Кулун тутар 22 күнүгэр В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар «Айымньыта суох учуутал суох» регионнааҕы бэстибээл чэрчитинэн аһаҕас уруоктар ыытылыннылар.
Үһүс түһүмэххэ кыттааччылар сатабылларын уонна араас ньымаларын көрдөрдүлэр. Хас биирдии хамаанда бэйэлэрин талааннарын көрдөрөн, оонньуу нөҥүө саҥа билиини-көрүүнү оҕолорго иҥэрдилэр. Ол кэннэ бэстибээл төрдүс түһүмэҕэр «Өркөн өйгө» кытыннылар. Кыттааччылар уопсайа аҕыс түһүмэххэ тургутууну аастылар. Ону таһынан, алын сүһүөх кылаас учууталлара үлэ босуобуйатын быыстапкатын туруоран киэҥ интэриэһи тартылар.
Бэстибээл ыалдьыттара Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын уонна С.А. Зверев аатынан түмэллэригэр сырыттылар.
Дьүүллүүр сүбэ икки күннээх үлэ түмүгүн маннык таһаарда:
3 истиэпэннээх лауреатынан Элгээйи куустатын холбоһуктаах хамаандата;
2 истиэпэннээх лауреатынан — В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын хамаандата;
Кыайыылааҕынан, 1 истиэпэннээх лауреатынан Үөһээ Бүлүү улууһун алын кылаас учууталларын холбоһуктаах хамаандата буоллулар.
Ону таһынан анал ааттар иҥэрилиннилэр:
«Профессионализм» анал ааты — Ньурба гимназиятын алын сүһүөх кылаас учууталларын хамаандата;
«Педагогическое творчество» анал ааты — Бүлүү улууһун алын кылаас учууталларын хамаандата;
«Компетентность» анал ааты — Ньурба үһүс нүөмэрдээх алын сүһүөх оскуолатын хамаандата ылла.
«Айымныта суох учуутал суох» бэстибээл алын кылаас учууталларын сомоҕолоһууларын биир көрүҥэ буолла. Кыттааччылар айымньылаахтык үлэлииргэ күүһү-уоҕу ыллылар. Бэстибээл айымньы — үүнэр көлүөнэ ситиһиилээх личность буола улаатарыгар туспа үөрэх ньымата буоларын бигэргэттэ.
Үөрэҕирии салалтатын пресс-сулууспата