Сэбиэскэй кэмҥэ Сунтаар оройуонун сопхуостара үүт, эт аһылыгынан алмаас бырамыысаланнаһын үлэһиттэрин хааччыйар соруктаахтара. ССРС былааныттан саҕалаан дойду бары тэрилтэлэрэ биэс сыллаах, биир сыллаах былааннарга олоҕуран үлэлииллэрэ. Оройуон сопхуостарыгар: Ленин орденнаах Элгээйи сопхуоска Моисеев Прокопий Семенович, Бордоҥҥо – Николаева Нина Сергеевна, Кириэстээххэ – Гуринов Нестер Васильевич, Тойбохойго – Петров Модест Антонович, Исаков Георгий Федорович, Акимов Александр Константинович кылаабынай экономистарынан үлэлээбиппит. Управление кылаабынай экономиһа Спиров Михаил Васильевич киэҥ билиилээх, ирдэбиллээх салайааччыбыт уонна улахан сүбэһиппит этэ.
Сопхостар сыллааҕы былааннарын түмэн биир оройуон былаанын сопхуостар кылаабынай экономистара бары мустан көмөлөөн, сүбэлэһэн оҥорорбут уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр илдьэн көмүскээн кэлэрбит. Отделениелар, биригээдэлэр сыллааҕы былааннарын тохсунньу ый иһинэн тиэрдэр этибит.
Мин 1971 сыллаахха Москваатааҕы К.А. Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятын экономист идэлээх бүтэрбитим уонна “Тойбохой” сопхуоска кылаабынай экономиһынан анаммытым. Дьэ, онно билбитим тыһыынчанан араас идэлээх үлэһиттээх улахан сопхуос сыллааҕы былаана хайдах оҥоһулларын. 40-ча таблица ис хоһооно тугун, туохтан турарын, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэрин, хайдах расчеттар оҥоһуллалларын барытын дьиҥ-чахчы суоттаан, производство нюанстарын учуоттаан, суоттаан киллэрии экономист үлэтин сүрүн көрдөрүүтэ буоларын. Ол мындырдарыгар улахан сүбэһитим, Сунтаар управлениетын кылаабынай экономиһа Михаил Васильевич Спиров этэ. Бу расчеттары оҥорууттан билэҕин, сопхуос рабочайдара хайдах үлэлээн хамнас аахсалларын, эт-үүт себестоимоһа былаан 13 таблицатыгар хайдах киирэрин…
Сопхуос оҥорор бары бородууксуйатыгар – от, сиилэс, бурдук о.д.а., оттук мас, тутуу маһын бэлэмэ, тыраахтар, массыына үлэтэ – э/ганан, т/километрынан – бэйэҕэ турар сыаналара биир харчытыгар диэри суоттанан сүрүн бородууксуйа – эт-үүт себестоимоһыгар расчет быһыытынан киирэллэрэ.
Ханнык да хаһаайыстыбаҕа ааҕан-суоттаан үлэлээһин, оҥоһуллуохтаах үлэлэргэ нормативтары оҥорон, ону түмэн, сыллааҕы былааны ылынан, ол былааны толорон, сөптөөх үбү-харчыны ороскуоттаан эрэ үлэлээтэҕинэ сопхуос туруктаах буолара. Квартал, сыл түмүгүнэн экономическай анаалыстары оҥорон, онно үүт-эт оҥоһуута, привес ылыыта үп-харчы киириитэ, ороскуота, үлэ оҥорон таһаарыыта, хамнас ороскуота, бородууксуйа бэйэҕэ турар сыаналара анализтанан үлэһиттэр мунньахтарыгар дьүүлгэ таһаарыллар этилэр.
Мин “Тойбохой” сопхуоска, кэлин агрофирмаҕа алта дириэктэри кытары кылаа бынайэкономиһынан үлэлээбитим. Тойбохой, Маар Күөл нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕобун, үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэбин.
Модест ПЕТРОВ