Антонина Кириллина көҕүлээһининэн уонна улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн тахсара күүтүллэр.
Алена ИВАНОВА