Эрдэ олох оргуйар үөһүгэр сылдьыбыт, билигин тайах-баттык тилэхтэнэн, сааһырыы боруогар үктэммит, олох араас очуругар оҕустарбыт, ону тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон В.А. Петрова аатынан Ньурбатааҕы интэринээт-дьиэҕэ олохсуйан олороллор.
Күн бэҕэһээ, Сунтаар улууһуттан, Ымыычаан Дэлэгэй Хадан уола суоппардаах 6 киһилээх дэлэгээссийэ, интэринээт-дьиэҕэ көрүүгэ-харайыыга сытар биир дойдулаахтарын, Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээн кэллэ. Маннык көрсүһүү үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар эбит буоллаҕына, бүтэһик сырыыга хамсык ыарыыта уонна кэккэ биричиинэлэр мэһэйдээннэр, сырыы тохтоон турбута. Ол да буоллар, аҕам саастаах дьоммутугар болҕомто уҕараабатын биллэрэн, сырыы хаттаан сөргүтүлүннэ. Ньурбатааҕы интэринээт-дьиэҕэ Сунтаар улууһуттан көрүүгэ-харайыыга наадыйар, уопсайа 20 кырдьаҕас сытар. Бу күн, кинилэри Сунтаардааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Михаил Тимофеев, улуус дьаһалтатын социальнай отделын салайааччыта Тамара Иванова Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээтилэр. Улуус дьаһалтатын аатыттан интэринээт-дьиэ дириэктэригэр Данил Ивановка махтал тыллары этэн туран, көмүс кыырпаҕынан ойууламмыт, Сунтаар улууһа дьарылыктаах сахалыы чороон бэлэх ууннулар. Итини тэҥэ, кырдьаҕастарга сойбот сонуннаах «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын түҥэттилэр. Кинилэр төһө да үчүгэй көрүүгэ, бэлэм, сылаас дьиэҕэ-уокка олордоллор, дойдуларын ахталлара ханна барыай. Хаһыаты илиилэригэр тутаат, буола турар тэрээһиннэри, тэттик сонуннары утаппыттыы, ааҕан бардылар. Өссө, төрөөбүт дойдуларыттан кэһии тутан, оҕолуу үөрэн, сирэйдэрэ сырдаата. Чахчы, бу олус долгутуулаах түгэн буолла. Анаан-минээн көрсүһүүгэ, улууспут чаҕылхай ырыаһыттара Валентина Архангельская уонна Егор Мурзабаев дьоро түгэни өссө киэргэтэн биэрдилэр. Интэринээт олохтоохторо кыаммакка олорон хааллыбыт, сааһыра бардыбыт диэбэккэлэр, сүһүөх уйарынан ырыа алыбар куустаран, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үҥкүүлээн битийдилэр. Бу буоллаҕа, киһиэхэ кыра да болҕомто баара. Түгэнинэн туһанан, аҕам саастаахтарга кэһии ыыппыт нэһилиэктэргэ, махталларын тириэрдэллэр.
Көрсүһүү түмүктэнэр чааһыгар В.А. Петрова аатынан Ньурбатааҕы интэринээт-дьиэ дириэктэрин Данил Валерьевич Иванову кытары кэпсэттибит.
«Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1996 сыллаахха арыллыбыта. Ньурба оройуонун оччотооҕу баһылыга Варвара Петровна Андреева интэринээт-дьиэ арыллыытыгар быһаччы үлэлэспитэ, элбэхтик көмөлөспүтэ. Онон, интэринээт-дьиэҕэ В.А. Петрова аата иҥэриллибитэ. 2014 с. икки мэндиэмэннээх таас дьиэ тутуллан киирбитэ. Билигин 115 куойка миэстэлээхпит, 68 үлэһиттээхпит, ол иһигэр 35 медецина үлэһиттэрэ күнүскү-түүҥҥү симиэнэҕэ солбуһан сылдьаллар. Интэринээт олохтоохторо күннээҕи түбүктээхтэр. Ол курдук, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ дьуһуурустуба олохтоон, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмө буолаллар. Этэргэ дылы, кинилэр дьиэлэрэ-уоттара буоллаҕа. Маны сэргэ, кыра хаһаайыстыбалаахпыт. Ол курдук, араас оҕуруот аһын үүннэрэбит уонна сибиинньэ ииттэбит. Онтуларын бэйэлэрэ көрөллөр-харайаллар. Биһиэхэ Минтруд хамыыһыйатын нөҥүө путевканан араас улуустартан көрүүгэ-истиигэ наадыйар, кырдьаҕас уонна кыаммат, инбэлиит дьон кэлэллэр».
Бу курдук, интэринээт үлэһиттэрэ социальнай-реабилитационнай, медецинскэй, психологическай өҥөлөрү оҥороллор, көрөллөр-истэллэр, олохторун уһатарга кыһаллаллар. Кыаммат кырдьаҕастары уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьону кытары үлэлиир манан аҕай дьыала буолбатаҕын бары да өйдүүбүт. Сылаас, истиҥ сыһыаннаах, кыһамньылаах үлэһиттэргэ биһиги махтаныах эрэ тустаахпыт.
Елизавета ТИТОВА