Дьэ олохпут балысханнык, түргэн тэтимнээхтик тигинэччи ааһан иһэргэ дылы. Мин билигин 64 саастаах киһи оннук кырдьаҕас курдук буолбатахпын эрээри, дьэ технология буоллун, туох буоллун сайда бөҕө турар. Холобур, сибээһи ылан көрүөх. Билигин суотабай сибээс үөдүйэн оннооҕор видеонан төлөпүөннэһиэххэ сөп дьэ, бу маны «до чего техника дошла!» диэххэ сөп. Билиҥҥи мин саастыы көлүөнэҕэ, дискэбэй стационарнай төлөпүөн аҕыйах ыалга баара дии? Онтон кэлин били «senao» диэн этэ дуу, араадьыйа төлөпүөн…билигин номнуо ытыс саҕа, боруобата суох араас функциялаах сибээс — суотабай үйэтэ. Бэртээхэй кэмҥэ олоробут. Ити киирии тыл курдук.
Дьэ, итиннэ даҕатан дьон, ордук бу биһиги кэм оҕолоро, «сэбиэскэй» иитиилээхтэр диэххэ дуу, ити үлүгэр сайдыыны кытта хомойуох иһин үгүспүт сайдыбат. Уопсастыбаҕа көхтөөх, түмсүүлээх буолуу көстүүтэ аҕыйах. Урут диэххэ, барыта кэлэктиип иһигэр кыһалҕалаах боппуруостар туруоруллан, уопсастыба бүттүүн быһаарарга үлэлэһэр, үөскээбит кыһалҕаны төрүөтүн булан ону быһаарыыга биир сомоҕо «коллективный дух» диэн биир тыын баара. Харчы эрэ туһугар буолбакка, олорор түөлбэ, сылдьар уулусса ыраас, тупсаҕай буоларыгар күнү-дьылы, үлэлиир чааһы, хамнаһы аахсыбакка ис сүрэхтэн хамсыыр киһи аҕа көлүөнэҕэ элбэх этэ. Ааһан иһэн сууллаары, түһээри турары көннөрөн, бу атын дьон дэҥнэниэ диэн, суоппардар ордук улахан тиэхиньикэлээхтэр кэлэ — бара сылдьар сирдэрин колеялаабакка ааһаллара, суолу-ииһи тыраахтыыр тэҥнээн ааһара. Билигин бэйэмсэх буолуу, «үлэм чааһа бүттэ, мин эбээһинэһим буолбатах, миэнэ буолбатах» диэбит курдук санаалаах дьон хомойуох иһин дьэ баар.
Урукку өттүгэр улууһум хаһыатын мин атыылаһан хам-түм ааҕар этим. Бу сааскыттан олорор аадырыһым уларыйан суруттарар буоллум. Хаһыат кэлэрэ дьэ үчүгэй. «Сунтаар сонуннара» хаһыат балаҕан ыйын 22 күнүнээҕи нүөмэригэр улахан боппуруостар, сытыы кыһалҕалар таарылыннылар. Хаһыат билиҥҥи технология сайда турар кэмигэр тахсар ахсаана лаппа үрдүгүн хаһыат бүтэһик лииһигэр бу сырыыга көрөн, хайдах эрэ хайгыы, дойдум хаһыата интэриниэт үйэтигэр барбахтаһар эбит диэн киэн тутта санаатым. Ис хоһооно араас араҥаны арыйан нэһилиэнньэҕэ, чуолаан ааҕааччыга туһалаах гынан оҥорон таһаарыыта бу бэрт үчүгэй дьыала. Дьэ, ити күн ахсын күөрэйэр кыһалҕа — киһи бөҕү таһаарыыта, ону дьаһайыы уонна бас баттах барбыт хаһаайыннаах ыттарбыт. Ити суруйуулары аахпыт билсэр дьонум араастаан ылыналлар, ким эрэ «дьэ бэртик суруллубут», оттон ким эрэ «бөҕү тиэйиигэ тоҕо харчы төлүөхтээхпиний, эбээһинэстэрэ, мин оччо бөҕү таһаарбаппын, босхо сылдьар ыттары өлөртүөххэ эрэ наада, дьаһалталар дьаһайар эбээһинэстэрэ о.д.а» дэһэллэр. Билэбин, хас биирдии киһи санаата туһунан. Ол эрэн, доҕоттоор, бу тыһыынча кэриҥэ сурутааччылаах хаһыат күндү ааҕааччылара! Итинник өйдөөх-санаалаах доҕоттор! Ким туох эбээһинэстээҕин туораттан ыйар, дьаһайар олуона, оттон эһиги, бэйэҕит туох эбээһинэстээххитин тоҕо билбэккит?
