Арыгыны амсайымаҥ!
Арамаанап Айдаар Арыйаанабыс алаадьы аһылыктанан, атастарынан атааттаран, ахсынньыга Атамайга аллаах атынан аһыы ас арааһын атыылаһа аттанна. Ата Алаҕаркаан атаралаан ахсымнык айаннатта. Айдаар аара айаҥҥа аҕыс алаадьытын аһаата. Араҕас арыылаах алаадьы аһыырга астык. Аҕыйах аһыы астааҕын Арамаан амтаһыйа-амтаһыйа амсайда. Аһаан айбардаан, алтан аарыга аарыгырда. Атыгар аа-дьуо айгыстан ахчаҥнаата. Арай арҕааттан атаһа Арсыын Айаал айдааран, алларастыы-алларастыы, ахталыйда. Айдаардаах Айаал аһыы астарын аһаан ампаалыктаннылар. Айахтарыттан арыгылара аҥкылыйда. Алдьархай ааҥнаата. Аттара аччыктаатылар. Атастыылар араастаан айдаардылар. Аараттан алдьаныах атастыылары Айаал аҕата Арчын абыраталаата.
Атастаар, арыгыны амсайымаҥ! Арыгы ас ахсааныгар ааҕыллыбат.
Попов Рудик, 10 кылаас,
А.К. Акимов аатынан Күүкэй политехническай оскуолата.
Баһылайап Баһылай
Бүгүн Баһылайап Баһылай балыыһаҕа барыан баҕарда. Былырыыҥҥыттан быһа балыыһаҕа барбатаҕа быданнаата. Буута быстарынан батыччахтаан бараары, бадарааҥҥа батылынна. Баһылай барахсан барыта бары бадараан буолла. Баһылайап Баһылайбыт баанньыкка барда. Баанньыктанан баран, балыыһаҕа бырааска быһааттара барбыта.Бараат, бырааска боппуруос биэрбитэ. Баһылай биэс биинтэ баҕарбыт буолан биэрдэ. Баһылайап Баһылайбыт биинтэлэрин булан, балтыгар Биэрэҕэ Балаҕаннаахха Бииктэринэн бырахтарда. Балта Биэрэ- Балаҕаннаах бастыҥ биэкэрэ. Баһылай балтыттан биэс бухаанка бэриһиннэрдэ. Быйыл балтыгар Биэрэҕэ биһилэх бэлэхтээтэ. Биэрэ Баһылайга баһыыбалаата. Баһылай бакаалаһан баран, Бииктэрдиин бардылар.
Алексеев Федя, 6-с кылаас,
А.К. Акимов аатынан Күүкэй политехническай орто оскуолата.