Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Аҕа дойду сэриитигэр Курскайдааҕы кыргыһыыга кыайыы 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ икки саха уолугар Филипп Евсеевкэ уонна Алексей Неустроевка Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин үрдүкү главнокомандующайа Владимир Путин Арассыыйа Дьоруойа ааты иҥэрэр наҕаарадаларын туттарда.
Санатар буоллахха, уолаттарбыт бу сайын Запорожье хайысхатынан ВСУ атаакалыыр байыаннай тиэхиньикэтин колоннатын соҕотоҕун сууһарбыт, кимэн киириини утарбыт «Алеша» тааҥка экипаһын байыастара буолаллар. Атааканы утарыы кыраҕы ытааччытынан – наводчик-оператор – Алексей Неустроев уонна механик-водитель эбээһинэһин толорбут Сунтаар Күндэйэтиттэн төрүттээх Филипп Евсеев.
Дьоруойдуу быһыыны оҥорбут экипаһы бастаан наҕараадаҕа түһэрэллэригэр, тэлэбиидэнньэ уста кэлэригэр бааһырбыт Евсеев суох буолан, алҕас тахсан, кини аата этиллибэккэ умнулла сыспыта.
Онтон Саха сирин уопсастыбанньыктара, Филипп биир полкалаахтара, бииргэ сулууспалааччылара, биир дойдулаахтара бу информацияны чопчулуурга, чахчы буоллаҕына, уолбут экипаһын кытта тэҥҥэ тустаах наҕарааданан бэлиэтэнэрэ сөптөөҕүн туруорсаннар, барыта чопчуланан, уолбутун наҕараадаҕа түһэрбиттэрэ.
Филипп бу үрдүк наҕарааданы ылбытынан биһиги, биир дойдулаахтара, олус долгуйа киэн туттабыт. Бу – бүттүүн Саха сирин, Сунтаар улууһун киэн туттуута буолар.
Анатолий Григорьев, Сунтаар улууһун баһылыга:
– Саха Сиригэр, Сунтаар улууһугар Өрөгөй күн тосхойдо!
Анал байыаннай дьайыыга биһиги уолаттарбыт Дьоруойдуу быһыыларын иһин Модун Дойдубут муҥутуур наҕараадатынан Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатынан наҕараадаланнылар! Ис сүрэхтэн биир дойдулаахпытын Филипп Александрович Евсееви Сунтаар улууһун дьонун-сэргэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!Эн аатыҥ Дойду, Саха сирин, Сунтаар улууһун историятыгар Көмүс буукубанан сурулунна! Эйигинэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут! Уруй-Айхал, Улуу Дьоруойбутугар!!!
Эдуард Филиппов, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга:
– Филипп биһиэхэ “Сунтаар” МАУ тэрилтэбитигэр механик-водителинэн үлэлии сылдьыбыта. Тиэхиньикэлэрбитин көрөр, оҥорор этэ. Тустаах үлэтин таһынан араас үлэни бары ылсар, субуотунньук буоллун, туох буоллун, наар көхтөөх үлэһит киһи быһыытынан билэбит. Анал байыаннай дьайыыга биһиэхэ үлэлии сылдьан барбыта. Киһи быһыытынан боростуой, сэмэй, олус судургу майгылаах, боростуой ыал оҕолоро. Судургу майгытытан кэлэктииби кытта тапсар, үлэһит уол оҕото диэн сыаналыыбыт. Филипп аҕатын өттүнэн күндэйэлэр, ийэтинэн – Ващенколар сыдьааннара. Икки өттүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт бэтэрээннэр бааллар. Филипп оҥорбут хорсун быһыыта, дьоруой аатын курдук үрдүк наҕарааданы ылыыта – олус хайҕаллаах, киэн туттуулаах дьыала. Филиппкэ бэйэтигэр бу үрдүк наҕараадатынан, кини чугас дьонугар, бииргэ төрөөбүт балтыларыгар убайдара дьоруой буолбутунан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Биһиги бука бары олус үөрэн сылдьабыт. Уолбутун кытта ситиммитин быспаппыт, кэлэрин күүтэбит. Билиҥҥитэ Сунтаарга Филипп Евсеев аатынан ыччат дьон, оҕолор сынньанар улахан пааркаларын тутары былаанныы сылдьабыт.
Виктор Ващенко, Филипп Евсеев убайа:
– Филипп аҕата Александр Филиппович Күндэйэ төрүт олохтооҕо этэ. Ийэтэ мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим Людмимла Николаевна, Сунтаар. Филипп 1984 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьоно уол 7-с кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ Күндэйэттэн Сунтаарга көһөн киирбиттэрэ. Филипп оскуола кэнниттэн тута аармыйаҕа баран сулууспалаан кэлбитэ. Ол кэннэ 2006 с. Элгээйи кыыһын кытта ыал буолбуттара. Үс оҕолоох. Бырааппыт киһи быһыытынан көнө сүрүннээх, олус сэмэй, өрүү үөрэ-көтө сылдьар майгылаах. Филипп бу хорсун быһыыны оҥорон, эриэккэскэ эрэ бэриллэр Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылбытынан аймахтар олус долгуйа үөрэбит, киэн туттабыт, бырааппытын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.