Ити ыстатыйалар ааптардара сөпкө этэр, тоҕо ким эрэ кэлэн дьаһайыахтааҕый, саһа сытан бассаап нөҥүө наар куолулааһын, биритиэнсийэлээһин өрө күөрэйэрий? Тоҕо бу дьон уопсастыба, ол уулуссаҕа кутталы үөскэтэр тиэргэҥҥэ турбат ыттары муҥ саатар бэйэлэрин ыттарын тиэргэнтэн таһаарбат туһугар хамсанан, толкуйдаан да көрбөттөрүй? Оҥоһуллар өҥө (бөҕү тиэйиигэ) хайдах төлөнүө суоҕай? Тиэхиньикэ салгынынан сылдьыбат, үлэһиттэр эмиэ хамнастаныахтарын, аһыахтарын-таҥныахтарын наада буоллаҕа. Ким, туох босхо хамсыай туора дьон бөҕүн-саҕын дьаһайыыга! Ити үөһэ суруйуубар сайдыы диэн мээнэҕэ киллэрбэтим. Олохпут сайдыытын кытта бу биһиги көлүөнэ дьон ситиспэппит, найылаһыыны, сэлээннэһиини элбэхтик бэлиэтии көрөбүн. Олохтоох дьон үчүгэй баҕайытык уулуссаларын, уопсай дьиэ олохтоохторо субуотунньуктары тэрийэн хомунууга саараама, кыттыспаттар, кыттыһара да ахсааннаах. Хас биирдиибит итинник бэйэмсэх буоллаҕына сайдыах оннугар кэхтиэхпит. Үчүгэй баҕайы түмсүүлээх түөлбэлэр, кэлэктииптэр бааллар бөҕө. Хас биирдии киһи арыый уһуктара, арыый эппиэтинэстэнэрэ буоллар олохпут, ким эрэ олоҕо буолбатах, бу биһиги, сунтаардар олохпут сайдыа этэ. Кэккэ сылларга үтүмэн үлэ бөҕө барар, тыа сиригэр тутуу бөҕө барар, хамнаспыт кыра, бэнсиин сыана о.д.а диэн муҥатыйыы, үлэлиир дьону хоруотааһын олус элбэх. Олохпут оннук мөлтөх эбитэ буоллар, сунтаардар сатыы сылдьыа этилэр, суох, массыына наһаа элбэх, маҕаһыын эмиэ элбэх, ол аата харчы хамсыыр буоллаҕа!
Санаа-оноо буулаабытын ити ситимнээн суруйа-бичийэ сатаатым. Доҕоттоор, күндү ааҕааччылар, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах буолуоҕуҥ, бэйэбитин маҥнай көрүнүөҕүҥ, олох сайдыытын ситэ сатыаҕыҥ, тула өттүбүтүн хомунан, кыра умайар бөҕү-саҕы гараж, баанньык оһоҕор уматан, айылҕаҕа сырыттахха бэйэ кэнниттэн ону-маны хаалларан, күөх суугуҥҥа сыбаалка оҥорумаҥ, ыт, куоска иитээччилэр биирдэ төлөөн кыылгыт төрүүр-ууһуур дьылҕатын быһаарыҥ (стерилизация, кастрация). Төрөтө, төрөтө куоска, ыт оҕолорун онно-манна быраҕан, батара сатаан бэйэҕитин да, тулалыыр эйгэҕэ да кытаанах кыһалҕаны үөскэтимэҥ. Ол уулуссаҕа сылдьар ыттары олохтоох дьаһалта баҕарбытын да иһин барытын суох гыммат, онно эмиэ биһиги курдук дьон үлэлиир. Кыһалҕа элбэх. Хас биирдии киһи бэйэтиттэн саҕалаатаҕына эрэ үтүө өттүгэр өрүттүөхпүт. Кыралаан кыаллан, сатанан иһиэ буоллаҕа. Босхо эрэ, биллибэт эрэ диэн бассаап нөҥүө куолулаан бүтүөҕүҥ.
Петр НЕУСТРОЕВ, бэтэрээн педагог