Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар «Бастакы хардыылар» диэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста. Манна улууспут бары нэһилиэктэриттэн уонна Сунтаар иһинээҕи оҕо уһуйааннарыттан элбэх оҕо тоҕуоруста. Икки бөлөҕүнэн хайдан (улахан бөлөх, оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөхтөр) дакылааттары аахтылар. Барыта 56 сайаапка киирбититтэн 50 үлэ көрүлүннэ. Оҕолор бэйэлэрин билиилэрин, чинчийиилэрин төрөөбүт тылларынан сахалыы кэпсээтилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Улахан бөлөххө дьүүллүүр сүбэнэн «Туллукчаан» оҕо саадын методиһа Валентина Сергеева, «Сардаана» оҕо саадын үрдүк категориялаах иитээччитэ Оксана Семенова уонна 1-кы нүөмэрдээх оскуола логопеда Света Осипова үлэлээтилэр. Ол түмүгэр:
I миэстэни – Дорофеева Валерия, 5 саастаах. Тиэмэтэ: «Оҥоойу. Оҥоойуттан харыстаныы». 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
II миэстэ – Назарова Алеся, 5 с. Тиэмэтэ: «Хабылык — өбүгэлэрбит оонньуулара». 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
II миэстэ – Чахов Ваня, 5 с. Дакылаатын тиэмэтэ: “Олоҥхо — саха норуотун бастакы айымньыта”. «Ёлочка» оҕо саада, Элгээйи сэл.
III миэстэ – Егоров Максим, 5 с. Тиэмэтэ: «Джунгарскай хомяктар» 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
III миэстэ – Евсеева Маша, 5 с. Дакылаатын тиэмэтэ: “Кэччэгэй балыксыт” остуоруйаҕа киһи майгытын көстүүтэ».
Бэлэмнэнии бөлөххө дьүүллүүр сүбэнэн Урсууна Фёдорова, Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сүрүннүүр үлэһитэ, Луиза Иванова, «Солнышко» оҕо уһуйаанын методиһа, Валентина Софронова, «Сардаана» оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйи иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы, дакылааттары иһиттилэр, көрдүлэр. Ол түмүгүнэн:
I миэстэ – Никифоров Кирилл, 6 с. Дакылаатын тиэмэтэ: «Мин дойдум дьоруойа — Дмитрий Егоров», Уһун Күөл сэл. «Сулусчаан» оҕо саада.
II миэстэ – Данилов Тимур, 6 с. “Музыка киһиэхэ дьайыыта” 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
II миэстэ – Семенова Ариана, 6 с. «Удьуор утума, дьиэ кэргэн идэтэ», Дьаархан сэл.
III миэстэ – Степанова Элла, 6 с. “Харчы хайдах үөскээбитэй?” Элгээйи сэл. “Ёлочка” оҕо саада.
III миэстэ – Рожина Каролина, 6 с. “Төрүт дьарык — дьиэ кэргэн тутула” 7 №-дээх “Солнышко” оҕо сайдар киинэ буоллулар.
Түмүк оскуола аактабай саалатыгар буолла. Эҕэрдэ ырыаларын оскуола үрдүкү кылаас оҕолоро бэлэхтээтилэр. Ол кэннэ ойуулук персонажтара кэлэн конференция кыттыылаахтарын үөрүүлэрин өссө үрдэттилэр. Оҕолорго барыларыгар туоһу сурук уонна бириис туттарылынна.
Инникитин маннык тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тылынан саҥа арыйыыларын кэпсиир үлэ, дакылааты ааҕыы хас да секциянан барара буоллар диэн баҕа санаалар этилиннилэр. «Оччотугар элбэх оҕо миэстэлэһэн инники көҕө ордук үрдүө этэ» диэтилэр.
Урсууна ФЕДОРОВА,
үөрэҕирии управлениетын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