«Бастыҥнар хамсааһыннара» бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Диана Красовская көҕүлээһининэн төрүттэммитэ. Диана Красовская — «Большая перемена» күрэс кыттыылааҕа, 7-с кылаас оҕото, элбэх оҕо санаатын түмэр, патриотическай иитиини өйүүр хамсааһыны тэрийиэххэ диэн этии киллэрбитэ. «Мин оҕолору биир улахан хамсааһынынан түмүөхпүн баҕарабын» диэн Владимир Владимирович Путиҥҥа этиммитин, дойду Аҕа баһылыга толору өйүүрүн биллэрбитэ. Дойду хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ Григорий Гуров буолар. Билигин “Бастыҥнар хамсааһыннара” 7 мөл. тахса оҕону түмэр, сайыннарар.
Сунтаарга “Бастыҥнар хамсааһыннара” 2023 сыл олунньу ыйыттан тэриллэн, үлэтин от ыйыттан саҕалаабыта. Билигин улууска 2 куратор үлэлиир – Мария Егорова уонна Лена Семенова. “Бастыҥнар хамсааһыннарын” сэбиэтин бэрэссэдээтилинэн мин — Иванова Лидия, СПТЛ-И 9-с кылааһын үөрэнээччитэ буолабын. Хамсааһыҥҥа биир сыл иһигэр 1200 оҕо уонна улахан киһи араас таһымнаах бырайыактарга кытыннылар. Уопсайа Сунтаар нэһилиэгин активистарын кэккэлэригэр 71 оҕо сылдьар. Хамсааһын 1 сыл иһигэр элбэх тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта. Ол курдук, Сунтаардааҕы технологическай колледжка профориентационнай коммунарскай сбор тэриллибитэ, Сунтаар күнүгэр парадка кытынныбыт, оҕолорго “StandUp” тэрийбиппит, кыһыны атаарыы тэрээһинигэр кыттыыны ылбыппыт. Онтон да атын тэрээһиннэргэ, аахсыйаларга “Бастыҥнар хамсааһыннара” көхтөөхтүк кыттар. Оҕолор бары тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кытталлар.
Хамсааһын кыттыылаахтара араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, бырайыактарга, аахсыйаларга кыттыыны ылаллар. Холобур, Түбэй-Дьаархан хамаандата Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар «Вызов Первых» диэн спортивнай күрэхтэһиигэ Дьокуускайга баран Сунтаар улууһун чиэһин көмүскээн кэлбиттэрэ. Кутана орто оскуолатын «Северные Орлы» хамаандата дрону салайыы күрэҕэр өрөспүбүлүкэтээҕи этапка 2-с миэстэ ылан, от ыйын 4-8 күннэригэр Казань куоракка Сахабыт сирин аатын көмүскүү барар хамаандалар истэригэр киирбитэ. Захарова Нина олунньу ыйга Москва куоракка ыытыллыбыт «II съезд «Движения Первых» диэн улахан тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн 7 оҕо иһигэр киирэн көхтөөх кыттыыны ылбыта.
Нина СПТЛИ 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Москва куоракка Владимир Путины илэ көрсүбүтүн туһунан бу курдук кэпсиир:
«Это поездка подарила мне океан новых впечатлений. Попасть на Всероссийский съезд «Движения Первых» для меня было очень неожиданно, я даже не рассчитывала на это. За это я благодарна кураторам – Лене Николаевне, Марии Афанасьевне, а так же Айте Гаврильевне, Саргылане Анатольевне. Благодаря съезду я впервые полетела на самолёте, впервые побывала в Москве, встретила наипрекраснейших людей, разных наций и действительно убедилась, что наша страна объединяет в себе так много наций и культур.
На открытии съезда, где видущим был Стас Море, космонавты из космоса передали нам свои пожелания. Это было сверх необычно, общаться с людьми, которые прямо сейчас находятся в космосе. А в конце выступал Ваня Дмитриенко – популярный артист. Заседание II съезда «Движения Первых» – ключевое событие, на котором за внесение правок в устав Движения голосовали 987 делегатов. По итогам голосования, одними из самых важных стали утверждение короткого официального названия организации — «Движение Первых» и увеличилась возрастная граница участников Движения — с 18 до 25 лет, а значит и появилась возможность создания первичных отделений в вузах, у Совета Первых появилась возможность голосовать дистанционно. Больше всего меня потрясло и поразило закрытие II съезда «Движения Первых»! Я не могла сдержать эмоции, моему счастью просто не было предела! Во-первых, нам рассказали и показали в цифрах то, как мы участвуем в проектах. Сколько было отправлено писем на фронт нашим солдатом, сколько участников проекта «Хранители истории» и ещё много всего! «Движения Первых» развивается и с каждым днём очень стремительно двигается вперёд. Также перед нами выступали Аня Клюква, прекрасный певец Родион Газманов, хор Первых.
Моей мечтой была встреча с президентом Российской Федерации, и она сбылась благодаря «Движению Первых»!
Нас пришёл поздравить с окончанием года и огромными достижениями Владимир Владимирович Путин! Вместе с ним мы спели гимн России.
Подготовка и организация была на высшем уровне. Я впервые побывала на таком масштабном мероприятии. Начинаешь любить свою родину Россию ещё больше. Съезд подарил мне невероятные ощущения, эти ощущения самые не забываемые. «Движение Первых» открывает безграничное количество возможностей, придаёт силы идти дальше к своей мечте, развиваться, не бояться ошибок и преград, смотреть вперёд и только вперёд.»
“Бастыҥнар Хамсааһыннара” көхтөөх оҕолоро Иванова Лида, Игнатьева Айгыына уонна Петрова Александра сайын «Время Первых» диэн «Бастыҥнар Хамсааһыннарын» сменатыгар «Сосновый Бор» лааҕырга ыҥырылыннылар.
Маннык оҕо хамсааһына оҕолорго элбэх кыаҕы, билсиһиини, үөрүүнү-көтүүнү биэрэр. Ону тэҥэ, оҕолор бэйэлэрэ тэрээһиннэри ыытан, тэрийэн туохха да тэҥнэспэт сыаналаах баай уопуту ылаллар. Оҕолор үөрэ-көтө, биир да көрсүһүүнү көтүппэккэ кэлэн үлэлииллэриттэн үөрэбит, салгыы “Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” сылдьан ылбыт билиилэрэ, таһымнара олохторугар тирэх буолара саарбаҕа суох!
“Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” үөрэ-көтө кыттыс, иллээх-эйэлээх, көхтөөх хамаандабытыгар холбос!
Лидия ИВАНОВА, оҕолорго “Бастыҥнар хамсааһыннарын” бэрэссэдээтэлэ.