Бастакы алмаас көстүбүтүгэр аналлаах кинигэ быыстапката

«Күн тааһа – үйэ арыйыыта» диэн Кириэстээх Арыы Чаайыттан Саха сиригэр бастакы алмаас булуллубута 75 сылыгар аналлаах кинигэ быыстапката Леонид Попов аатынан улуус киин бибилэтиэкэтигэр турда. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр 1949 сыллаахха алмааһы хостооһуҥҥа олохтоох нэһилиэнньэ кыттыбыта биллэр. Күнүгэр сөп түбэһиннэрэн  бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кэлбит дьоҥҥо кинигэлэри билиһиннэрдилэр, баар чахчылары кэпсээтилэр. Кинигэ быыстапката ый устата туруоҕа.

«Сунтаар сонуннара»