“Эбээм эриэккэс хоһоонноро” диэн бэрт истиҥ, эйэҕэс ааттаах хоһоон хомуурунньуга күн сирин көрдө. Бу кинигэни ааптар сиэнэ Юлиана Рассадина-Юана эбэтэ 85 сааһын туолар кэрэ-бэлиэ күнүгэр бэлэх оҥорон бэчээттэтэн таһаарда.

Хомоҕой хоһооннордоох хомуурунньукка үрдүкү категориялаах бибилэтиэкэр, СӨ норуот үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕирии ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Зинаида Егоровна Николаева 60-ча хоһооно киирбит. Зинаида Николаевна өр кэмҥэ нэһилиэк дьахталларын  сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кини уопсастыбаннай үлэҕэ өрүү көхтөөх, “Алаас” бэтэрээннэр ансаамбылларыгар  киирэн күн бүгүҥҥэ диэри ыллыыр-туойар, араас тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар. Айар куттаах Далбар Хотун хоһоонноро төрөөбүт тылга, дьиэ кэргэҥҥэ, тулалыыр айылҕаҕа анаммыттар, ааҕааччыны кэрэҕэ ыҥырар, истиҥ сыһыанынан илгийэр тыыннаахтар. Аан тылыгар Юана бэлиэтээбитинии эбээ хоһоонноро оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэлэх буолар аналлаахтар.

Эбээҕит эһиэхэ таптала

Өрүү арыаллыы сылдьыаҕа.

Туохтан да чаҕыйбат тулууру

Эһиэхэ иитиэхтии сылдьыаҕа, –

диэн Зинаида Егоровна “Сиэннэрбэр” диэн анабыл хоһоонугар эппитинии, хоһоон гына тиспит алгыстаах тыллара сиэннэрин өрүү харыстыы, араҥаччылыы сырыттыннар. Уран тыл умсулҕаныгар кутун туттарбыт айааччы бастакы хомуурунньугуттан кынаттанан, өссө да үгүһү айан, суруйан, элбэх кэрэни кэпсиир, кэрэхсэтэр хоһоонноро ааҕааччыны үөрдэ турдуннар.

Марфа ИВАНОВА

Читайте дальше