Ытыктабыллаах суруналыыстар, бэчээт, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр, тохсунньу 13 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр идэлээх күҥҥүтүнэн «Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын ааттарыттан эһиэхэ итии-истиҥ эҕэрдэбитин тириэрдэбит!
Бу үтүө бырааһынньык бэчээт дьыалатыгар сыһыаннаах бөрүө уонна бэчээт кыһатын үлэһиттэрин, полиграфистары барыларын түмэр. История кэрэһилииринэн, бу күн 1703 с. Петр I уурааҕынан «Ведомости» диэн бастакы хаһыат бэчээттэнэн тахсыбыта. Бэчээт күнэ 1917 сыл кэннэ, сэбиэскэй «Правда» хаһыат тахсыбыт ыам ыйын 5 күнүгэр көһөрүллэн Сэбиэскэй Бэчээт күнэ диэн ааттана сылдьыбыта. 74 сыл буолан баран, 1991 с., РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума бу бэлиэ күнү тохсунньу 13 күнүгэр бэлиэтиири төнүннэрэр уураах таһаарбыта. Ол кэмтэн саҕалаан билиҥҥээҥҥэ диэри дойдубутугар бэчээт өҥөтө сайдан кэллэ.
Айар-тутар сыралаах үлэҕит норуоту иитэр-такайар, норуот санаатын көтөҕөр, куйаарга тилийэ көтүтэр күүскүт, иитиэхтиир иэйиигит уостубатын, өрүү күөстүү оргуйдун диэн ыра санаабытын этэбит. Үлэлээбит үлэҕит таһаарыылаах буоллун, айымньылаах сүҥкэн кылааккыт ааккытын ааттата, үйэлэри муҥурдаан норуот өйүн-санаатын байыта туруохтун.
Анатолий ГРИГОРЬЕВ, Сунтаар улууһун баһылыга.
Ульяна ПОПОВА, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.